Таас Хайа. Бастакы версия. Эрнест Яхонт

Читать онлайн.
Название Таас Хайа. Бастакы версия
Автор произведения Эрнест Яхонт
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 9785006429963



Скачать книгу

арааһы барытын гынан турардаахтар. Биир кэм биир уолу атаҕастыыр этилэр, ону Мичил олохтоох уол буоларын быһыытынан дугда-хахха буолааччы. Мичилтэн элбэх оҕо толлоро, кини уҥуоҕунан улахан, эттээх-ыйааһыннаах буолан кими баҕарар «хум-хам» тутан кэбиһиэх кыахтааҕа, ол даҕаны буоллар бэйэтэ боростуой уол буолан күүһүн мээнэ көрдөрбөт майгылаах этэ.

      – Иһит эрэ да, өссө биирдэ Яшаны тыытыаҥ, тиискин хампы охсон кэбиһиэм, өйдөннө да? – Мичил кыыһырбычча бастакы биригээдэ уолун саҕатыттан ылан олоххо-дьаһахха үөрэтэ турда.

      – Сөп, Мич-Мичил. Аны Яш-Яшаны сордуом суоҕа – диэтэ уһун баттахтаах, күөх харахтаах уол.

      – Киэр бар, сүөһү бл* – диэн баран эмэһэҕэ тэптэ, онтуката остолобуой диэки сүүрэ турда.

      Яша бэйэтэ хатыҥыр, кыра уҥуохтаах уол буоларын быһыытынан баһыйтарара, оскуолаҕа сылдьан өскөтүн биир атаҕастабыла суох күн аастаҕына Таҥараҕа махтана саныыра. Ол да буоллар бэйэтэ уруһуйу баһылаабыт киһи, конкурска кыттан бастакы миэстэттэн аллараа түспэт идэлээҕэ.

      – Мич, мин эйиэхэ иэстээх курдук сананным – махтаммычча Мичил диэки көрдө.

      – Туох даҕаны иэһиҥ суох, Яша. Өскөтүн ким эмит эйигин сордуур түгэнигэр миэхэ эт.

      – Мич – Яша хайдах эрэ уолуйбуттуу көрдө.

      – Тугуй? – Мичил тугу эрэ сэрэйдэ.

      – Бэҕэһээ түүн туалетка тахсан иһэммин киирии суол диэкиттэн туох эрэ улахан, хара шуубалаах киһини көрбүтүм.

      – Оо иэдээн эбит, ону вожатайдарга эппитиҥ дуо?

      – Баарамайга эппитим, ону киһим тугу даҕаны улаханнык саҥарбатаҕа, алҕас көрбүтүҥ буолуо диэбитэ.

      – Баҕар оптическай иллюзия кырдьык буолуон сөбө дуу – Мичил бэйэтэ хайдах эрэ этин сааһа арылынна

      – Буолуон даҕаны сөп – диэтэ Яша, уонна Мичиллиин ону-маны кэпсэтэ ипсэтэ лааҕыр диэки хаама турдулар.

      Үһүс нэдиэлэ. Өскөтүн урут сурук суруйаннар, конвердарын почта дьааһыгар уган, өр да бириэмэ эппиэти күүтэр эбит буоллахтарына, билигин нокиа төлөпүөнэ сибээс хапта даҕаны, кимиэхэ баҕар, хаһан баҕарар эрийэҥҥин, чугас киһин куолаһын истэҥҥин төһө баҕарар кэпсэтиэххэ сөп. Оннук курдук оҕолор эмиэ кнопка телефоннарын хостоон таһааран, ким подругатыгар, ким ийэтигэр, ким аҕатыгар эрийэннэр, эбиэт кэнниттэн сынньалаҥ чааһыгар бары даҕаны кэриэтэ ирэ-хоро кэпсэтэллэрэ. Мичил тото-хана аһаан баран төлөпүөнүн туппутунан ийэтин кытта кэпсэтэ ороҥҥо сытынан кэбиспитэ. Арай эмискэ баҕайытык Ньургуйаана тиийэн кэллэ уонна түөһүгэр сытына биэрдэ, орон пружината икки киһи ыйааһынын уйбакка аллараа «кыычык» гына биэрдэ.

      – Кимниин кэпсэтэҕин, Мич? – тугу эрэ интэриэһиргээбит курдук Ньургуйаана ыйытан саҕалаата

      – Ийэбин кытта кэпсэтэбин – Мичил утуйан турбут киһиэхэ дылы, суон куолаһынан саҥарда. Өр буолбата, ийэтин кытта покаалаһан баран Ньургуйаананы кууһан ылан сыллаан-уураан саҕалаата. Арай дьиэ аанын тоҥсуйдулар. Мичил туран кэллэ.

      – Кимий? – диэн ыйыппытыгар аны иккистээн