Название | Күрэтиллибит таптал |
---|---|
Автор произведения | Федот Захаров |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 2005 |
isbn | 978-5-7696-2174-5 |
Аан маҥнай Моорук нэһилиэгин улуу баайа Ыстапаан Искирээбин сүүрбэ биэс биэни, сүүрбэ биэс буут арыыны, биэс мөһөөх харчыны сиэртибэлээбит. Кини кэнниттэн баайдар көҕүһэ-көҕүһэ биэстии сылгыны суруйтарбыттар. Дьадаҥы дьон биирдии ынаҕы сиэртибэлээбиттэр. Түөнүкү атын нэһилиэктэргэ, улуустарга итэҕэллээх дьону ыытан эмиэ сиэртибэ хомуйтарбыт. Түмүгэр, элбэх үп киирэн, Түөнүкү баайа олус хаҥаабыт.
Онтон аны таҥара дьиэтин ханна туттарары быһаараары мунньахтаабыттар. Биир да нэһилиэк сир биэриэн баҕарбат. Үтүө сирдэрэ барыта үллэһиллэн, биирдиилээн баайдар бас билэр сирдэрэ буолбута ырааппыт. Ол дьон сирбитигэр таҥара дьиэтэ тутулуннаҕына, ол таһыгар кэлии дьон олохсуйуохтара, кэлин бэйэбит үтүрүллүөхпүт дии саныыллар.
Түөнүкү эмиэ куоракка киирэр. Онно сэрэбиэй быраҕыҥ диэн сүбэлииллэр. Үс сири талан баран сэрэбиэй бырахпыттара, Бүтэйдээх диэн алааска түбэспит. Онно аҕабыыт бу сири таҥара бэйэтэ талла диэн мэлиибэн ыллаабыт.
Түөнүкү тутуу маһын дьоҥҥо наймылаһан киллэттэрбит. Таҥара дьиэтигэр сөптөөх суон, көнө бэрэбинэни, онтон-мантан ыраахтан булан, тиэйэн киллэрбит киһи биэс уон харчыны ылар. Бүтэйдээххэ тутуу маһа тиэллэн киирбитин кэннэ, күһүн, Тааттаттан аатырбыт маастар ыҥырыллан кэлбит. Ол кэнниттэн тутуу саҕаламмыт. Бастыҥ үлэһит хамнаһа күҥҥэ сүүрбэлии харчы. Сүүс күн үлэлээбит киһи сүүрбэ солкуобайы ылар. Ол – икки ынах сыаната.
Эркинин ортолуу таһааран эрдэхтэринэ, Баһырҕас диэн уус киһи мүччү үктээн, сууллан, тобугун уҥуоҕун үнтүрүппүт. Ол киһи кыстаан баран, сайыныгар, «ырайга тахсыам» диэн эрэнэ сытан өлбүт.
Үс сыл үлэлээн, тас өттүн бүтэрбиттэр. Ис киэргэлин оҥотторорго куораттан үс нуучча киһитин кэпсэтэн таһаарбыттар. Ол дьон эмиэ өр үлэлээн, араас таҥара мэтириэтин оҥорбуттар. Эркинин, муостатын кырааскалаабыттар. Көмүс солотуунан киэргэппиттэр. Үөһээ куупалыгар улахан халанчаны таһаарбыттар.
Барыта бүппүтүн кэннэ, куораттан аккыырай тахсан саҥа дьиэни сибэтии гыммыт. Кэлэн көрбүт дьон сөҕүү-махтайыы бөҕө буолбуттар. Бүтэйдээххэ ырай аһыллыбыт диэбиттэр. Төһө да киһи туппутун иһин, таҥара бэйэтэ көмөлөһөн, маннык оҥоһулуннаҕа дэспиттэр.
Саҥа тутуллубут таҥара дьиэтэ диэн, балаҕаҥҥа үөскээбит ынах этэрбэстээх киһи үктэниэн да кыбыстар, ыраас, сырдык, киэҥ, үрдүк, кырдьык даҕаны, ырай дойдутун курдук килбиэннээх уораҕай буоллаҕа.
Сааһыары, кулун тутар ый ортотун диэки, күн лаппа уһаан, сырдаан, тымныы арыый уҕарыйан, киһи сэргэхсийэр кэмэ кэллэ. Арай ас татыарыйбыта саппаҕырдар. Дьаакыптаах төһө да уһата сатаан сиэбиттэрин иһин, идэһэлэрин этэ бүппүтэ. Сайын хаһааммыт сымалара эмиэ бүтэн эрэр. Арай бэс субата дэлэй да, тардара