Название | Эргитимэ миигин хаар үҥкүүтүгэр |
---|---|
Автор произведения | Галина Нельбисова |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-6091-7 |
Иван Данилович сааһырбыт киһи сиэринэн уруккуну-хойуккуну эргитэн аҕалан саныыра элбээбит. Сааһын тухары сүрэҕин бүччүм муннугар, бэйэтэ эдэригэр тэптэрэн, муннарбыт, сүтэрбит тапталын уобараһа олорор. Ол тырыбыныы-тырымныы, тапталтан дьолломмут кыыс кэрэ мөссүөнэ сүрэҕэр оспот бааһы хаалларбытын биллэрэн сотору-сотору санаатын оонньотор, сыппах быһахтыы аалар. Өрүү даҕаны ол кыыһа ханна тиийэн, туох дьылҕаланан олорорун билиэн-истиэн наһаа баҕарара да, хайдах да кыаллыбатаҕа. Арай бу куоракка, киэҥ сиргэ кэлэн баран, арай манна олохсуйан олорор буоллун, алҕас ханнык эрэ суол тоҕойугар көрсө түстүбүт диэн санаан ылара. Ол санаатыттан бэйэтэ да куттанара, тугу саныырбын курдары билиэҕэ диэбиттии, Катятын диэки көрөн ылбытын билбэккэ да хаалара. Акаарытык да куоппут эбит таптаабыт кыыһыттан. Сүгүн тугу да быһаарбакка, кырдьыгы этиэҕин куттанара бэрдиттэн. Дьиҥинэн, ол түүн кинини наһаа таптаабыт Катя барытын түргэнник быһаарыллар суолга тириэрдибэтэҕэ буоллар, дьылҕата олох атыннык салаллыахтаах этэ. Катяҕа кини, ол да сахтарга кыһыҥҥы сынньалаҥтан өйдүүн-санаалыын, сүрэхтиин-быардыын тапталга ылларбыт киһи, чиэһинэйдик этиэхтээх этэ. Аҥаардастыы кыыс иэйиитин харыстаан, иэрэҥ-саараҥ сылдьарын эрдэттэн билэрэ ээ, эмиэ хомотуон куттанар эбит. Чэ, бэйи, отой да нуктаан абырамматын оҥоһунна…
– Хайа, уопсастыбаҕа туох сонун баа-ар? – Ольга көрүдүөртэн киирбитигэр, Евдокията үгэһинэн сонун истээри оронугар олоро түстэ.
– Ээ, улахан туох да суох быһыылаах. Били кэпсээбит саҥа дьахталлара көстөллөр. Соччо үөрэнэ иликтэр быһыылаах, бэркэ тэһииркээбит көрүҥнээхтэр. Люция Павловна чугаһыы сырытта. Таайбыт курдук, Полиналаах Бааска сайабылыанньа биэрбиттэр үһү.
– Оо, бииргэ олоробут, ыал буолабыт диэн дуо?
– Инньэ диэбиттэр. Ол эрээри, билигин кураанах хос суох үһү. Эмиэ да саарыыр Бааскаттан: Полинатын кэргэн биэриэн туттунар. Миигиттэн сүбэлэтэ сатаан бөҕө буолла. Ону мин хантан билиэхпиний,