Название | Син биир күүтэр эбиппин… |
---|---|
Автор произведения | Галина Нельбисова |
Жанр | |
Серия | Билиҥҥи кэм прозата |
Издательство | |
Год выпуска | 2011 |
isbn | 978-5-7696-3406-2 |
– Бу маһы дуо?
– Хараҕыҥ тэстээрэй, эн көрдөххүнэ, ити мас дуо? Мутук буолбат дуо?! Ону аҕал диибин эбээт, – дии-дии, сүрүн мас аллараа өттүгэр ытаһа оҥорон буугунаста, уоһун элээмэтэ тэллэллибит, көхсүн туома богдьоллубут. Оҕустара буоллаҕына алаас уҥуор сүөһүлэри одуулуу турда. Оттон уол: «Ити туйаарарга киһи буорунан быраҕан тириэрдиэ дуо?» – дии саныы турдаҕына, «Чэ бар!» – диэн саҥа иһилиннэ.
Суха сырыыта арыый табылынна, оҕонньор эмиэ аа-дьуо сыыҥтыыр, холкутук унаарытан «һай-ай» диир буолла. Бу икки ардыгар үһүс эргийиилэригэр сухалара эмиэ тыҥырахтаан, өрүтэ тэбиэлээн, икки ойоҕоһунан оонньоон киирэн барда.
– Бэйи, тохтот! Бу сэппит эмиэ иһигэр киллэрдэ, – диэтэ Хаампый. Били саҥа оҥорбут ытаһалара түһэн хаалбыт эбит, ону эмиэ кыыһырса-кыыһырса, көрдөөн көрдүлэр да булбатылар. Онтон сылтаан чэйдии таҕыстылар.
Оҕонньор, чэйэ оргуйуор диэри ытаһатын оҥорон баран, сухатын тимирин ыраастаан көрө туран: «Хайа, бу сээбэспит букатын босхо барбыт эбит дии! – диэн соһуйда. – Ытаһалаатахха сатаныыһык», – диэн баран, хооһолдьуйан тиийэн, төҥүргэстэн мас хайа охсон аҕалан ытаһалаата. «Кытаанахтык киирдэр үчүгэй этэ», – дии-дии, маҕыйа-маҕыйа саайан дардырҕата туран көрдөҕүнэ, сухатын этэрбэһэ холбойон таҕыста. «Бай! Хайа, аны холбойон таҕыста дии!» – диэтэ оҕонньор уонна, буугунуу-буугунуу, ытаһатын быһан, сухатын оннун үүтүн устун олордон кэбиһэн баран отуутугар тиийдэ.
– Бу ас оргуйбут буоллар таһаар эрэ.
Уол уоттан чаанньыгын таһаарда.
Чэйдээн бүттүлэр.
Эмиэ киирэн хаамтаран хаахынатан бардылар. Дөрүн-дөрүн «һай-ай» диэн хаһыытыы-хаһыытыы, оҕонньор баттаан титирэстэһэ истэ.
Тахсаннар эргийдилэр. Уол сатаан сиэппэтэ.
– Киллэр! – диэтэ оҕонньор. Онтон, наһаа баран хааланнар: – Таһаар, таһаар! – диэн хаһыы буола түспүтүгэр, уол:
– Эмиэ «таһаар» диигин, эмиэ «киллэр» диигин, – диэтэ.
Онуоха оҕонньор:
– Сатаан сиэппэт буола-буолаҕын, өссө этиһээри гынаҕын дуу, баранаак?! – диэн баран, оҕуһун эмискэ кымньыылаан «кус» гыннарда да, сүүрэр быата быһа ыстанна, уол төкүнүйэ түстэ, оҕус босхо барда. Дьэ айдаан, бардьыгынаһыы, ытаһыы бөҕө турда…
Онтон эргийэн кэлэн бараннар оҕонньор:
– Бу сырыыга арыылыахпыт, бу өттүнэн эргий. Ол төҥүргэһи аттынан, ол суоруулаах тиити көрдө көрбүтүнэн бар, – диэн ыйда. Аҕыйахтык хаамтараат, сонуок бүүрүгэр тиийэн: – Нохоо, тохтот, тохтот! Аны бу сэппит тобулу киирэн барда, – дии-дии, оҕонньор сухатын түөрүтэ баттыалаата… – һук! Хайа, аны хаптаһыммыт босхо тиийэн кэллэ… Чэ ити курдук, быата быстыбыт. Дьэ үчүгэй да өлүүтэ, доҕор! Бүгүн сатаан үлэлээбэт дьон буоллубут… Туох да буоссалааҕы оҥоппотубут. Мантыкабытын аны туохпутунан баайарбытый?