Название | Туоһахта уонна Лэкиэс |
---|---|
Автор произведения | Василий Гоголев-Уйулҕан |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 2021 |
isbn | 978-5-7696-5858-7 |
Лэкиэс ийэтэ иһитин сото олорон:
– Ол сэрии ыраах ханна эрэ арҕаа буолбут диэбитэ дии, бэйэлэрэ да сэриилэһэр инилэр. Аһыҥа туран эрэр дииллэр, от-мас да үлэтэ элбэх.
Онуоха Лэгиэн көхсүн этитэн баран, табаҕын күлүн холумтаныгар тэбии-тэбии нүһэрдик:
– Холкуоспут бэрэссэдээтэлэ Лэгэнтэй Мааркабыс, бэҕэһээ киэһэ утуйаары олордохпутуна, киирэн кэпсээн ааспыта. Сураҕа, эдэр дьону бэбиэскэ диэнинэн сотору сэриигэ хомуйаллар курдук үһү, – уонна уолун тургутардыы көрөн олорбута. Лэкиэс Сэгэйигиниин Туоһахтаҕа бара сылдьыбыт үрүҥ түүнүн дьоллоох түгэниттэн олус астынан, көтүөҕэр кыната эрэ суох кэлбитэ эбээт. Оттон дьиэтигэр бу ыар сурах тэҥсик илдьитэ буолан, кинини хайдах эрэ хаарыйбат курдук саныыра.
– Тоҕо, туох сэриитэй, ким сэриилэһэр? – диэн аат эрэ харата ыйыппыта буолбута. Халтаһалара ыарааннар, хараҕа сабыллан ылбыта. Ийэтэ уолун дьолломмут сирэйин хомотумаары:
– Тоойуом, Лэкиэс, сытан нухарыйа түһэн ыл, түүнү быһа утуйбакка, ити оскуола оҕотун Сэгэйиги кытары олус чугасаһыаҥ суоҕа этэ, – диэбитэ. Лэкиэс онно өй ылбыттыы, сирэйэ күлүгүрэн ылбыта:
– Ийээ, мин тоойуом буолан бүппүтүм ээ, уон аҕыс сааспын туолбут улахан киһибин, Сэгэйик да эһиил сааһын ситэр, оччоҕуна бииргэ буолуохпут дии, – остуолтан туран оронугар тиийэн сууллан түһээт, муннун тыаһа буккураабытынан барбыта. Ийэтэ уолун будьурхай баттаҕын имэрийэн ылбыта. Оо, уолун ама ылан барыахтара дуо, күнү көрдөрбүт көмүс туллугун? Оттон Лэгиэни эмиэ араас санаалар үүйэ-хаайа туппуттара. Баар-суох эрэлин, туйахпын хатарыах киһим диир уолун, бу бачча улаатан борбуйун көтөхпүтүн кэннэ ама ылыахтара дуо? Сэрии диэн өлүү-сүтүү аргыстаах, икки атахтаах икки өттүттэн кэйгэллэһэр амырыын суоллара. Һуу, кэбис, арах, арах! Араас санаалар киирэллэр, кэбис…
Суоһар сурах бүтүн холкуостарын устун тилийэ көппүтэ. Сир-дойду да, хайдах эрэ тугу эрэ түүйэрдии, чуумпура уоһуйбута. Ити сэрии саҕаламмытын туһунан сурах кэнниттэн сүүрбэччэ хонук ааспыта. От ыйын бүтүүтэ Лэкиэстээх уот кураан, аһыҥа харааччы салаабыт алаастарын оттоон бүтэрэн, өрүс арыытыгар оттуу бараары сылдьыбыттара. Биир сарсыарда ыаллыы сытар Чурапчы байаҥкамаатыттан боломуочунай кэлэн, 1922 сыл төрүөхтэргэ, Лэкиэстээх Тириипэҥҥэ уонна хас да кинилэр саастыылара уолаттарга, ону таһынан хас да аҕа саастаах дьоҥҥо бэбиэскэ туттаран ааспыта. Икки хонугунан Майа байаҥкамаатыгар киирэргэ бэлэм буолалларыгар сорудахтаабыта. Бу сурах Уһун Эбэҕэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии, ньиргийбитэ. Дьон-сэргэ аймаммыта. Лэкиэстээх Тириипэн уонна хас да эдэр уолаттар буолан, сүбэлэһэн сэргэ оҥоро охсубуттара уонна Уһун Эбэ халдьаайытыгар мустан туруорбуттара. Быраһаайдаһыы тэрээһинигэр холкуостарын бэрэссэдээтэлэ уоттаах-күөстээх тыл эппитэ. Лэгиэн олус хараастыбыта, ол да буоллар тыл көтөҕөн, атаарыы оһуохайын эппитэ. Ол дорҕооно тумултан тумулга охсуллан бара турбута. Туоһахта хаһан эрэ биир туох эрэ тэрээһиҥҥэ икки