Название | Киһи биирдэ олорор |
---|---|
Автор произведения | Софрон Данилов |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 1973 |
isbn | 978-5-7696-2349-7 |
Томмот бастаан “үлэлии кэллиҥ” диэн тыллары атыҥырыы иһиттэ: сэриилэһэр чааска киирээри кэлбит киһини “үлэлии кэллиҥ” диирэ хайдах хайдаҕый? Онтон “саллааттарабыт” диэбитин эмиэ да сөбүлүү санаата. Ити курдук, чопчутун өйдөөбөккө, мунан-тэнэн буккуллан хаалла.
– Оччоҕо мин курдук кэлэн олордоҕуҥ, – киһитэ хардарбатын көрөн, Ойуурап быһаарда. – Чэ дьиҥэ хайдах кэлбитиҥ улахан буолбатах. Кылаабынайа – сүрэххиттэн бэринэн үлэлиириҥ. Иһирдьэ киирэн буккуһан, эрэйдэнэн бардаххына, үлэҥ суолтатын өйдүөҥ. Чыкаа-куппуу өрөбөлүүссүйэ куйаҕа уонна батаһа буолар. Билэҕин дуо, ким инньэ диэбитин? Дисэрсиинискэй! – Ойуурап сөмүйэтин өрө аста. – Куйаҕа, батаһа суох кыргыһыаҥ дуо? Суох. Өстөөх өтөрү түһэриттэн хаххаланарыҥ туох да суох буолар, өстөөҕү өһөрөрүҥ туох да суох буолар. Син ол кэриэтэ чыкаата-куппуута суох ханнык да бэйэлээх кыайыылаахтык саҕаламмыт өрөбөлүүссүйэ өр туругуруон сатаммат. Онон, доҕоччуок, куппуу үлэһитэ буолар – үрдүк чиэс уонна улахан итэҕэл!
– Мин куппууга үлэлии кэлбэтим, – Томмот алҕас тахсыбытын көннөрө охсорго баҕаран тыл кыбытта.
– Ноо! – Ойуурап соһуйан саҥа аллайбытыгар хамсата айаҕыттан мүччү түһэ сыспытын харбаан ылла. – Оччоҕо манна тугу гына кэлэн олороҕун?
– Дивизиоҥҥа киирээри. Мин Пепеляевы утары сэриигэ ыытыҥ диэн көрдөспүтүм ээ. Онно ыыттахтара дии санаабытым. Эһиги дивизиоҥҥут сэриилэһэ тахсар ини?
– Билбэтим. Дибисийиэни мин дьаһайбаппын, – Ойуурап хайыы-үйэ сойбут, тоҥуй куолаһынан хардарда. Сөбүлээбэтэх быһыынан толору ыастаах чубуугун күүскэ-күүскэ оборон сурдурҕатта.
Горкомолга үчүгэйдик өйдөтүспэккэ, кэпсэтиспэккэ, өмүрэх курдук, алҕас сулбу ойон кэлэн бу солото суох киһи бириэмэтин былдьаатым диэн Томмот буруйдана санаата. Ол буруйун чэпчэтиниэхтии, быһаарар быһыынан аргыый эттэ:
– Мин хонтуораҕа үлэлиэхпин баҕарбаппын. Сэриилэһиэхпин баҕарабын. Илиибэр бинтиэпкэ ылан…
– Сөп-сөөп. Истэргэ соччо сонуна суох эрээри, саҥаран ис. Истэбин.
– Уонна оттон… сэриилэһэр чааска киириэм этэ. Кыһыл армееһынан.
– Итиэннэ?
– Уонна оттон… бүтэр…
– Хонтуораҕа хохойон олоруоххун баҕарбаккын? – Ойуурап иккиһин лаппыйан ыйытта.
– Ыһыы… – Томмот тоҥхох гынна.
– Биэстэ эстэр бинтиэпкэнэн ытыалыы-ытыалыы, ыстаал буулдьа ардаҕын ортотунан уоттаах атаакаҕа утары сүүрэн киириэххин баҕараҕын?
Томмот “ээх” диэх курдук гынан иһэн Ойуурап куолаһыгар эҕэлээх дорҕооннор быыһылыылларын истэн