Название | Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 3 чааһа |
---|---|
Автор произведения | Иван Андросов-Айанньыт |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-6132-7 |
– Хаҥалас аҕа ууһун тойоно Тыгын саха урааҥхайдарын холбуу сатыырын истибитим. Ону эйиэхэ даҕаны биэрбит биһилэҕэ туоһулуур. Үгүстэр, өйдөөбөккө, баайын хаҥатта сатыырын курдук саныыллар…
Мин бу дойдуну булуохпуттан арааһы көрө-истэ түстүм ини, түспэтим ини. Билбэхтэһэ сатаатым… Маннык ыһыллан олорон, көрүстэхпит аайытын сэймэктэһэн истэхпитинэ иэдэйииһикпит. Сир үрдүттэн сүтэр кутталлаахпыт… Ону билэн Тыгын Тойон Улуу Или тэрийэ сатыыр. Көмүскэнээри… Дойдулаах биистэри, урааҥхай сахалары тэнитээри. Кини туохтан көмүскүөхтээҕин истэн эрэ дьаарханар… Оттон мин, арҕааттан ааҥныах алдьархайы илэ көрөммүн, иннибин-кэннибин араарбат буолуохпар диэри куттаммыттааҕым… Бүк Бүлүүнэн кээнньэли дьон быгыахтаһан эрэллэр. Ыраахтан силистээх-мутуктаах ураты дьон… Бу хоруоҥка өҥүнүү халлаан харахтаахтар, саһарбыт сэбирдэх баттахтаахтар, атын субалаахтар…
Туоҕа Боотур итини истэн, бүк түһэн олорбут бэйэтэ көнөн кэлбитэ. Лүксүрээн ойуун түүлүн өйдөөн, харахтара кэҥээн ылбыта.
– Син дьон курдук эрээрилэр, дьиҥ чахчы илиэһэйдэр. Илиэһэйдэртэн атыннык ааттаабаппын… Этиҥи, чаҕылҕаны илиилэригэр тута сылдьаллар үһү. Ол баҕайылара дэлби ыстаннаҕына, уотунан уһуурдаҕына, киһи тулуйбат алдьархайа… Ох саа тэбэн тиийбэт ырааҕыттан сотолооҕу, тыатааҕыны тыла суох ыыталлара… Оннук чаҕылҕаҥҥа атаҕын быһа оҕустарбыт туматы илэ көрбүтүм… Бүк Бүлүү кытылыгар олорооччулар куттанан, саллан, түҥкэтэх дьүк сиргэ көһөттөөбүттэрэ. Илиэһэйдэр уунан эрэ сылдьаллара, сыыдам сырыылаах дүлүҥ ааллаахтара. Алдьархай тахсыаҕын, ойууннар көмөлөрүнэн, Айгыр Силик Айылҕа бэйэтэ араҥаччылаабыта. Чаҕылҕан курбуулаан, Сата түһэн, ууга тимирбиттэрэ… – Мукучу Хоһуун сөтөллөн хахсыйбыта. Тыын ылан сыппахтыы түспүтэ. – Баҕайылар өлбүттэрин даҕаны иһин, суолу астахтара. Суолларын батан, эбиллэн, элбэх буолан кэлэр кутталлара баар… Иэдээнэ итиннэ сытар. Сирбитин-уоппутун турууласпатахпытына, көмүскээбэтэхпитинэ, тэпсилгэн оҥостуохтара, аҕа ууһуттан, омугуттан тутулуга суох симэлитиэхтэрэ…
Һуу, һылайдым… Чэгди киирэн сытыардын эрэ, – диэт, өрө тыынан ылбыта, кэтэҕинэн чэҥ муустаах эркиҥҥэ сыстан, харахтарын быһа симпитэ. Барбах сырдыкка иэдэһин уҥуохтара, сымара таастан чочуллубуттуу, чороһо күлүктэнэн тахсыбыттара.
Туоҕа Боотур тордуйа айаҕын сарыынан саба анньан, хааһахха уган, сыҥаһа анныгар аспыта. Тыаһаабатарбын ханнык диэбиттии, сэрэнэн хамсанан, тахсаары оҥостуммута.
– Бээрэ, Туоҕа, ити илиэһэйдэр тиийэн кэллэхтэринэ сэриитэ, кыргыһыыта суох буолбаккыт буолуо… Кыайар, үүрэр уустук буолуо эрээри, айылҕабыт уратытын туһаныах баара… Хараан бырдаҕа үгэннээн турдаҕына, биитэр бытарҕан тымныыга кыргыһан көрүөххэ сөбө буолуо. Аар Айылҕа көмөлөстөҕүнэ эрэ туруулаһар кыахтаахпыт быһыылаах… Чэ, Тыгын Тойон бэйэтэ билиэ… Баҕар, ол илиэһэйдэри кытта биир тылы булан, баһын хоҥкутан көрсөрө дуу…
Мукучу Хоһуун Чэгди көмөтүнэн сытан