Тэпсиллибит сибэкки. Хотойук Айгыына

Читать онлайн.
Название Тэпсиллибит сибэкки
Автор произведения Хотойук Айгыына
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 2021
isbn 978-5-7696-6095-5



Скачать книгу

аҕата арыгылыырын иһин… Кэби-ис, суох, суох, аньыы, ону-маны санааммын…» – ол курдук суолу билбэккэ, сүүрэр-хаамар былаастаан отделга олус аҕылаабыт, дэлби долгуйбут дьон киирэн кэллилэр.

      Учаскуобайдара ааттарын-суолларын барытын сурунан ылла. Төрөппүт бөҕө ыҥырыллан номнуо кэлбиттэр эбит. Ким да, тугу да саҥарбат, Таанньа тугу да кыайан өйдөөбөккө дөйбүт курдук турда. Арай Соппуруон, эр киһи дуома, хайа оҕо дэҥнэммитин ыйыталаһан көрбүтүн кимиэнэ да буолара биллэ илик, онон күүтэбит диэн хата быһаарда… Ким да буолара биллибэтэ хас биирдии төрөппүт сүрэҕэр суоһар сурах буолан иһилиннэ. Сотору учаскуобай эттэ:

      – Төрөппүттэр, бары болҕойон истэргитигэр. Бары кэлбиккитинэн сибээстээн этэбин. Бүгүн 3 чаас ааһыыта тыллабыр киирэн, аллара өрүс кытылыгар оҕо сааҕа дэҥнэнэн, оройуон кииниттэн силиэстийэлиир биригээдэ, Суһал көмө уонна прокуратураттан кэлэннэр, иэдээн тахсыбыт миэстэтигэр үлэлии сылдьаллар. Ким оҕото буолара биллэ илик, ол дэҥнэммит оҕону, быһылаан хайдах тахсыбытын миэстэтигэр быһааран баран аҕалыахтара. Онно баар оҕолору эмиэ бииргэ аҕалаллар, оҕолоргутун мантан ылан барыаххыт. Кэлэн манна быһаарыы суруйбуттарын кэнниттэн.

      Ким оҕото дэҥнэммитэ биллэ илигиттэн төрөппүттэр бары да ыар санааҕа ыллардылар. Бириэмэ бу баран испэтин! Кэтэстэххэ, тохтообут курдук соһуллар, ол курдук киэһэ 10 чаас буолла. Күһүҥҥү халлаан хараҥарбытынан барда, киэһэ биллэ сөрүүкээтэ, ол тухары туох да сибики биллибэтэ… Дэриэбинэ кытта иһийбиттии чуумпурбута, дьөрү ыт да үрбэтэ өссө нүһэр, ыар санааны үөскэтэр…

      Арай кэмниэ кэнэҕэс түүн 1 чаас саҕана отдел үлэһиттэрэ киирии-тахсыы буолбуттарыгар, арааһа, оҕолорбут кэллилэр диэн төрөппүттэр суугунаһа түстүлэр. Таһырдьа күһүҥҥү хараҥа буолан туох да түннүгүнэн көстүбэт, арай кэлбит массыына фарата түннүккэ тыган ааста. Эмискэ отдел аана арылла түстэ да, чараас суорҕаҥҥа сууламмыт оҕону түөрт киһи көтөҕөн отдел түгэх хоһугар киллэрдилэр. Таанньа сүрэҕэ тохтуурга дылы гынна, мэйиитэ эргийтэлээтэ, салгын тиийбэт курдук буолла, истиэнэҕэ өйөнө түстэ. Таанньа тулуйан кыайан көрбөтө, хараҕын уута бычалыс гынна, хараҕар илэ-чахчы Алгыһа көстөн ааста… Ол эрээри Айыылар Таанньа оҕотун бу ынырык дьулаан түгэнтэн быыһаабыттара… Сотору буолаат, уку-сакы туттан, куттаммыт сирэйдээх-харахтаах, дэлби тоҥмут оҕолор киирэн кэлбиттэрэ. Ийэлэр барахсаттар оҕолоругар саба түспүттэрэ, отдел иһэ ытаһыы, аймалҕан буолан биирдэ куугунуу түспүтэ. Киһи эрэ сүрэҕин, санаатын баттыыр чуумпу биирдэ суох буолбута. Хас эмэ чааһы быһа оҕоҥ тыыннааҕын кэтэһии ийэ дьоҥҥо ыарахан этэ. Төрөппүттэр бары да уйулҕалара хамсаан, бу дьулаан дьыала быһаарылла охсуон, ким оҕото суорума суолламмытын уонна быһылаан хайдах төрүөттэнэн тахсыбытын билиэхтэрин саныыллара… Дьону, оҕолору куттаамаары, дэҥнэммит уолу сирэйэ көстүбэт гына суулаан киллэрбиттэрэ. Оҕо ийэтэ бу түгэҥҥэ манна суоҕа эмиэ да үчүгэйэ дуу дии саныыгын, ол эрээри амырыын сурах ийэ барахсаны аһымматтыы күүтэн турара өссө дьулаан… Онтон дьон сибигинэһэн бардылар, ким оҕото буоларын бары