Название | Син биир күүтэр эбиппин… |
---|---|
Автор произведения | Галина Нельбисова |
Жанр | |
Серия | Билиҥҥи кэм прозата |
Издательство | |
Год выпуска | 2011 |
isbn | 978-5-7696-3406-2 |
Дьэ улам-улам амтаһыйбыт курдук, китиэккии-киэбирэ, сирилээн истэ. Күөнэ кытарда, ортото хараарда, кыһыл хаан тоҥмут төбүрэҕин курдук, ыарахан кыымнаах кыырык төлөнө күүгүнүү көттө. Чооруос, көрөн туран, этэ саласта, куйахата ытырбахтаата, уҥуоҕа босхо барда. «Бостуой уматаммын», – дии санаата, дьүһүнэ уларыйда, бөтөн барда…
Уот күтүр, илэ-бааччы кыайан-хотон, үллэ күлүмнүү, өргөһө уһуктанан, күүгүнүү-күүгүнүү, саһыгырыы-саһыгырыы, бачыгырыы турда. Ол аайы тыа түгэх күлүк хараҥата, улаатан кэлэ-кэлэ, ынчыктыы-ынчыктыы, иҥиэттэн кэбиһэ сытта.
һук! Дьэ сиҥнэн соҕотохто намтаата. Быһыта-хайыта тыытарга дылы гынна, хараарбахтаата, будулуйда уонна өһөх хара буруо үллэ-лөглөрүйэ оргучуйан таҕыста.
Онтон көрдөххө, харам улам-улам кыччаата, бытарыйда, арай төбөтүн эрэ уҥуоҕа харааран сыппахтаата. Онтон уот: «Дьэ бүтэн эрэр», – диэн, холкутуйбут курдук, мөлтөөтө, бытаарда, улаханын бүтэрэн, кыратын итигэстэһэн барда.
Онуоха көрдөххө, били төҥкөгөр тиит лабаатын хаара ууллан, харах уутун курдук таммалыы турар этэ. Тыам иһэ, эмиэ санаарҕаабыт, соҥуйбут курдук, ылы-чып буолла.
Арай арҕаа эҥээртэн мөлүйүөнүнэн ахсааннаах уоттаах сулустар хара өһөх буруону курдаттыы өһөн эрэр уот оннун, ытыыр курдук, чипчилиҥнии-чипчилиҥнии, көрөн турбуттара…
1927
Сордоох суха
Саас буолан, от-мас тэтэрэ симэнэн, чэлгийэн турда. Көмүс күөмэйдээх күндү ырыаһыт чыычаахтар өндөл күөх халлаан көҥүл күүлэйигэр күөрэйэ көтө күүгээн бөҕөнү түһэрдилэр.
Туох барыта тилиннэ, үөрдэ. Ийэ сир кэскиллээх чээл сирэм ньуура тубуста, дьэрэкээн таҥалай дьүһүнэ кэйдэ.
Бурдук ыһыыта буолла.
Хаампый оҕонньор уолунуун алаастарын үрдүнээҕи сонуоктарын тартара күөрэҥнэһэн тиийэн кэллилэр. Оҕонньор былыргы дуомунан уот оттон, сыт таһаарда уонна, илин диэки хайыһан туран, бэргэһэтин устан баран, ботугуруу-ботугуруу, кириэстэнэн сапсынна.
Онтон дьэ сирдэрин тартара киирдилэр.
Аҕыйахтык хаамтараат, сухалара ылымына:
– Тукаам, бэйи, тохтоо эрэ, – диэтэ оҕонньор. Сэргэ маһын хараҕатыттан көҕүрэтэн баран, оҕонньор, таптаҕым буолуо диэбиттии, аа-дуо сыыҥтаан «бар» гыннарда уонна: – Чэ хаамтар, – диэтэ.
Утаакы буолбата, аҕыйахтык хардыылаат, эмиэ:
– Тукаам, бэйи эрэ, тохтот, сухабыт хайдах эрэ тыҥырахтыыр ээ, – диэтэ. Оҕонньор, торбос үтүлүгүн илиитигэр ыаҕастыы ыйаан баран, буугунуу-буугунуу, токоотун кэлин биттэҕэр уларытан баайан аадаҥнаата. Бүтэрэн баран холкутук: – Чэ бар, – диэн буолла.
Суха сылдьыбыта аата эрэ биллэр-биллибэт гына тырыыпайдатан тахсан, эргитэн, бааһынайдыы хаамтаран иһэннэр, эмиэ саҥа иһилиннэ:
– Бэйи, нохоо, тохтот-тохтот!