Вануату – дьол уйата. Даана Сард

Читать онлайн.
Название Вануату – дьол уйата
Автор произведения Даана Сард
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-3400-0



Скачать книгу

Миша иккиэн үҥкүүлүү бардылар. Ити былаһын тухары Костя төбөтүн туох санаалар ытыйбыттарын айбыт таҥара бэйэтэ билэр. Уол баҕар бэйэтиттэн бэйэтэ кэлэйэ, мөҕүттэ олороро буолуо («тугу да сатаабат, муҥкук киһибин!»), эбэтэр, Мишаҕа бүтэйдии кыыһырара буолуо («тоҕо дьоллоох түгэммин былдьыы сатыырый?»), Милаҕа кини буолбакка, Миша ордук барсар эбит диэн арыйыыттан күнүүлүүрэ буолуо, баҕар, кини олох да атын толкуйга ылларбыта буолуо («аттыгар үҥкүүлүү сылдьар мин аҕай дэспит кыргыттартан тоҕо Миша сэмэй Миланы ордороруй, дохсун, сытыы бэйэтэ итинник холку, нарын кыыска тоҕо тардыһарый?») Оттон Миша Милаҕа ылларбытын ама Костя хайаан сэрэйиэ суоҕай? Сэрэйэр. Леди Гага бүттэ. Онтон салгыы кими эрэ холбоотулар. Костя ырыаһыттары оччо-бачча араарбат. Кэмниэ кэнэҕэс уоллаах кыыс үҥкүүлээн бүттүлэр.

      – Хайа, Костик хайдахпытый? Табыллан, үчүгэй баҕайытык үҥкүүлээтибит быһыылаах ээ, көрдүҥ дии? – Миша тэйиэ баара дуо, суох, хата, аттыларыгар ыскамыайкаҕа олордо.

      – Бэркэ үҥкүүлээтигит, ол эрээри эн сылайбатыҥ дуо? – Костя Мишаҕа туһаайан эттэ.

      – Эс, билиҥҥиттэн сылайдахпыный? Мин ардыгар саныыбын ээ: адьас кырдьар сааспар диэри үҥкүүлүөм диэн.

      – Ол саҕана уларыйыаҥ, – Костя саҥатыгар саарбахтааһын дорҕооно иһилиннэ.

      – Биллэн турар уларыйыам, ол эрээри формабын ыһыктыам суоҕа. Ити иннилэригэр-кэннилэригэр рюкзак иилиммит эр дьону көрдөхпүнэ, адьаһын хотуолуохпун баҕарабын. Өссө онтуларын тупсаран «авторитет» диэн ааттыыллар ээ, сордоохтор!

      Ити кэпсэтии салҕаныаҕын, Мишаны Ник ыҥырда.

      – Эһиги Мишалыын наһаа ураты курдуккут, – Мила, уол тэйбитин кэннэ, эттэ.

      – Кырдьык, туораттан көрдөххө, оннук да буолуо. Ол эрээри «притяжение противоположностей» диэн арааһа биһиги туспутунан буолуо. Мишкалыын биһиги сороҕор күҥҥэ сүүстэ этиһэбит уонна сүүстэ эйэлэһэбит. Суох, эйэлэспэппит даҕаны: туох да буолбатаҕын курдук салгыы кэпсэппитинэн барабыт.

      – Дьикти эбит. Холобур, мин кимниин эрэ кыыһырыстахпына, ол кэнниттэн ити киһиэхэ иккистээн эргиллэрим саарбах. Эһигини өйдүүр уустук.

      – Сөпкө эттиҥ, биһигини өйдүүр уустук. Ол эрээри биһиги Мишкалыын детсадтан быһа бииргэ сылдьабыт. Бэл, ороннорбут утарыта тураллара. Бэйэ-бэйэбитин көрсө сытан утуйарбыт. Өскөтүн хайабыт эмэ ыалдьан детсадка кэлбэтэҕинэ, ол күн иккиспит утуйбата. Оччо суохтаһарбыт. Убайдыы-бырааттыы курдукпут диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Көр, Миша биһиэхэ иһэр уонна тугу эрэ этиэн баҕарар.

      – Эн кини санаатын ыраахтан таайаҕын быһыылаах.

      – Үксүн таайабын.

      – Оттон билигин туох диэҕэй?

      – «Салгыы бардыбыт» диэҕэ.

      – Ник табаарыстара салгыы күүлэйдии ыҥыраллар, – Миша санаатын таба таайар, истиэнэҕэ тоһоҕону саайбыт тэҥэ, судургу буолан биэрдэ.

      – Бэйэлэрэ бардыннар ээ, тоҕо биһиги ымсыырбыт дьон курдук барыларын батыһан иһиэхтээхпитий? – Костя утарыласта эрээри, симиктик, Миша этиитэ быдан дохсун буолан биэрдэ:

      – Эс, хаалан хааллахпытына, Гришаня