Күрэтиллибит таптал. Федот Захаров

Читать онлайн.
Название Күрэтиллибит таптал
Автор произведения Федот Захаров
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 2005
isbn 978-5-7696-2174-5



Скачать книгу

сууттаан, оруосканан таһыйтаран бараннар Лаамыга2 көскө ыыппыттара. Онтон икки сыл буолан баран, ааспыт сайын, эмиэ күрээбит үһү диэн сурах иһиллибитэ. Күһүнүгэр ханна эрэ кинини көрбүттэр, ким эрэ ата сүппүт, биэни ытан баран этиттэн ылан барбыт диэн, үһү-тамах курдук кэпсээн тарҕаммыта. Ону сорохтор итэҕэйбэттэр этэ. Манчаары күрээбэтэҕэ буолуо, бэйэбит уоруйахтарбыт, Манчаарыга балыйтараары, уоран сиэтилэр ини дэһэллэрэ.

      Онтон күһүн буолан хаар түспүтэ. Манчаары ханна да барбыта биллибэккэ, сураҕа да иһиллибэт буолбута. Ол иһин күрээбит үһү диэн сурах сымыйа кэпсээн эбит дэспиттэрэ. Манчаары чахчы сыылкаттан күрээбит үһү, быраабаҕа биллэрии кэлбит диэччилэр эмиэ бааллара.

      Саха киһитэ улахан буруйу оҥорон хаайыыга киирэрэ, сыылкаҕа барара, өссө ол дойдуттан күрээн кэлэрэ диэн, урукку өттүгэр буолбатах түбэлтэ. Ол иһин киһи итэҕэйбэт.

* * *

      Муус устар ый ортотун диэки өр кэтэһиннэрбит ынахтара дьэ төрөөн, үрүҥ аһы сиир буоллулар. Иккис ынахтара эмиэ синньээн эрэр.

      Сааскы ичигэс күҥҥэ эдэр киһи дьиэтигэр тэһийэн олорбот буолар. Бүөтүччээн икки айаны сүгэн тыаҕа таҕыста. Ыарахан бакаайыта уһуллубут ыт батыһаары гыммытын, уһун уктаах холотунан дугдуруйан төттөрү үүрдэ.

      Тыа иһигэр киирдэххэ, күн чаҕылыттан киһи хараҕа сынньанар. Хаар чиҥээбит. Тиит, талах умнаһын тулата быһыта сиэһэн чөнөрүттүбүт. Ол эрээри халыҥа халыҥынан сытар. Хаамарга ыарахан.

      Баччаҕа дьон куобахха айалаабаттар. Оҕонньор айатын эспитэ өр буолла. Билигин күнүһүн сылыта-сылыта түүнүн тоҥорор буолан, хаар үрдэ чиҥээн кытааппыт. Ол иһин куобах ороҕурбат, ханан баҕарар сылдьар. Баччаҕа куобах аҕыйыыр даҕаны. Ханна эрэ баран хаалар. Ол эрээри сүүлэ буолан суола-ииһэ элбээбит курдук. Атыыр куобах ыарҕалаах сиргэ киирэн, күнүстэри сүүрэ сылдьааччы.

      Бу тэҥкэ тыаны аастахха ыарҕалаах силээн кэлэр. Оччо ырааҕа суох сир. Оҕонньор баччаҕа куобах силээн кытыытынан сүүрэр, онно айа тардан өлөрөр баҕайы диэбитэ. Ол иһин үчүгэй ылааҥы күн буолбучча бу баран истэҕэ.

      Байанай биэрдэҕинэ баҕар биир эмэ куобах айатын эһиэ. Билигин аччык кэмҥэ, алҕаска биир эмэ куобах түбэһэрэ буоллар үөрүү буолуо этэ…

* * *

      Ыам ыйыгар ынах төрүүр, балык тахсар, кус элбиир кэмэ. Сандал саас кэлэрэ ордук дьадаҥы дьоҥҥо үөрүүлээх. Кырыа кыһыны этэҥҥэ туораатахтара дии.

      Ыраах Ходоро нэһилиэгин сирэ-дойдута. Дьадаҥы ыал тусаһатыгар туох элбэх күрүө-хаһаа, тутуу диэн кэлиэй – кыбыы, дал, тилэһэ тутуллубут хотонноох балаҕан уонна ампаар эрэ көстөр.

      Дьиэ иһигэр киирдэххэ тирии имитэр талкы, үс атахтаах төгүрүк остуол, аҕыйах олоппос баар. Хаҥас ороҥҥо ыаҕастар, кытыйалар, чабычах, быдараах, хобордоох эҥин көстөр. Холумтаҥҥа уот төлөнүгэр хараарбыт алтан чаанньык ууруллубут. Оһох чанчыгар собохтоох кэлии хоройор. Сыҥаһа ороннорун баһыгар утуйар таҥастара чөмөхтүү хомуллубут. Кэтэҕэриин орон быыстаах. Уонна атын туох да киһи киһиэхэ кэпсиир дьиэ тэрилэ көстүбэт.

      Бу Мэлитэр Тиэхээн диэн киһи дьиэтэ-уота. Ыал үксэ дьадаҥы буолан, син дьон тэҥинэн сананан олороллор. Түөрт ыанар