Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 2 чааһа. Иван Андросов-Айанньыт

Читать онлайн.
Название Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 2 чааһа
Автор произведения Иван Андросов-Айанньыт
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-5857-0



Скачать книгу

билиэм суоҕай? Хаар эбэ буолан көтөн тиийбиппин, дуорааннаах тыаһынан үүрдүлэр… Ыраахтан силистээх-мутуктаах саха урааҥхайдара. Били, Куйарха Хоһууну буор сирэйдээбиттэр иһэллэр… Төһө даҕаны кырыйдар, үөһэттэн айдарыылаах ойууннаахтар. Атахтарын сотолоро, илиитин харылара кыа хаантан кытарымтыйан көстөр боотур баадаҥныыр. Хагдаҥ эһэни хаһыытынан куоттарар, бүтэй эттээх киһи түөрэҥкэлиир… Сүгүрүйэ, көрдөһө буолбакка, тэҥнээхпитин курдук кэпсэтэ иһэбит дииллэр даҕаны, ол боотуртан өлүү тыына аргыйда… Чэ, мин даҕаны баарбын, билэн-көрөн иһэр инибит.

      – Хайдах-туох көрсөбүт, ол билэҥҥин, тугу тобуллуҥ? – Суор Тумус өссө даҕаны уоттаах харахтарынан Мэдэйэ ойууну өтөрү-батары, үөһэттэн аллара көрөн түһэрдэ.

      – Эйэлээхтик иһэллэр. Ол эрээри, сирбитин-дойдубутун баһылыырдыы санаммыт урдустар. Кинилэри нөрүйэ, хары тутуһан, уруйдаан-айхаллаан көрсүмүөҕүҥ. Дойдулаах, сирдээх-уоттаах дьоҥҥо кинилэр сүгүрүйдүннэр… Эн кинилэри ыраата барбыт Көчүгэн оҕонньордоох улахан тордохторугар түһэр, ол кураанах турар. Киһи көрбөтөҕүн көрөр, истибэтэҕин истэр, сытыы-хотуу, сахалыы билэр хитэни асчытынан анаа. Куолакы Хоһуун хитэнэ бэрт этэ, – дии-дии, диэл таһыгар кэпсэтииттэн ымыттан даҕаны көрбөккө олорор Куолакы Хоһууну сэтэрээбиттии көрөн ылла. – Тордоххо туох буоларын, тугу кэпсэтэллэрин истэ-билэ олоруо этибит. Онтон атыныгар кыттыһыма. Айылгылаах дьон бэйэбит кэпсэтиэхпит… Күн иккис утуйуутугар хайдах арахсарбытын биллэриэм. Оччоҕо быһаарыныыны эн ылыныаҥ. Бүгүн киэһэ тордоххо дьону мус. Көрү көрдүннэр… Ким кыаҕын көрдөрбүт, кэпсэтиини иилиэ-саҕалыа, – диэн ымах гынаат, эргичийэ түһэн, тахсан барда.

      – Куолакы Хоһуун, сэргэх инигин? Уолгунан ураһаны дьаһайтар, аста буһартар. Көчүкэн ураһатын түүннэри-күнүстэри кыраҕытык манат. Хайа даҕаны түгэҥҥэ, үһүс күн төрөөһүнэ, бэлиэ биэриэм. Оччоҕо, тахсыбат гына манаан туран, дьылҕан мастары быһыта охсон саба түһэрэҥҥит тутаттаарыҥ. Онтон көрүөхпүт …

      – Уолбун онно-манна сыһыарыа суох этиҥ, – Куолакы Хоһуун сөбүлээбэтэҕин биллэрэн, умса көрө иэҕэҥнээн ылла. – Мэдэйэ миэхэ таала кырыыламмыта ыраатта. Куйарха Хоһуун дьабыныгар көппүтүгэр кини буруйдаах! Баайга-дуолга ымсыыран, эдэр хоһууннары өлүү айаҕар аспыта… Мин тылбын истибэккэ, Амака Хоһууннаахха саба түһэн, таныар бөҕөтүн тарта дии… Эн кинини олус өрө тутума, баспытынан хаамарын оҥостор, – диэбитинэн, көрүҥэр холооно суохтук, өндөйөн иһэн, атахтарыгар дьирэс гына тура түстэ. Нөрүйэн ылаат, тахсан барда.

      – Кэлбиппитин биллилэр, айанныаххайыҥ, – Лүксүрээн дүҥүрүн сахсыйа туран, Нүһэрги көмөтүнэн, атыгар олордо.

      Бэлэс Боотур ыһыытаан тыынын таһааран, биир кэм бэдьэйэ сылдьан, атын ыҥыырдыы оҕуста. Ыксал тирээтэҕинэ түргэнник ылардыы, ыҥыырын хаҥас өттүгэр батаһын иҥиннэрдэ. Куонньалыгыттан ох саатын сулбу тардардыы, хаппаҕын тиһиликтэрин сүөртэлээн, охтоох кэһэҕин ыҥыырын уҥа өттүгэр ииллэ. Нүһэрги Боотур хайыы үйэ хаана оонньоон, кымньыытын оннугар батаһын сыгынньахтыы тутан, кыргыһыыга киирэрдии, дуулаҕатын