Название | Туоһахта уонна Лэкиэс |
---|---|
Автор произведения | Василий Гоголев-Уйулҕан |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 2021 |
isbn | 978-5-7696-5858-7 |
Туоһахтаҕа эмиэ туһугар үтүө кэмнэр тосхойбуттара. Кыыдааннаах кыһыны этэҥҥэ төлө түһэн, сааскы күн сыралҕана көхсүлэрин сылыппыта. Туоһахта көҕүйбүт биэлэрин сыттарын ыллаҕына, айылҕалатан, таныытын кычыгылатар имэҥ сүр минньигэстик били тэрилин дьырылата күүрдэрэ. Дьэ оччоҕуна биэлэрин биир-биир үрдүлэригэр ыттан таҕылын ханнарара. Биллэн турар, били үүт кэрэ биэтин маанылаан, дуоһуйа таптаһаллара. Күөххэ үктэнэн эбии төлөһүйбүттэрэ. Туоһахта сиэлэ, кутуруга хойдон, уһаан, быһыыта-таһаата киһи хараҕа туолар атыырыгар кубулуйбута. Хам-хаадьаа атын үөрдэр ыырдарыгар охсулуннахтарына, үөрүттэн биир эмэ биэни быһа анньан, күрэтээри саантаан дураһыйар атыырдары кытары туйах-туйахха, тиис-тиискэ түсүһэн үөрүн энчирэппэтэҕэ.
Үрүҥ түүннэр үүммүттэрэ. Лэгиэннээх Туоһахта үөрүн чугаһатан, Уһун Эбэ алаастарыгар аҕалбыттара. Онно ордук Сэгэйик үөрбүтэ уонна: «Туоһахталаах үөрдэрин көрдөрүөҥ дуо?» – диэн Лэкиэстэн көрдөспүтэ. Биир күн Лэкиэс Сэгэйиги илдьэ, икки аты миинэн, Туоһахта үөрүн көрө барбыттара. Лэкиэс биир уостаах субуйааҥкатын сүгэн, баҕар, көҕөн ытар санаалааҕа. Аара хас да куһу көрбүттэрэ да, ат үрдүттэн ытар табыллыбата. Лэкиэс, Сэгэйик ата сиргэнэн быраҕыа диэн, туттунан ыппатаҕа. Күн оройо биир үрэҕи батан, кэҥэс алаас илин баһын сыырын үрдүгэр кэлэн тохтоон, аттарын үрдүттэн Туоһахта үөрүн ыраахтан көрөн, астынан күө-дьаа кэпсэппиттэрэ. Туоһахта обургу ыраахтан суос бэринэн, төбөтүн өрө көтөҕөн, хойуу көҕүлүн быыһынан чолбоодуччу көрөн, сиэлэ бураллаҥнаан, үөрүн күөйүөхчэ буолан эрдэҕинэ, Лэкиэс иһиирбитэ. Туоһахта чөрбөс гына түспүтэ, онтон сүр улаханнык кистээн дьырылатаат, Лэкиэстээх диэки сиэлэн бураллаҥнаабыта. Лэкиэстээх Сэгэйик миинэн иһэр аттара ороһуйан тэпсэҥнэһэ түспүттэрэ. Хардары-таары кэпсэтэр курдук, эйэнэн кэллибит диирдии, иҥэрсийэн ылбыттара. Лэкиэстээх аттарыттан ойон түһэн, аттынааҕы тииттэргэ туомтуу тардыталаан баайа охсубуттара. Иккиэннэрин сүрэхтэрэ үөрүүнэн туолбуттара. Лэкиэс идэтинэн уолугун сиэбин хаста-хаста, Сэгэйиги хааларыгар соруйан баран, инники хардыылаабыта. Сэгэйик тохтоон курус гынан ылбыта. Тоҕо,