Киһи биирдэ олорор. Софрон Данилов

Читать онлайн.
Название Киһи биирдэ олорор
Автор произведения Софрон Данилов
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 1973
isbn 978-5-7696-2349-7



Скачать книгу

      сирэйдэммэт итиэннэ өлөөрү

      сытан: “Олохпун бүтүннүүтүн, күүс-

      пүн бүтүннүүтүн сир үрдүгэр баар

      саамай кэрэ суолга – киһи аймаҕы

      босхолуур иһин охсуһууга биэрдим”, –

      диэн этэр гына олоруохха наада.

Н.А.Островскай

      Бастакы чааһа

1

      Кыһыҥҥы кылгас күн киэһэрэн, им сүтэн барда. Уһуга-муҥура биллибэт халыҥ тайҕаны соҕурууттан хоту хайа солоон түһэр Амма өрүс көҕөрө тумарыктыйбыт хаардаах сыһыылара суһуктуйдар суһуктуйан, уҥуоргу хара тыаны, күлүгүрбүт халлааны кытта силбэһэн, боруора симэлийэн истилэр. Тыаһа суох үөмэн, чугаһаатар чугаһаан испит барык улам хойдон, харааран, уһун субурҕа мырааннары, өрүс туналы маҥан иэнин, бөлкөй талахтардаах кытыллары, аппалары, томтордору, сыһыынан сыыйыллар киэҥ айан суолун бүтүннүүтүн ыйыстан кэбистэ. Бу орто аан дойдуга субу саба халыйан сири-халлааны силбэһиннэрбит хараҥаттан, киһи тыынын-быарын тумнарар бытарҕан тымныыттан ураты туох даҕаны суоҕун курдук. Арай илиҥҥи мыраан анныгар, сыһыы хонноҕор, хараара багдайбыт балаҕан үөлэһинэн түүтэх кыымнар өрүтэ ыһыахтаналлар. Хамнаабат халыҥ хараҥа олору даҕаны, үөлэстэриттэн ыраатыннарбакка, сабыта тутан киэҥигэр кистээн иһэр.

      Тымтар тымныылаах им балай киэһэ өссө ордук хабараан тымныылаах бүтэй хараҥа түүнүнэн солбуллара чугаһаата.

      Үөлэс кыымнара аҕыйыылларын саҕана балаҕан хаһаайына Миитэрэй Аргыылап оҕонньор таһырдьа таҕыста. Кини бэргэһэтин кулгааҕын сэгэтэн тэлгэһэҕэ, ат баайар сэргэ аттыгар, чочумча иһиллээн турбахтаата. Туох да биллибэт, им-ньим. Антах, дал диэки эрэ сылгылар хаамсан куучурҕаһаллар. Оҕонньор балаҕан иннигэр барыһан турар ампаардарын күлүүстэрин тардыалаан көрүтэлээтэ. Урут дьиэ-уот хатыылааҕар дуу, суоҕар дуу соччо кыһаныллыбат буолуллара. Аны киһи күлүүһү даҕаны эрэммэт кэмэ кэллэ. Аан дайды атыйахтаах уу курдук аймаммыта түөрт-биэс сыл буолла. Ол тухары сарсыҥҥы күнү мин чахчы көрүөм диэн киһи иннин кыайан быһа этиммэт үлүгэрэ түбүлээтэ. Билигин даҕаны уруккулуу нус-хас олох өтөрүнэн эргийэр чинчитэ биллибэт быһыылаах. Аҕыйах сыллааҕыга диэри Аргыылап оҕонньор улахан атыы-тутуу, кэлии-барыы ааныгар, Ньылханныыр суол чугаһыгар, олоробун диэн астына саныыра. Манна балаҕанын түһэриммит эһэтэ оҕонньору ырааҕы эргитэ саныыр кырдьаҕас эбит диэн иһигэр хайгыыра. Онтуката бу сылларга букатын атыннык көрөн таҕыста. Бу суолунан түүн-күнүс аарыгырар кыһыллар саа бырыкылаатынан дибдигирэйэн атын, аһын-үөлүн тутан бардахтарын ахсын аны былыр үйэҕэ өлбүт эһэтин үөхсэн кыбдьыгырыыр идэлэннэ: “Түөһээҥки, ак-каары! Суол ааныгар ордууламмыт буола-буола!..”

