Название | Дьолу бэлэхтээ, Сэргэлээх |
---|---|
Автор произведения | Ульдаа Харалы |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 2021 |
isbn | 978-5-7696-6092-4 |
Оппуохаламмыт буор сыбахтаах самнарыспыт дьиэлэрдээх Покровка дэриэбинэтэ Амма эбэни үрдүк сыыртан өҥөйөн, бэрт кэрэ айылҕалаах сиргэ турар. Өрүһү батыһан олохсуйар үгэстээх нуучча дьоно, ханнык да улахан халаан ылбат, үрдүк хаастаах, олус табыгастаах сири булан олохсуйбуттар. Амма өрүс сүнньүгэр маннык үрдүк сиргэ олохсуйбут биир эмэ дэриэбинэ баара дуу, суоҕа дуу? Олохтоохтор күүскэ иһэллэр диэбиттэрэ даҕаны, мээнэ итирик далбаатана сылдьар дьон көстүбэттэр. Маҕаһыын таһыгар даҕаны итирэн орулаһа сытааччылар көстүбэттэр. Манна бурдук өлгөмүн үүннэрбит, рекорд бөҕөнү олохтообут бурдук үүннэрээччилэр, аатырбыт механизатордар, комбайнердар олороллор, үлэлииллэр. Холобур, Сималаах үлэлиир токтарын биригэдьиирэ, Василий Васильевич Соловьев, Үлэ Кыһыл Знамята уордьаннаах, Саха Сирин тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр киһи. «Амма» сопхуос киинин хонтуоратыгар Бочуот дуоскатыгар бэрт элбэх уордьаннаах, мэтээллээх дьон мэтириэттэрэ ыйанан турар.
Ол быыһыгар, үлэ күөстүү оргуйар Маайыскай нэһилиэгэр хантан кэлбиттэрэ биллибэт, ханна да үлэлээбэт дьиибэ дьон эмиэ көстүтэлииллэр. Холобур, мэлдьи остолобуой эргин иилэҥкэйдэһэр сыгааннар бааллар. Күн иллэҥ дьон диэн дьэ кинилэр. Бэлисэпиэт икки көлөһөтүн холбоон, бэрт саталлаахтык оҥоһуллубут тэлиэскэлээхтэр. Ардыгар биир киһи ат курдук көлүллэн, биир киһи тойон курдук олорон, төбөлөрүнэн аһыыппарбыт дьон курдук кылана-кылана сүүрдэн, уулусса буорун-кумаҕын өрүкүтэллэр. Бу дьон хайдах буолбуттарын олохтоохтортон ыйыттахха, «Ээ, абааһылары, хаартылаан сүүйтэрбит киһилэрэ ат буолан эрэр ини», – дэһэллэр.
Устудьуоннар дьукаахтара бу кэмҥэ тугу үлэлииллэрин дуу, таах сыталларын дуу киһи өйдөөбөт. Остолобуойга аһаабаттар, хата диэххэ дуу, арыгылаабаттар. Уолаттар үлэлии баралларыгар дьиэҕэ хаалаллар, үлэттэн кэлэллэригэр соннук дьиэҕэ бааллар. Үһүөн табахсыттар, аны табахтара быстан хаалар. Слава кинилэргэ күҥҥэ биирдии эрэ сотону бэрсэр. Дьукаахтар киһи көрөрүгэр биир уларыйбат дьарыктаахтар – оргуйа турар үстээх чаанньыкка лоп курдук билиитэ түөртэн биирин бардаран, хоп-хойуу чэйи буруолаппытынан иһэллэр. Бу дьону барыларыттан намыһах уҥуохтаах, сып-сытыынан көрбүт уҥуох сирэйдээх Костя диэн киһи баһылаан сылдьар. Дьонун төрүт саҥардыбат муҥур тойон. Иккис киһилэрэ Васька диэн, бэрт сымнаҕас сэбэрэлээх. Бу киһи элбэх чэйи истэҕинэ, киһи билбэт тылынан кыҥынайан ыллыы сылдьар үгэстэнэр. Үһүс киһилэрэ ортону үрдүнэн уҥуохтаах, толору эттээх-сииннээх, күүстээх да буолуон сөптөөх көрүҥнээх төрөл киһи. Эмиэ Васька диэн эрээри, тойонноро Костя «Дура-лошадь» диэнтэн атыннык ааттаабат. Бу барахсаныҥ – айылҕа атаҕастаабыт киһитэ, алталаах-сэттэлээх оҕо өйө өйдөөх. Ити сылдьан Васькаҥ мээлэ киһи сатаан үтүктүбэт «нүөмэрдээх». Крылов үгэлэригэр пародияны дьиҥнээх артыыс курдук ааҕар. Пародия обургу цензура көҥүллээбэт «кытаанах» тыллардаах, ол тылларын олус тоҕоостоох этиилэргэ кыбытыы тыл курдук туттар. Уонча күпүлүөттээх дойҕохтору нойосуус билэрэ туһунан таабырын: бу киһибит