Айар

Все книги издательства Айар


    Таайыллыбат дьикти күүс

    Огдо

    Кинигэҕэ айылҕаттан айдаран өтө көрүүлээх, чараас эйгэни кытта ситимнээх, сахалыы эмтээн дьон туһугар үтүөнү оҥорор туспа айылгылаах дьон олорон ааспыттарын, билигин да биһиги ортобутугар баалларын туһунан үһүйээн, уус-уран айымньы киэбинэн эбэтэр дьиҥ сирэйинэн кэп сиир чахчылар киирдилэр. Ону таһынан, кыайан быһаарыллыбат дьикти түбэлтэлэр олохпутугар тахса тураллара уонна оннук бэлиэлэри этитии, түүл нөҥүө билэр буолуу туһунан кэпсэнэр. В книгу вошли в виде легенд, в литературно-художественной обработке и в документальной форме истории о людях с редким исцеляющим и предвидящим даром свыше, живших наяву в прошлом и живущих ныне среди нас. Кроме того, рассказывается о загадочных случаях, необъяснимых явлениях связи людей с тонким миром через предсказания и сновидения. В формате А4 PDF сохранён издательский макет.

    Мявму икэн

    Михаил Кривошапкин

    Стихи молодого эвенского поэта Михаила Кривошапкина пронизаны глубокой грустью о судьбе эвенского языка и традиционного уклада жизни. С неожиданной мудростью и глубиной молодой поэт размышляет о путях сохранения родной речи. Тем не менее, в его стихах звучит светлая вера в будущее своего народа и всего северного края. На эвенском и русском языках.

    Атыыһыт Кырбаһааҥкын

    Дабаччыма

    Киһи аата мээнэҕэ үйэлэргэ уостан түспэт номох буолан хаалбат эбээт. Тыйыс Өймөкөөн аатырбыт атыыһыта Ньукулай Кырбаһааҥкын туох өҥөтүн иһин күн бүгүҥҥэ тиийэ дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэрий? Туох санааттан кини үтүмэн киһи олоҕор үтүө аанньал буолан Саха сирэ сайдарыгар дьоһун ыччат үөрэнэн-иитиллэн тахсыбыттарыгар төһүү күүс буолбута буолуой? Оттон кини, аарыма кырдьаҕас буолан баран, анараа дойдуга аттаныыта кытары үгүс үһүйээни үөскэппит. Бу уус-уран айымньы олох чахчыларыгар олоҕурбутун ааһан, хоту дойду кэрэхсэбиллээх номохторунан, үһүйээннэринэн сиэдэрэйдик тупсарыллыбыта ааҕааччы киэҥ араҥатын болҕомтотун тардар. Имя человека остается в вечной памяти не просто так. Чем же известный купец из сурового Оймяконья Николай Кривошапкин снискал себе славу в веках? Какая мысль, высокая идея двигала им в его настойчивой помощи в обучении и воспитании молодого поколения, которые сыграли самые яркие роли в судьбе Якутии? Даже смерть его, уже глубокого старика, вызвала множество слухов и предположений… В этом художественном произведении читатель узнает не только историческую правду, но и познакомится с красивыми преданиями и таинственными легендами северного края, изящно вплетенными в ткань повествования.

    Платон Ламутскай. Нимкакич

    Группа авторов

    Кинигэҕэ эбээн поэта уонна прозаига, «Сир иччитэ» диэн бастакы эбээннии роман ааптара, Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, педагог Платон Афанасьевич Степанов-Ламутскай сахалыы суруйан хаалларбыт «Нимкакич» диэн поэмата киирдэ. Суруйааччы историческай матырыйааллары көтөҕөн, ырытан эбээн норуотун былыргы историятын уус-уран суруйууга киллэрбит бу айымньытыгар норуотун үөскээбит төрдүн үөрэтиигэ туспа көрүүтүн тиэрдэр. Поэма ааптар хайдах суруйбутунан бэчээттэннэ. Кинигэ П.А. Ламутскай төрөөбүтэ 100 сылын көрсө тахсар, ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар.

