Киһи биирдэ олорор. Софрон Данилов

Читать онлайн.
Название Киһи биирдэ олорор
Автор произведения Софрон Данилов
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 1973
isbn 978-5-7696-2349-7



Скачать книгу

Соруйан анаан-минээн эккирэтэллэр быһыылаах. Арааһа, били нэк бэргэһэ сатана, уорбалаан, тыллаабыта буолуо. Валерий ата таһыыр бэрдиттэн муҥ кыраайынан түһэ сатыыр да, сири соччо хороппот, күүһэ мөлтөөбүтэ биллэн барда. Кэлин диэки туйахтар чигдигэ хабыллар тыастара улааттар улаатан истэ. Өлүү түбэлтэлээх, тыа баранан, суол эмиэ үрэх толоонугар киирдэ. Валерий толоону саҥардыы ортолоон эрдэҕинэ эккирэтээччилэр уҥуоргу тыаттан субу ойутан бачымахтаһан таҕыстылар.

      – Тохтоо! Тохтоо! Ытыахпыт!

      Валерий көбүөхтэс буолбут атын тохтоло суох кымньыынан сабаата.

      – Тохтоо!

      Эмискэ үрдүнэн, ойоҕоһунан суйуласпыт ыйылас тыастар иһиллээттэрин кытта толоон кытыытынааҕы тоҥ тииттэр сиритэ ыстанан таһырҕастылар. Валерий, ньыкыйа түһээт, “буулдьалар…” диэн өйдөөн эрдэҕинэ кэннигэр саалар тыастара дэлбэритэ бардылар. Сыарҕа эмиэ тыа иһигэр ньимис гынна. Ол да буоллар куотарга эрэмньи аччаата. Эккирэтээччилэр лаппа чугаһаатылар. Валерий ата төрүт уҥа быһыытыйда, сэниэтэ суоҕунан өкөчөҥнүү сатыыр. “Аныгыс ытыыларыгар бэйэбин ытыахтара биитэр ситэн тутан ылыахтара, – диэн кини ыксаата. – Тыыннаахтыы бэриниэм суоҕа. Син биир өлөрүөхтэрэ. Ол кэриэтин үгүстэн үгүс охтуо, аҕыйахтан аҕыйах… Биирдэстэрин эмэ сууллардахха, атыттара, баҕар, дьулайан эккирэтиэхтэрэ суоҕа… Чэ синэ биир…”

      Валерий саатын харбаан ылла, бэлэмнэнэн кэннин хайыһан истэ. Эккирэтээччилэр, ойуур тоҕойун эргийэ көтүтэн, көнө суол төрдүгэр утуу-субуу кутулла түстүлэр. Валерий бастакы киһини, ол киһи түөһүгэр туох эрэ кытарарын, сыалыгар киллэрээт, чыыбыһын тарта. Саата эстибитин өйдүөн иннинэ били киһитэ атыттан таҥнары хойуоһунна. Кини, кэнники булумахтаспыт аттары, дьоннору туһулуу-туһулуу, үлүбүөй утуу-субуу төлүтэ тардыталаата. Суол эргийиитигэр туораан иһэн эрэ тула өттүнэн буулдьа сырдыргыырын биллэ. Тииттэр хаххаларыгар киирэн баран, бинтиэпкэтигэр саҥа обуойманы угунна, бэргэһэтин сэгэччи анньынан үөһэ тыынна. “Көрдөөбүккүтүн ыллыгыт ини…” – диэн өһүөннээхтик ботугураата. Эккирэтэр дьон били доҕордоро табыллыбыт сиригэр тохтоотулар быһыылаах, тыастара иһиллибэт буолла. Валерий, сир ыла охсоору, муоһатын үрдүгэр түстэ. Маҥнай муоһатынан, онтон кымньыытынан үрүт-үрдүгэр сабаата. Онуоха ата, уруккутун курдук, хардыытын түргэтэппэтэ. Хата ордук бытаарарга дылы гынна. Валерий, нууччалыы маатырылаан үөхсэн бардьыгынаат, кымньыытын далайан самыыга түһэрэн эрдэҕинэ, ата итирик киһилии уҥа-хаҥас байааттаҥнаан ылла уонна сүүрбүтэ сүүрбүтүнэн иһэн суол кытыытыгар, хаарга, умса баран түстэ. Валерий, соһуйбучча дуу, көбүөхтүү сытар ат самыытын иккитэ-үстэ кууһуннарда. Туох-ханнык буолбутун ол эрэ кэнниттэн өйдөөтө быһыылаах: суолу туора тардыллыбыт сыарҕатыттан чигдигэ ыстанна.

      Ат хаҥас түөһүттэн итии хаан өрө тыган буруолуур. Уҥа быттыгын анныгар хаар эмиэ өһөҕүрэ хараарбыт. Кырыарбыт ойоҕоһо түүрүллэ-түүрүллэ дьигиҥниир. Валерий, туруоруон баҕарбыттыы, ат төбөтүн эргилиннэри тарта уонна, кыһыҥҥы буһурук халлаан күлүгүн түһэрбит, умуллан эрэр мэндээркэй хараҕы көрөөт, ыһыктан кэбистэ. Итиэннэ, суолга