Название | Атыыһыт Кырбаһааҥкын |
---|---|
Автор произведения | Дабаччыма |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-6122-8 |
Ньукулай дьиэтигэр көмөлөһөр дьонноох. Ол курдук Старкова Балаайа диэн иистэнээччилээх. Үтүлүк, бэргэһэ тигэр, абырахтыыр, ону таһынан түннүк кырыатааһына, иһити сууйуу, дьиэ харбааһына. Улахан нуучча дьиэтигэр атыы-тутуу, ыалдьыттары көрсөр, аһатар саала, ону таһынан икки хос, бииригэр Ньукулай, иккиһигэр кэргэнэ Даарыйа утуйаллар. Дьиэни кытта сыста саха балаҕаныгар кымыс оҥороллор, аһыыллар-сииллэр. Кыстык дьиэлэрэ арҕаа турар, тула үүт күрүө. Онно кыһын тахсан олороллор. Бу дьиэҕэ түүлээҕи тутар. Кырынааһы дьааһыкка, тииҥи улахан ынах тириитэ матаҕаҕа симэллэр. Барытын уоннуу гына баайаллар, кэргэнэ Даарыйа уонна Уксаан уола Дьэмиит Мөлөкүүрэп көмөлөһөллөр. Маны таһынан баайы-дуолу уурар үс тиһилик ампаар, боппуолдьа, биэни сөрүүкэтэр, ыыр сарай, аты баайан туруорар бөҕө-таҕа сэргэлэр. Бу Индигиир өрүс уҥа кытылыттан чугас кырыы таас кырдаллаах үтүө-мааны сир.
Кыһалҕа кыһарыйан, эрэй эҥээрдэһэн…
Арыый эрдэтээҥҥи кэмҥэ төнүннэххэ, Онтойор уолун уола Ньукулай оҕо сааһа ааһан, ыыра кэҥээн, ыраах-чугас нэһилиэктэринэн сырыыта-айана кэҥиир, билсиитэ-көрсүүтэ, доҕоро-атаһа элбиир. 20 сааһын быдан ааһыар диэри ускул-тэскил олоххо тардыһара улаатан иһэр. Онуоха эбии арыгыттан, хаартыттан дьалты туттубат, олус ыллам-дьэллэм буолан, аҕата өлүүлээн-чаастаан анаабыт баайын-дуолун 150 ынах, сылгы сүөһүтүн уҥа-хаҥас матайдаан улаханнык аҕыйатар. Ону билэ-көрө сылдьан ыаллара, аймахтара айбыт аҕатыгар үҥсэн, сэмэлээн көрөллөр да, аҕата өрүү көмүскүүр аакка сылдьар:
– Мин уолум өйдөөх, сотору кэминэн көнүөҕэ, киһи бэрдэ буолуоҕа, – диэн дьонун саба саҥарталыыр.
Онуоха дьоно:
– Сааһын сиппит киһи кэргэннэнэр, оҕолонор-урууланар, боччумурар да кэмэ кэллэ. Саатар дьиэтигэр-уотугар да көмөлөһүөх этэ.
– Суох-суох, уолум быстах-остох кэмэлдьитин тосту быраҕыаҕа, киһи суолугар үктэниэҕэ. Көрөөрүҥ да истээриҥ, – диир уонна саҥаттан дьалты туттар. Хас да сыл ити курдук ааһар, олох биир күдьүс күнү-дьылы кытта солбуйсан бардар баран иһэр. «Дьыл да араастаах» дииллэринии, Өймөкөөн, Халыма, Абый уокуруктарын эҥээрдэринэн