турар. Уон саҕана, киһи элбээбитигэр музыка холбоотулар. Сорохтор үҥкүүгэ киирэн, шейкэлээн күөгэлдьиһэллэр, үгүстэр таах хаамсаллар, аалыҥнаһаллар. Тымныы оҕонньор Хаарчааналыын киирэн, бэрт кылгастык эҕэрдэ тылларын ордоотоот, үҥкүүһүттэргэ киирэн сылдьа түһэллэр уонна баран хаалаллар. Маскарааттаахтар, кимнээхтэрэ буолла, уонча киһи киирэн үҥкүүһүттэри эргийбэхтээн, дьээбэлэнэ түһээт, эмиэ элэс гыналлар. Биэс сүүстэн тахса устудьуоннаах факультет Саҥа дьыла диэтэххэ, астыга суох. Оо, Арыылаах аҕыс кылаастаах оскуолатыгар дьиктилээхэй даҕаны Саҥа дьыллар буолаллар этэ! Маскараат оҥостуу, быыстапкаҕа уруһуйдааһын, уһаныы, оонньууларга бэлэмнэнии, хас да күннээх оскуоланы киэргэтии түбүктэрэ сүрэхтэн сүппэт үтүө даҕаны өйдөбүллэри хаалларбыттар эбит! Арыылаахха Дьөгүөрэ диэн аһара көхтөөх холкуостаах ыччат баар. Ол кини Саҥа дьыл аайы киһи үөйбэтэх маскарааттарын оҥостон, оҕолору үөрдэр, улахан дьону сөхтөрөр үгэстээҕэ. «Бөтүүк иһэ-эр!» – диэн хаһыытыыллар. Арай, бөтүүк диэҕи ааһа улахан, киһи диэҕи бөтүүк, сүүрэн сохсороҥноон аҕай тахсар. Аны, хаһыытаан ыыра барар, адьас бөтүүк хаһыыта! Кыракыйдар, «тыыйбыан» дэһэн, улахаттарга сөрүөстэллэр. Дьэ, күлүү-үөрүү, сөҕүү-махтайыы бөҕөтө буолар. Шлангаҕа оҕо үрэр оонньуурун холбоон, бэрт уустук, бөтүүк хаһыытын үкчү түһэрэр тэрили оҥостубут эбит. Ол Дьөгүөрэ быйыл туох маскарааты оҥосто сылдьарын ким да билбэт. «Айка, быйыл тохтуубун. Соло да суох», – дии сылдьар сураҕа иһиллэр. Ол сылдьан, хара харах көрбөтүнэн, хаптаҕай кулгаах истибэтинэн дьикти маскараат оҥостон кэлэн, үөрүүнү, сөҕүүнү бэлэхтиирэ. Сима Тымныы оҕонньортон үс бэлэҕи тутара. Уопсай кэһиинэн ааттанар биир суу кэмпиэт, бирээнньик, уруһуйун иһин быыстапка жюритыттан бириис, үчүгэй үөрэҕин уонна холобурга турар майгытын иһин бириэмийэ тутан үөрэрэ-көтөрө. Саргылаах Саҥа дьыл салаллаахтаан кэлэрэ кэтэһиилээх да буолара… Саҥа дьыл диэн оҕо саас оонньуута, умнуллубат үөрүүтэ эбит. Ол кэм ааһан, улахан киһи буолан, бу боп-боростуойдук Саҥа дьыллыы турдаҕа. Кырдьык, устудьуоннар диэн улахан дьон буоллахтара. Итиэннэ, биэс сүүс киһини бу зачет, эксээмэҥҥэ киирэр туһугар мөхсүү саҕана ким көҕүлүөй, тэрийиэй? Ол эрээри, Сима үөрэҕин бүтэрдэҕинэ, учууталлаатаҕына, оҕолорго умнуллубат, кэрэ Саҥа дьыллары тэрийсиэҕэ. Хайаатар даҕаны!
Сима, сылдьа сатаан баран, таҥаһын ылан, бүтэһик оптуобуска сүүрэр.
Дьиэтигэр кэлбитэ, дьоно утуйа иликтэр. Баччаҕа утуйар этилэрэ… Һок, «биллэр сыт» кэлэр. Хостон дьиэлээх хаһаайын Сэргэй лэппэрдэтэлээн тахсар.
– Хайа, устудьуон уол, төһө бэрт дьуолкаҕа сылдьан к-кэллиҥ? – Кини муннун биир кэм өрө сыҥар, кыра саһархай харахтара сүүрэлиир курдуктар.
– Наһаа буолбатах, хайдах эрэ, сууххай баҕайы курдук.
– Ээ-э, сууххай диэн ол тугу этэҕин, доҕоор? Университет дьуолката буолан баран, хайдах оннугуй, сууххай диигиний? – Күтүөт, холуочуйдаҕына үгүһү-элбэҕи лэбэйэн барар үгэстээҕин Сима быйыл биллэ.
Итирик киһини кытта тыл аахсан