Көһөрүллүү. Василий Гоголев-Уйулҕан

Читать онлайн.
Название Көһөрүллүү
Автор произведения Василий Гоголев-Уйулҕан
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 2013
isbn 978-5-7696-4185-5



Скачать книгу

кини тутан турар оҥоһугун одуулаһарыттан дьиктиргээн, эмээхсин төбөтүн өрө көтөхтө. Ньукуус онно эрэ наадыйбакка ат атаҕын одуулаата. Инники хаҥас атаҕа этэ. Били кини убайа Сүөдэр сэриигэ барыан аҕай иннинэ оҥорон, быраатыгар Туллукка бэлэхтээбит ата. Ньукуус бу аты истиҥник тутан турар киһи кимий диэбиттии өрө көрөн таһаарда. Хаһан эрэ көрбүт харахтара кинини истиҥник мичээрдии көрөллөр. Онтон олуттаҕастык, хаһааҥҥы эрэ финнэр дуу, литовецтар дуу саҥаларын санатан, сахалыы: «Ньикуус… Бу эн дуо? Ньикуус, билбэтиҥ дуу? Бу мин, Далябын…»

      Ньукуус хараҕар Сталин мэтириэтин анныгар сурук суруйа олорор быраата Туллук, кырачаан сэрбэллибит балта Күннэй, таһынааҕы литовец ыалларын чачархай баттахтаах кыысчаана Даля көстөн аастылар.

      Ити соһуччу буолбут көрсүһүү кэнниттэн Ньукуус санаторийга кэлэн киэһээҥҥи аhылыгын аһаан баран, уута кэлэн биэрбэккэ, өр утуйбакка эрэйдэммитэ. Ол оҕо туҥуй сааһыгар көрсүбүт амырыын сыллара, кэм-кэрдии чэрдиппэт, ааспат, арахпат дьарҕа баастара кини эмэҕирбит сүрэҕин бобута туппахтыыллара…

      Атаарыы

      Хаар ууллан, сир ийэ күүтүүлээх күөх кырыс ньээкэ ото бытыгырыырын кэтэспиттии, сааскы киэһэ нусхайа иһийбит. Алаас илин баһыгар дьиэлэр көстөллөр. Бу Чурапчы оройуонун соҕуруу өттүгэр Мэҥэни кытары ыксалаһа сытар Хайахсыт нэһилиэгин «Түмсүү», «Буденнай», «Крупская», «Пушкин» уонна «Социализм суола» холкуостар түөлбэлээн олорор сирдэрэ. Оһохтор үөлэстэриттэн күөх буруо оргууй үөһэ сыыйыллар. Тоҕо эрэ тиэргэҥҥэ оҕо-уруу саҥата чаҕаарыйбат, сандал сааһы уруйдуур күөрэгэй тойуга дьурулаабат. Туох эрэ көстүбэт ыарахан тыын бүрүүкээн, Хайахсыт үрдүнэн сабардаабыкка дылы. Ол саас ньиэмэс халабырдьыттара Сэбиэскэй Сойууска түөкүннүү саба түспүттэрин биир сыла туолара чугаһаан турара.

      Ньукуус дьоно, «Түмсүү» диэн холкуоска холбоһон, Майыы Арыылааҕар олороллоро. Оччолорго Ньукуус уон үстээх-түөртээх, чороччу улаатан эрэр уол этэ. Быраата Туллук оскуолаҕа киириэхтээҕэ. Балта Күннэй үстээҕэ-түөртээҕэ, эдьиийэ Аанчык оскуоланы туйгуннук бүтэрэн, ол сайын үөрэххэ туттарса куораттыахтааҕа. Убайа Сүөдэр, сүүрбэтин ааспыт эр бэрдэ, сааскы түбүктээх үлэ кэннинээҕи киэһэлэргэ сытыы саха быһаҕынан мончуук төбөтүн кыһара. Сүөдэр кэргэнэ номоҕон, кэрэ сэбэрэлээх Күөрэгэй оҕо күүтэрэ, ол да буоллар хотуна Өрүүнэлиин холкуоска ыанньыксыттыыра. Аҕата Баһылай, биэс уонун ааспыт аҕамсыйа барбыт киһи, оһох кытыытыгар табахтыы олорон, уола сатабыллаахтык туттарын сэмээр көрөн олороро. Эһэтэ Лөгөнтөй кэтэҕэриин ороҥҥо ырааҕы тугу эрэ толкуйдуурдуу мунчаарбыт сирэйдээх кэтэх тардыстан сытара. Ийэтэ Өрүүнэ Күннэй этэрбэһин уллуҥун абырахтыыра. Бары саҥата суох, арбы-сарбы буолбут көрүҥнээхтэрэ. Арай сөп-сөп Күннэйдээх Туллук ону-маны ыйыталаһан чаҕаарыhаллара:

      – Убаай, убаай, бу оҥорон испит ат оонньуургун ситэр эрэ, Ньукуус эйигин сотору ыраах ханна эрэ барар диэбитэ дии.

      Туллук долбууртан ат оонньуурун ылан, Сүөдэргэ аҕалан уунна.

      – Ок, бырааппар