Название | Киһи биирдэ олорор |
---|---|
Автор произведения | Софрон Данилов |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 1973 |
isbn | 978-5-7696-2349-7 |
Итинник бэйэтэ да сөбүн эрэйдэнэ сыттаҕына, аны улаҕа диэки суорҕана дьигиҥнээн барда. Киҥэ холлон сытар оҕонньор абатыйан орон түгэҕин тоҥолоҕунан хаһыйбахтаата.
– Өссө тугуҥ тутах буолан сыҥыргыы сытаҕын? Эмиэ кыыскын санаан ытаан ыгыллаҥнаатыҥ дуо? Куттаныма: кыыскын туох да сиэ суоҕа. Бэркэ муҥутаатаҕына эргэ барыаҕа. Хата уолгун санаа. Өлбүтэ-тыыннааҕа биллибэт уолгун. Кини туһугар таҥараттан көрдөс. Ол туһалаах буолуо!..
Суорҕан ньим барда.
Аргыылап уута букатын көтөн хаалла. Өр сытта. Кэнникинэн кыыһырбыта улам уҕараата. Абатыйбыт уоҕа ааһыыта аны кэмсинэ быһыытыйда. Соҕотох мин эрэ уһун түүн утуйбакка килэччи көрөн тахсабын диэн алдьаммыта, Ааныһа эмиэ санаарҕаан, мунчааран муҥнана сытар эбит. Ону аралдьытыан, уоскутуон оннугар күргүйдээн бобуллаҥнаата дии. Ол эрээри, киһи кыыһырыах, Ааныс даҕаны көхсүнэн сытан көрсөр дии. Итиэннэ “манныктан мунчаарабын” диэн саҥа таһааран кэпсиэн даҕаны тоҕо сатамматый?.. Оннугун оннук буолуо да, кырдьыга, хаһан эйэргэһэ үөрэнэн илиитин даллатан тоһуйуой? Уонна киһи кэм сэҥээрэр, сэлэһэр киһитигэр онтун-мантын кэпсиирэ буолуо. Кинилэр буоллаҕына отуттан тахса сыл бииргэ олордулар да, истиҥник эйэргэһэн хоммут түбэлтэлэрин Аргыылап дьиҥэ бэрт ахсааннааҕы өйдүүр. Эдэрсин эрдэхтэринэ аҕыйах оннук түбэлтэ баара. Баар быһыылааҕа. Билигин, кырдьан-бохтон, кэлэр-барар кыах мөлтөөбүтүн, күүс-уох аҕыйаабытын кэннэ санаатахха, ойох киһиэхэ кини хаҕыс соҕус эр эбитэ буолуо ээ.
Дьахтар муҥнааҕыҥ кэм эйэргэһэри, атаахтыыры, имэриттэрэри-томоруттарары, сыллатары-ууратары, сымнаҕас сыһыаны, сылаас хоонньу сөбүлүүр буолуохтаах. Оттон Аргыылап мөҕөр, дьарыйар күргүйтэн, ардыгар сутурук да ыарыттан, хаһан эмэ таҕылы тарҕатан тиргиллэртэн ураты тугу биэрдэ киниэхэ, хоойго сытыарар хотун ойоҕор? “Хотун ойох…” Кырдьыга, Аргыылап кинини соччо-бачча хотун да курдук санаабат, бэйэтигэр тэҥнээбэт, дьүөрэлээбэт этэ. Аҕата оҕонньор ыаллыы улуус баайын кыыһын ыллаттараары гыммытын буолуммакка, сэргэ нэһилиэк сэниэ эрэ соҕус ыалын кыыһын кэргэн кэпсэппитэ. Дьүһүнэ тупсаҕайыгар умсугуйан. “Кэпсэппитэ” диэн, тылга эрэ итинник. Дьиҥэ кыыһы кытта кэпсэтэр, кини сөбүлүүрүн-сөбүлээбэтин ыаспыйалаһар диэн кэлиэ дуо? Ымсыы соҕус аҕатыттан син көбүччү харчыга, отучча сүөһүгэ атыылаһан ылбыта. Ол да иһин эбитэ дуу, кини кэргэнин хара маҥнайгыттан атыылаһыллыбыт мал, кэрэ, кыраһыабай мал кэриэтэ көрбүтэ. Бу мал киниттэн тугу даҕаны, истиҥ сыһыаны, ичигэс тылы, эйэргэһэр тапталы даҕаны эрэйэр бырааба суоҕа. Кини соруга диэн эрин наадатын толоруу, кини дьиэтин-уотун көрүү эрэ этэ. Хайа уонна таптаһан илэ-сала көтүһэргэ соло-билэ наада ээ. Аргыылап буоллаҕына сүһүөҕэр туруоҕуттан биир кэм тыын былдьаһыгынан сылдьар курдуга: баранары-уҕарыыры билбэт үлэ-хамнас, атыы-тутуу, кэлии-барыы. Ол үлүскэнигэр күнэ-түүнэ да тиийбэт,