Название | Хоhооннор |
---|---|
Автор произведения | Артемий Афанасьев |
Жанр | Поэзия |
Серия | |
Издательство | Поэзия |
Год выпуска | 0 |
isbn | 9785005387561 |
Оҕо сааһы санааммыт
Көнньүөрэбит астына.
Быйыл саҥа туһэр
Сыа хаарбыт намылыйан,
Тураат хайаан да,
Бэчээт ууруом ытыспынан.
Оҥорбут бэчээппин астына
Одуулуом уһуннук сыныйан,
Оҕо сааһым доҕотторун
Ахта саныам эргитэн.
Сатал. 29.09.2018
Бастакы кырыа
Күһүҥҥү хахсаат тыал
Хастаан барда чараҥмын,
Ханна баарый бэҕэһээҥҥи
Көмүс солотуулаах чараҥым?
Саныыр санаам утаҕа
Сүөм түстэ өмүттэн,
Күһүҥҥү көстүүм барбыта
Сөҕүмэр түргэнин соһуйан.
Тахсар күн суһумар
Чараҥым кылбайда күлүмнүү,
Үрүҥ көмүс кырыанан
Киэргэммит таһаатын көрдөрөн.
Санааҕын түһэримэ, оҕонньор,
Оҕолор оонньууллар толооҥҥо,
Кырыалаах кэнчээригэ сырсаллар,
Ол аата – олох салҕанар.
Сатал 3.10.2018
Оҕо сааспар кэллим
Тэйэн ыраах сылдьан,
Арыт түүлбэр көрөн,
Төрөөбүт улааппыт алааспар
Тиийэн кэллим ахтан.
Арай эмискэ көрдөххө
Алааһым эмиэ кырдьыбыт,
Оонньуур титирик ойуурбут
Тэҥкэ тиит буолбут.
Алаас илин саҕатыгар
Хатыыскалыыр үрдүк сыырбыт
Ото-маһа суох буолан
Тараҕайа килэйбит.
Сайыҥҥы сылаас күн
Чомполонор быллаар уубут,
Чөҥүрүк чүөмпэ буолан
Хомус отунан күрүөлэммит.
Оҕо сааһым өйдөбүлэ
Алааһым миэнэ дууһабар,
Өрүү ыраас, сылаас
Олорон хаалбыт букатын.
Харбалаах. 13.10.2018
Күһүҥҥү Аммам
Чүөмпэ үрдүк биэрэгин
Чанчыгар туран көрөбүн
Чаҕылыйа устар Аммам
Чаччаарыйбыт нүһэр күлүгүн.
Чампарыктыйбыт кытылыгар
Чаҕыллар тоҥ чэй таас,
Чысхаан охсор талаҕыттан
Чыычааҕым да мэлийбит.
Ууллубут сибиниэс устарыныы
Эбэм уута ыараханын,
Арай үөскэ хачыгырыы
Халҕаһа кыдьымах харылыыр.
Уһун кыһыҥҥа саптыныа
Халыҥ муус хаатын,
Ыраас уута илибирии
Устуо мууһун аннынан.
Харбалаах. 18.10.2018
Идэһэ күнүн кэтэһии
Халлаан олох тымныйбат,
Хайдах эрэ буоллубут,
Хаарбыт да суох,
Хара сиргэ сылдьабыт.
Идэһэ сиэри салбанан
Илин халлааны маныыбыт,
Иһит, хомуос тыаһатан
Итии салгыны кыйдыыбыт.
Идэһэ сибиэһэй миинэ
Иһэргэ минньигэс буоллаҕа,
Итии сыалаах эти
Эмэ олорор амтана.
Сүөһү ииппэт сахалар
Суохтууллар идэһэ күнүн,
Сүпсүлгэннээх күндү күнү
Сибиэһэй хара ас сытын.
Харбалаах. 18.10.2018
Бастакы хаар
Бүгүн