Название | Көһөрүллүү |
---|---|
Автор произведения | Василий Гоголев-Уйулҕан |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 2013 |
isbn | 978-5-7696-4185-5 |
Оттон үөһэ туох да буолбатаҕын курдук тэлээрэ дайар элиэни өстөөх, ньиэмэс дьарапылааныгар холуу көрөн, убайа Сүөдэр улахан сэриилэһэр бууска диэн тэргэнинэн сууллары ытыан санаталаан, хотуурун дуускатын ыгыта туппахтаата.
Ити курдук Чурапчы холкуостара Нуотара, Куолума төрдүгэр Тойон арыыга, Хомустаах, Нөдүөттүнэ, Муҥур үрэхтэргэ сыл тахсар оттоноллоруттан санаалара бөҕөхсүйэн, сылайары аахсыбакка, ууларыгар-хаардарыгар киирэн, күүрээннээх үлэ үөһүгэр түбүгүрэ сылдыбыттара.
Уодаһыннаах 213 №-дээх уураах
Атырдьах ыйа үүммүтэ. Сайыҥҥы күн уотун кутааланар сыралҕана арыый сөҕүрүйэн, куорат лааппыларыгар, ларектарыгар бастакы оҕурсу, помидор атыыта саҕаламмыта. Быыллаах уулуссаларынан байыаннай таҥастаах дьон төттөрү-таары аалыҥнаһаллара, хам-хаадьаа массыыналар бирилэһэн ааһаллара. Куорат күндэлэс киэҥ түннүктэрдээх таас дьиэлэрин үрдүнэн сабардаан, сиэрэй күннэр устан испиттэрэ. Биир оннук күн Тулагы-Киллэмҥэ бурдук бааһынатын кытыытыгар буору бурҕатан кэлэн массыына хорус гыммыта. Массыынаттан хас да киһи түһэн, бурдуктаах бааһына диэки хаамсыбыттара. Инники испит киһи төҥкөс гынан курааннаабыт бурдук куолаһын ытыһыгар сыыйа тардан ылан, онтун одуулаһа турбута. Кэннинээҕи дьоно эмиэ, кинини үтүктэрдии бурдугу тоноон, төҥкөҥнөспүттэрэ. Онтон кэннигэр турааччылартан биирдэстэрэ инники турар киһиэхэ чугаһаан кэлбитэ уонна: «Иван Иванович, арай биир эмит улаханнык курааннаабыт оройуон холкуостарыттан үлэни кыайар дьону хомуйан, балыктыыр артыаллары тэрийэн, хоту ыыттахха хайдах буолуой?» – диэбитэ. Онуоха киһитэ хардарбакка, атыны тугу эрэ толкуйдаабыт сирэйдээх, ытыһыгар ылбыт ситэн эрэр бурдугун туорааҕын үөрэтэрдии бэрийэ турбута.
Нөҥүө күн сарсыардата үүнэн, куорат дьоно үлэлэригэр тиэтэйэн, сиэрэй уулуссаларынан аалыҥнаспыттара. Куорат киинигэр турар багдаллыбыт Обком дьиэтин үлэһиттэрэ эмиэ кэлитэлээн барбыттара. Килэрийбит муосталаах, холлороон курдук көрүдүөрдэр устун кумааҕы тутуурдаах дьон, кабинеттан кабинекка сыбыытаан, ааннарын тыаһа лабырҕаан олорбута.
Муннун анныгар тор курдук хара бытыктаах Совнарком биир тутаах үлэһитэ Егор Дмитриевич Бурҕааһайап, киҥинэйэн ыллыы-ыллыы, Сталин мэтириэтэ кичэллээхтик ыйаммыт кабинетыгар