    Вануату – дьол уйата

    Даана Сард

    Ким эрэ бу олоххо чопчу сыаллаах-соруктаах иннин диэки айанныыр, оттон ким эрэ эрдиитэ суох тыыга олорон күннээҕи олох сүүрүгүн хоту устуһар. Билиҥҥи дьалхааннаах кэмҥэ бэйэтэ биир сүрүнэ суох, атын киһи тылынан сылдьар ыччат чэпчэки олох, хараҕы баайар харчы, эриэн моҕой буолан абылыыр арыгы халбархай эйгэтин мүччү көтөн дьолун уйатын булуо дуо?

    Ааспыт ааспат амтана

    Даана Сард

    Тапталы билбэтэх киһи олоҕун ис хоһооно сүтэр. Даана Сард кэпсээннэригэр эр киһи уонна дьахтар сыһыана дьиктитик уонна уратытык көстөр. «…Денис миигин кууспутунан остуолга сытар хаһыаттары сиргэ тарҕата бырахпыта. Биһиги ол үрдүгэр биирдэ баар буола түспүппүт. Кини миигин тэрэгэр эмиийдэрбиттэн атахтарым тыҥырахтарыгар тиийэ өөр да өр уураабыта. Мин кыбыстарбын да умнан, ити уохтаах таптал уйдараҥар бүүс-бүтүннүү ылларбытым… Ис-испиттэн хатаннык хаһыытаабыппын бэйэм да билбэккэ хаалбытым…».

    Алмаас уонна хара дьай

    Рафаэль Багатаайыскай

    Бу – саха народнай поэта Рафаэль Баҕатаайыскай 2008–2009 сыллардаахха суруйбут «Хара дьай» диэн трагедиятыгар олоҕурбут сэһэн. Айымньыга Саха сиригэр алмаас уонна көмүс үлэтигэр ХХ үйэҕэ, чуолаан, 1960-с сыллар ортолоруттан 1980-с сыллар саҕаланыыларыгар диэри кэрчик кэми хабан, араас улуустарга буолуталаабыт түбэлтэлэр аттарыллан, биир сүрүҥҥэ киллэриллэн, уус-ураннык ойууланаллар. Геройдара эмиэ – хастыы да киһиттэн түмүллэн оҥоһуллубут-таҥыллыбыт уобарастар. Онон чопчу дьону көрдүүр оруна суох. Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар.

    Акаары дьахтар туһунан кыра сэһэн

    Валентина Гаврильева

    Ураты көрүүлээх, туспа суоллаах-иистээх суруйааччы Валентина Гаврильева «Акаары дьахтар туһунан кыра сэһэн» хомуурунньугар киһи сирдээҕи анала, таптал, сиэр-майгы, дьылҕа туһунан кэпсэнэр. Оҕо эрдэҕиттэн олох очурун-чочурун билбит Ньукуу уолчаан, кини ийэтэ «иирээки» Ырыачай, «акаары дьахтар» Даайа уо.д.а. геройдар ааҕааччыны толкуйдатар, умсугутар, долгутар аналлаахтар. Кинигэ ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар.

    Төлкө

    Николай Якутский

    Николай Якутскай бу норуокка киэҥник биһирэммит айымньытыгар сахалар Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин иннинээҕи олохторо, Бодойбоҕо оробуочайдары ытыалааһын, Саха сиригэр Гражданскай сэрии саҕанааҕы тыҥааһыннаах быһыы-майгы сырдатыллар.

    Аҕа

    Семен Маисов

    Ааптар бу кинигэтигэр үтүө үгэстэрдээх, туспа сиэрдээх-туомнаах саха ыалын туһунан айымньылара түмүлүннүлэр. Ол курдук, тыа сирин күүс үлэтин арааһын ситэри баһылаабыт мындыр саха эр киһитин олоххо кыраҕы сыһыана, аныгы кэм балысхан сайдыытын кытта тэҥҥэ хаамсыбыт, омос көрдөххө, тус олоҕор барыны ситиспит саха дьахтарын ис түгэҕэр сөҕүрүйэн сыппыт киччим санаата биир бэлиэ, умнуллубат түгэнтэн уһуктан, олоххо ураты сыһыаны саҕара дьиктитик ойууланар. Ону сэргэ саха төрүт дьарыга булт туһунан кэпсээннэр, хомоҕой хоһооннор ааҕааччы болҕомтотун тардыахтара.