      Аргыылап ол-бу диэки олоотоон эмиэ иһиллээмэхтээтэ уонна тугу эрэ күүппүт курдук эргичиҥнээтэ. Туох эрэ итэҕэскэ дылы. Туох? Оҕонньор умса көрөн турбахтаата итиэннэ дьэ өйдүү түстэ. “Ээ, сөп!.. Били барахсаным… Баһырҕаһым… Киэһэ ахсын бу курдук ампаардарым күлүүһүн көрө таҕыстахпына, ойон кэлэн икки илин атаҕынан түөспэр чарбачыйан эккэлиир буолаахтыыра…” Аргыылап хараҕын кырыытынан ампаар муннугун диэки хараарар ыт уйатын көрөн ылла. Итиннэ билигин кураанах. Үнүрүүн эмиэ көлө, ас көрдөөн дибдигирэйбит кыһыл саллааты уйатыттан сулбу ойон тахсан түҥнэри көтөн кэбиспитэ. Онуоха иккис кыһыл саллаат ыт төбөтүн хампы ыппыта.

      Оҕонньор онно аны бэйэбин кытта ытыахтара диэн дьулахачыйбыта. “Баһырҕас эрэйдээх иччибин көмүскэһэбин диэн өлөөхтөөбүтэ. Ыт акаары дииллэр да, барахсаныҥ ким кыһылын, ким үрүҥүн хата эндэппэккэ билээхтиирэ. Кыһыллар эрэ кэллэллэр, уйатыгар киирэн ырдьыгыныы сытар буолаахтыыра… Үрүҥнэргэ эккэлэс бөҕө этэ… Ээ, чэ!..” Аргыылап, күрдьүккэ баран турбахтаат, балаҕаныгар киирдэ. Балаҕан таһырдьаттан хараҥаҕа эрэ улаатан көстүбэт, иһирдьэ киирдэххэ да, кырдьык, киэҥ уорук эбит. Аҕыс саһаан усталаах, биэс саһаан туоралаах толуу бэрэбинэ балаҕан ортотунан хаппытаалынай истиэнэнэн быыһаммыт. Бэтэрээ өттө – үрүҥ аҥаар, дьиэлээх тойон бэйэтэ дьонунаан олорор өттө, анарааҥҥы – хара дьиэ, хамначчыттар, чаҕардар уйалара. Ол дьиэ бэйэтэ кэннинэн таһырдьа тахсар туспа ааннаах. Ону таһынан өссө тэлгэһэҕэ чугас туруору эркиннээх балаҕан баар. Онно эмиэ илии-атах дьон олороллор. Үрүҥ аҥаар хара дьиэ өттүгэр икки хаппахчылаах. Хаппахчылар иккиэн анараа да, бэтэрээ да тахсар ааннаахтар. Балаҕан киирэ түһээти кытта көстөр өттүн түгэҕэ хос ортотугар диэри соҕуруокканан быһа анньыллыбыт. Үрүҥ аҥаары икки сирэйдээх баадай бэйэлээх көмүлүөк оһох ититэр эбит. Оһох биир сирэйэ бэттэх, киирэ түһэр хос диэки, иккиһэ тойонноох хотун сытар түгэх хаппахчыларын диэки хайыспыт. Улахан балаҕан хара аҥаарыгар уонна тэлгэһэтээҕи кыра балаҕаҥҥа урут аҕыс-сэттэ кэргэн ыга симсэн олорор буолаллара. Ол аны аҕыйаан турар. Кыһыллар былаастара олохтоноотун кытта түөрт хамначчыт ыал арахсан өссө саҥа былааһынан кыһарыйтаран хамнас уурдаран, сүөһү-ас чаастатан ылан, туспа буруо таһаарыммыттара. Билигин тэлгэһэтээҕи балаҕаҥҥа Хоохойдоох диэн элбэх ньидьири оҕолоох ыал, оттон хара аҥаарга былыргыта олус баартаах булчут кырдьыбыта, оҕото-уруута суох Айаһыт оҕонньор эмээхсининээн итиэннэ Халытар диэн дьоҥҥо-сэргэҕэ итэҕэппэт сымыйа-кырдьык иккэрдинэн сиикэрик тыллаах-өстөөх, дэбдэҥ, өйүнэн да соччо чуолкайа суох гынан баран кыайыылаах туттуулаах, хотуулаах үлэһит киһи олороллор.