Үс Бүлүү айдарыылаахтара. Сборник

Читать онлайн.
Название Үс Бүлүү айдарыылаахтара
Автор произведения Сборник
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-5529-6



Скачать книгу

ыарыыны эмтииллэрин кэпсээбитэ. Онно Верхоянскайтан сылдьар саха кырдьаҕас эмээхсинэ улахан чиновнигы «перелой – бөрөлөй – сифилис» ыарыыттан официальнай эмчиттэр бары аккаастаммыттарын кэннэ быыһаабытын холобур аҕалбыт. Эмээхсин ыарыһаҕы сууйан, ыраастаан баран ханнык эрэ от суурадаһынынан хас да күн ыстарбыт. Ыарыһах үтүөрэн, ойох ылан, чэгиэн оҕолору төрөппүт. Тойон киґи ыарыытын олох суох гыммытын иһин эмээхсиҥҥэ улаханнык махтаммыт. Эмээхсин сотору кэминэн эмтээбит отун кистэлэҥин кимиэхэ да эппэккэ өлбүт. Сахалар эмтээх отунан туһаналларын нууччалар ХVII үйэ иккис аҥаарыттан билбиттэрэ. Ол курдук, 1674 с. эмтээх оттору хомуйуунан дьарыктанар Семен Епишев воевода И.В. Волконскай сорудаҕынан Саха сирин киин улуустарыгар үүнэр оттору хомуйан ыраахтааҕыга ыытан турар. П.Л. Драверт саха ойууннара ураты эмтиир дьоҕурдаахтарыттан сылтаан былаас өттүттэн ураты сыһыан баар буолуохтааҕын ыйар.

      Ол курдук ХVII үйэ дьалхааннаах кэмнэригэр хаһаахтар сахалартан патриотическай өйдөөх-санаалаах салайааччыларын, өр сылларга мунньуллубут билиини тарҕатар ойууннарын өлөртөөбүттэрэ. Норуот оннук уһулуччу дьонун умнубат, дьоруойдарын күүстээх, өйдөөх, аптаах дьонунан үһүйээннэргэ ахтара диэн бэлиэтиир. Сахалар бэйэлэрин аҕа баһылыктарын Тыгын туһунан үһүйээннэри истибэтэх киһи суоҕа буолуо.

      Драверт саха ойууннарын кыахтарын үрдүктүк сыаналыыр этэ. Кини ойууннар норуот өйүн-санаатын түмээччи буолан, Үрдүкү Айыылары кытта сибээстиир кыахтаахтарын толору итэҕэйэрэ. Ойуун көрүүтэ космологияны кытта сибээстээҕин, кинилэртэн улахан тойоттор куттаналларын, иирсибэттэрин бэлиэтиир.

      Православнай таҥара итэҕэлин тарҕатыы сахаларга, атын да кыра омуктарга уустуктук барбыта биллэр. Кириэстэммиттэр дьаһааҕы төлүүргэ чэпчэтии ылаллара. Ол эрээри саҥа итэҕэли ылыммыттар биир да малыыппаны билбэттэрэ. Губернатор Крафт эппитинэн, сатаан да кириэстэммэттэрэ. Православнай таҥара дьиэтэ Сибиир норуоттарыгар үөрэҕи тарҕаппыта, нуучча тылын, култууратын нөҥүө атын омуктары кытта билиһиннэрбитэ.

      Ойуун сахаҕа жрец, эмчит. Кини киһи ис дууһатыгар киирэн, айыылар көмөлөрүнэн ыарыһаҕы алгыһынан, абынан-хомуһунан, отунан эмтиир. Ол иһин дьон ытыктыыр. Саха киһитэ төһө да православнай итэҕэли ылыннар, нууччалыы аакка көстөр, өбүгэлэрин итэҕэллэрин умнубат.

      Православнай таҥара дьиэтэ ойууннары утары харса суох охсуһууну саҕалаабыта. Ойууннар саһан олорорго уонна кистээн ойууннуурга күһэллибиттэрэ. Дьон-сэргэ ойуун туһатын өйдөөн кыаҕа баарынан киниэхэ көмөлөһөрө, харыстыыра.

      Ойууннар утары ыраахтааҕы сорунуулаахтык туруммута. Ойууннааһыны бобор туһунан ыйааҕы воевода М.И. Арсеньев 1699 с. таһаарбыта. Иккис итинник ис хоһоонноох ыйааҕы 1841 с. уобалас начаалынньыга Д.И. Рудаков олохтообута. Бу дьаһаллар сүрүн сыалларынан ойууннары суох оҥоруу этэ. Куораттарга уонна таҥара дьиэтин таһыгар кыыраллара бобуллубута, ол да үрдүнэн ойууннар син биир кыыраллара, эмтииллэрэ.

      Сэбиэскэй былаас итэҕэли суох оҥорор үлэни сорунуулаахтык