Дьолло бэлэхтээ, Сэргэлээх. Аркадий Дорофеев

Читать онлайн.
Название Дьолло бэлэхтээ, Сэргэлээх
Автор произведения Аркадий Дорофеев
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6092-4



Скачать книгу

кыра уолгут хайдаҕый? – Василий Васильевич Телятников диэки көрөн ылар.

      – Ээ, оттон, эрэй үөрэтэр ини.

      – Дьэ, эрэттэрим, кытаатыҥ, – биригэдьиир тахсан барар.

      – Ити, биһигиттэн биир төбө үрдүк киһини көрөн туран, тоҕо «кыра уолгут» диир?

      – Үлэҕэ эриллибэтэх көрүҥнээҕин көрөн, үлэһит быһыытынан кыра диэн эттэ ини.

      Слава биригэдьиирдиин сопхуос завхоһун булан, ыскылааты астаран, биир кошманы Василий Васильевич тус эппиэтинэһигэр бэрдэрбиттэр.

      – Славабыт сытыы-хотуу буолан, бэртээхэй тэллэхтэннэхпит, – Сима кошмаҕа күөлэһийэ сытан, көхсүн тыылыннарар. Күннүктээн куул сүгэн, көхсө сааллыбыт.

      – Бывалай киһилээх диэн үчүгэйин, аны дьэ тэллэххэ күөлэһийэбит, – Никандр олорон эрэ, лаҕыйан, тэйиэккэлээн ылбахтыыр.

      – Бывалай диэбиккэ дылы, Трус, Балбес уонна Бывалай тустарынан анекдоту кэпсиибин дуо?

      – Кэпсээ-кэпсээ, Гена.

      – Арай биирдэ Трус, Балбес уонна Бывалай, кабинеттаах тойоҥҥо киирээри, кэтэһэ олорбуттар. Көрүдүөргэ биир мас кириэһилэ уонна мас дьыбаан баар үһү. Бывалай дьыбааҥҥа сытынан кэбиспит, Балбес кириэһилэҕэ олоруммут. Трус эрэйдээх таах хаамыталыы сылдьыбыт.

      «Мин эмээхсиним до-оп-доруобай, – диэбит кини. – Пахай, ити кириэһилэҕэ баппат». «Һы! – Балбес чөрөс гына түһэр. – Бу кириэһилэ диэхтээн! Мин эмээхсиним ити дьыбааҥҥа батара саарбах!» – «Бу дьыбаан диэхтээн! – дьонугар эргиллэн, Бывалай көөҕүнүүр. – Арыычча дьахтар хайдах дьыбааҥҥа батан олоруой? Мин, эмээхсиним туруусугун прачечнайга илдьибиппэр, ылбатахтара. Тааҥка чехолун сууйбаппыт диэбиттэрэ».

      – Тааҥка чехолун?

      – Суу-сууйбаттар, һа-һа-аа!

      – һуу-уу-уу…

      – Ребята, вы дадите спать, нет? – ороннор диэкиттэн кыйахаммыт саҥа дуорайар.

      – Чэ, утуйдубут.

      – Тааҥка чехолун… – ким эрэ билигин даҕаны күлэн кыччыгыныыра иһиллэр.

* * *

      Тыаны солоон, маһын ыраастаан, сирин оҥорон, бурдук үүннэрэн, ас оҥорон аһыахха диэри киһи барахсан үтүмэн даа үлэни көрсөөхтүүр эбит! Бэл манна комбайнтан кэлбит, билбэт киһи көрүүтүгэр бэлэм курдук туораах бурдук, миэлиҥсэҕэ барыар диэри уонча суол бэлэмниир үлэни эрэйэрин уолаттар саҥа көрдүлэр. Көрдүлэр эрэ, бурдугу бэрийии ис кистэлэҥин – технологиятын билигин да билэ иликтэр. Манна куруусчуттары таһынан бурдук кууллуур, туора күрдьэҕинэн бурдук сыҕарытар ток иһинээҕи үлэлэргэ уонтан тахса медучилище устудьуонкалара бааллар. Курбуу курдук үрдүк уҥуохтаах, сырдык сэбэрэлээх нуучча, бааһынай кыргыттара. Кинилэр ханна эрэ, дэриэбинэ кытыытыгар «Коннай двор» (аата сүрүн, көньүүһүнэҕэ дуо?) диэҥҥэ олороллор үһү.

      Биир киэһэ Телятниковтара сүтэн хаалар. Ханна дьөлө түстэҕэй? Бэҕэһээ киинэҕэ кэлин эрээккэ медучилищелары кытта олорбута, онон кыргыттарга бардаҕа диэн сабаҕалыыллар.

      – Ити Витя үлэтин кыайбакка эстэр-быстар аҕай дии, уонна баран, хайаан түүннэри кыргыттарга сүүрэрэ буолла? – Гена бэркиһиир.

      – Күнүскү үлэни