Тэпсиллибит сибэкки. Хотойук Айгыына

Читать онлайн.
Название Тэпсиллибит сибэкки
Автор произведения Хотойук Айгыына
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 2021
isbn 978-5-7696-6095-5



Скачать книгу

барбытым, кэргэн кэл диэн ыҥырыыта да, аны санаатахпына, олус судургу эбит. Мин оччолорго сокуоннай сааспын туолаары сылдьар кыысчаан, бастакы билсиһиибитин оонньуу-күлэ ылыммытым, ол эрээри кини гитараҕа ыллыыр буолан мин кырачаан сүрэхпин онон сүүйбүтэ. Оччолорго гитаралаах уолчаан бу романтика, оттон ырыаны сөбүлүүр буоламмын гитара тыаһа миигин куйаарга көтүтэрэ, ол курдук бастакы билсиһии, хаартыска бэлэхтэһиитэ буолбута. «Эн күүтээр, мин күүтээр»… дэспиппит. Ол хаартысканы көрө-көрө, сыттыгым анныгар кистии сылдьан, ол күлүгү таптаан, ол хаартысканы кытта оҥорон көрөн кэпсэтэн, аны санаатахха, дьоллоох түгэннэри бэйэм өйбөр айа сатаабыт эбиппин. Онтон биир үтүө күн «кэргэн кэл» диэн ыҥырда… онуоха сүрэҕим бастакы сааһын көрсөр хараҥаччы курдук үөһэ-аллара битигирээн сүр күүскэ мөҕүл гынна, уһуну-киэҥи толкуйдаабакка, «ээх» диэбиппин кулгааҕым эрэ истэн хаалла. Дьэ уонна ол дьоллоох түгэни бииргэ буоларбын кэтэһэн, долгуйан, сулустаах түүннэргэ утуйан биэрбэккэ эрэйдэнэ оонньоон биэрбиппи-эн… Кинини онно, аан дойдуга саамай кэрэ, күндү, мин бу көрсүбүт уоланым, саамай дьоллоох тапталым курдук санаабыппы-ан… Ол эрээри мин өйбөр уонна сүрэхпэр баар эр киһи таптыыр диэбит санаабар тиийбэтэҕэ… Дьиҥ дьиҥинэн, мин кинини бэйэм оҥорон айбыт эбиппин… Кэргэн тахсан эрэрбин кырдьаҕас эдьиийим истэн: «Тоойуом, ыксыаҥ суоҕа этэ, эдэриҥ бэрт, туох-ханнык киһитин үчүгэйдик билэҕин дуо… тохтуу түс…» диэн сурук суруйбутугар, мин «таптал» өрүкүппүт санаатыгар сылдьар киһи, «билэби-ин, кини наһаа үчүгэ-эй, кини эрэ баар миэхэ, кини миигин таптыыр…» – диэбит тыллаах хоруй суругум сымыйа тыллар буолбуттара. Кини миигин таптаабатаҕа, таҥнарбыта, атаҕастаабыта… бастакы кэргэннии буолар күммүтүгэр. Ол күн миигин кэргэн ылабын, холбоһобут диэн дьиэтигэр аҕалбыта. Мин үөрэ долгуйан, аан дойду, киһи барыта миэхэ үчүгэй буолан көстүбүттэрэ, ол эрээри ол киэһэ ити барыта сымыйа буоларын илэ харахпынан көрүөхтээхпин ким сэрэтиэ баарай? Олоҕу билэ илик, уолу кытта чугасыһа да илик кыысчаан санаатыгар, кини таптала, кинини дьоллуур киһитэ аттыгар баарыттан, бу күнтэн кини дьоллоох киһи буолуохтааҕа… ол түүн арыгы аргыстаах, ый-хай саҥалаах атастар-доҕоттор кини ойохтоммут үөрүүтүн бэлиэтии мустубуттара. Кыраасканы дьабаччы бистибит кыргыттар, табах уобуулаах уолаттар, дьиэ иһин буруонан толорбуттара, арыгылаах бытыылканы дьааһыгынан испиттэрэ. Мин, быдьар тылы истибэтэх, табаҕы-арыгыны боруобалаан да көрбөтөх киһи, табах буруотуттан куһаҕан буолан, «тапталлаахпыттан» үтүрүллүбүтүм, маатыра тылынан кыйдаммытым… Хоско киирэн ытыы сытан утуйан хаалбыт этим. Арай түүн үөһэ уһуктан кэлбитим: дьиэ иһэ чуумпурбут этэ. Аргыый туран хостон тахсан кэлбитим, күөдэл буолбут остуолга биир киһи умса түһэн сытара, дьиэ иһэ барыта табах сытынан тунуйан киһи тулуйбат сыта-сымара этэ. Сүүрэн тиийэн ааны арыйа баттаан салгылаттым, остуолга сытааччы кэргэним буолан, аны кинини сысыһан-сосуһан ороҥҥо киллэрэн сытыардым, түүн үөһэ дьиэни хомуйдум. Мин кэргэннии олоҕум итинник саҕаланна…