Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 2 чааһа. Иван Андросов-Айанньыт

Читать онлайн.
Название Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 2 чааһа
Автор произведения Иван Андросов-Айанньыт
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-5857-0



Скачать книгу

диэли ис өттүттэн маһынан баттатан, утуйар оннун булла.

      Күүһүн ылан эрэр күһүҥҥү ыас хараҥа, сарсыҥҥы күн хаһан даҕаны үүнүө суоҕунуу, уккунньаҕы сабырыйа барыйбыта. Сарсын, сарсын туох буолар…

      Үөл-дьүөл буолуута, Лүксүрээн сөтөллөн хахсыйа, кырыаламмыт бэргэһэтин кытыытын соттуммахтыы, туран кэллэ. Сыыгыныыр уккунньаҕы мутугунан тэһитэ кэйиэлии, эргитэ-урбата, бэс киһиргэһин уурталаата. Уот ону хабан сирдьигинии, онон-манан быгыалыы, кыһыл тылынан салаамахтаан иһэн, тачыгыраччы күлүбүрүү умайан, ураһа иһин сырдатта. Лүксүрээн уотун көрө, үөһэ ыйаабыт дүҥүрүн ылан, уокка сырайа тута эргичиҥнэттэ. Дүҥүр тириитэ тыҥаан, кыра да таарыйыыттан тыас таһааран, иһиллэр-иһиллибэттик ньириһийбэхтээтэ. «Бээ, бээ, ыксаама… Хоммуттаргын хоҥнор, киртэн-хохтон ыраастан», – диэн ботугуруу, дүҥүрүн сахсыйбахтыы, сирэйин имэрийбэхтээтэ.

      – Боотурдар, уһуктуҥ, туруҥ! Улуу Эбэ иччилэрин айах тутан, алгыс этиэхпин, көрүү көрүүлэниэхпин көстүүлээх сиргэ кутаата оттуҥ.

      – Кырдьаҕаас, хайдах-туох буолуох курдукпутуй? – Бэлэс Боотур олоро түстэ.

      – Түүл, бит-билгэ ханна барыай? – Лүксүрээн көхсүн этиттэ. – Үтэн-анньан көрүөхтэрэ. Кэтиэхтэрэ-маныахтара. Араас албаһынан хараххытын иирдэн, көстүбэт айа кылыытын таарыйтара сатыахтара… Сыалаах-арыылаах аһы сыгынньах тарбахтаргытынан таарыйаайаҕыт. Сэпкитин-сэбиргэлгитин аттыгытыгар чугас тутаарыҥ. Аттары түһүүлэммит ураһабыт таһыгар баайан хоннорооруҥ. Ити миҥэлэрбититтэн улаханнык куттанар кыыллара. Үөһэттэн айдарыылаах Дьөһөгөй оҕолоро дурда-хахха буолуохтара… Туох эмэ буолаары гыннаҕына, бэлиэ биэриэм. Бука ис туругу тургутуһан, үтүһэн-анньыһан, күрэстэһэн эрдэхпит… Миигин көрөөрүҥ-харайаарыҥ. Бэлэһим хаттаҕына, саҥам иһиллибэт буоллаҕына, айахпын атытан, сылаас уута кутаарыҥ… Тоҥон, токуччу тартарбыт даҕаны буоллахпына, куттанымаҥ. Араан иннигэр эргитээриҥ-урбатаарыҥ. Үөһээ айан хаһан баҕарар тымныы буолар… Олох мөлтөөбүппүн көрдөххүтүнэ, Бэлэс Боотур хайдах этигиний? Бааргынан-суоххунан хаһыытаан тоҕо бараар. Миигин эрэ сиэри, кыылын-сүөлүн туһаайан олорбут ойуун, онтон кута ыстаныа… Кыыла-көтөрө, кылгас даҕаны кэмҥэ, күрэнэн ылыа. Дьэ, оччоҕо кэпсэтии атын буолуо… Нүһэрги Боотур уоххун-кылыҥҥын үүннээн-тэһииннээн тутаар. Батаһы, кылыһы кылбаҥнатаҥҥын, өлүүнү бэйэҕэр ылыныаҥ… Сатабылыҥ, күүһүҥ-уоҕуҥ иннигэр. Тургутуһуу хайдах барбытыттан дьылҕабыт тутулуктаныа… Элэтэ.

      Эбэ кытылыгар, көстүүлээх сиргэ, кутаа отуннулар. Лүксүрээн дүҥүрүн уокка сырайа, көрдөһөн-ааттаһан ботугуруу, үрүҥ сиэли уокка биэрэн сырдьыгынатта, сыт-сымар таһаарда. Тилэҕэр тиийэр-тиийбэт үрүҥ сарыыттан тигиллибит ойуунун таҥаһын тилэри кэтэн, дүлүҥ үрдүгэр таба тэллэҕэр олбохтонон олорон, аргыый аҕай дүҥүрүн охсон, лүҥсүйэ онолуйда. Дөрүн-дөрүн өрүтэ уһуутуу ойон туран, дүҥүрдээх, былаайахтаах илиитин өрүтэ уунаҥалыы, илгистэ бэдьэҥэлээтэ. Ол аайы көхсүн күһэҥэтигэр кутаа уота кытарымтыйа ирбинньэхтэннэ. Түөһүн эмэгэттэрэ эйэҥэлэстилэр,