Үһүйээннэр, номохтор. Багдарыын Сүлбэ

Читать онлайн.
Название Үһүйээннэр, номохтор
Автор произведения Багдарыын Сүлбэ
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-3890-9



Скачать книгу

Араҥаһа сууллан түспүтүгэр. Булбатахтар. Онно киһи көрдөөбүттэр. Хах оҕонньор: «Мин барабын. Ыччаттарбын ыыппаппын», – диэбит уонна өлбүт онно. Толук буолан. Оннук күүстээхтик кыырбыт. Айаҕыттан үрүҥ күүгэн бырдьыгынаабыт. Оннук күүстээх эбит кыырыыта.

      Хоту Оҕонньор дьиҥнээх аата Моонньоҕон диэн. Онон манна олохтоохтор моонньоҕон куһу уһуутай, моонньоҕон хаптаҕаһы хара хаптаҕас диибит.

      НЬУРБА

      Саргылаана Егорова. Ньурба, Сүлэ. 1960-с сс. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа II кууруска үөрэнэ сылдьан суруйбут курсовой үлэтиттэн.

      СҮЛЭ

      Былыыр-былыр Сүлэ диэн бухатыыр олорбут. Бу киһи туох да аһара баайдааҕа эбитэ үһү. Сылгыта-сүөһүтэ барыта муһуннаҕына, күн көстүбэт буолан хаалара үһү. Сүлэ аата-сураҕа киэҥник тарҕаммыт. Бу киһи күүһүнэн да, быһыйынан да кими даҕаны иннигэр түһэрбэтэх эбит. Сүлэ саҥата үс биэрэстэлээх сиртэн, субу кэлэн саҥарар курдук, иһиллэрэ үһү. Кини биир саамай таптыыр аттааҕа үһү.

      Биирдэ Сүлэ, түптэ уматан баран, дьиэтигэр киирэн утуйан хаалбыт. Кини ол таптыыр ата уонна сүөһүлэрэ түптэҕэ кэлэн турбуттар. Ол турдахтарына, ороспуойдар кэлэннэр Сүлэ атын илдьэ барбыттар. Улахан аймалҕан буолбут. Сүлэни чаҕардара уһугуннарар кэмнэригэр ороспуойдар төһө эмэ ырааппыттар. Сүлэ тахсан: «Аппын сибилигин аҕала охсуҥ биитэр эһигини өлөртүөм!» – диэн хаһыытаабыт.

      Ороспуойдар, бу кэллэҕэ диэн ыксааннар, уҥуохтара халыр-босхо барбыт. Аты быраҕан кээһэн бараннар, атахха биллэрбиттэр.

      Сүлэ суон сураҕын Омоллоон диэн эмиэ аатырбыт бухатыыр истибит. Омоллоон Сүлэни күрэстэһэргэ ыҥырар. Кинилэр охсуһаллара туох да аһара ынырык үһү. Омоллоон Сүлэни кыайбыт. Омоллоон Сүлэни кыайбытын бэлиэтигэр дойдутугар Сүлэ төбөтүн үҥүүтүгэр дуу, ураҕаска дуу ууран баран төннүбүт.

      Сүлэ бухатыыр олоппоһо аҕыйах сыллаахха дылы Арҕаа үрэххэ баара үһү. Билигин ол олоппоһу суох курдук кэпсииллэр. Омоллоон Сүлэ сүрэҕин, быарын, атаҕын ылан, тус-туспа сирдэргэ хааллартаабыт. Ол иһин Сүрэх, Быар, Атах диэн алаастар үөскээбиттэр.

      Прокопий Прокопьев-Прокопий Чуукаар. Суруйааччы. 1964–1965 сс. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа II кууруска үөрэнэ сылдьан суруйбут үһүйээннэрэ.

      ОҔО ӨЛБҮТ

      Былыр бу дойдуга киһи-сүөһү саҥа олохсуйан эрдэҕинэ ити билигин Оҕо Өлбүт дэнэр сыһыы хара маһыттан ыла уулаах күөл эбитэ үһү. Биирдэ ол күөлтэн аһаан олорор ыал соҕотох оҕолоро, уу баһа киирэн баран, ууга түһэн, өлөн хаалбыт. Дьоно, оҕолоро үөгүлүүрүн истэн, саба сырсан кииртэр да, кыайан өрүһүйбэтэхтэр. Соҕотох оҕолорун аһыйан, сор-муҥ бөҕөнү көрбүттэр. Хас да күннээх-түүнү быһа күөлү булкуйбуттар да, булбатахтар. Үөһэ тэстэн, дагдайыа диэн эмиэ хас да күн көһүтэллэр да, туһа тахсыбат. Биирдэ өлбүт оҕо аҕата, санаата-аһыыта түмүллэн, иирбит киһи курдук, күөлүгэр киирэн, киһилии кэпсэтэн, кэп туонан барбыт: «Күҥҥэ көрбүт күндү көмүспүн туох ааттааххар угуннуҥ? Туох буруйу оҥороммут санааҥ туолбата? Оҕобутун мэҥиэһинниҥ, аны бэйэбитин ыйыһын, оҕом өлүгүн көрө иликпинэ мантан харыс халбарыйыам суоҕа! Оо, кимнээх буолан кимим, туохтаах