Тулаайах оҕо. Далан

Читать онлайн.
Название Тулаайах оҕо
Автор произведения Далан
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-5328-5



Скачать книгу

атыҥыраабыта: кини көрө үөрэммит кырдала, онно кэккэлэспит тордохторо букатын атын көрүҥнэммиттэр – тордохтор тастара билигин, ханнык да тыынар тыыннаах суоҕун, хаһан да олоро сылдьыбатаҕын курдук, иһийэ чуумпурбут, бэйэлэрэ буоллаҕына, улуу силлиэ түспүтүнүү, иҥнэри-таҥнары барбыттар. Кинилэр тордохторун кытта сэргэ турбут Ойуу Нэлэкэ уонна Чымпа тордохторо сууллубуттар, үлтү тэпсиллибиттэр, тоһута сынньыллыбыттар.

      Түүнү быһа Ньырбачаан уйулгутун көтүппүт суорун кыланыыта эмискэ иһиллибитэ. Кыыс дьик гына түһээт, умуһаҕар тимис гыммыта. Онтон хаһыы тэйиччитин өйдөөн, эмиэ аргыый сэрэнэн, быган суор хаһыытыыр сирин диэки көрбүтэ. Ол көрдөҕүнэ били кинилэр – Ничча, Ньөөкү, Богдуу буолан саас аайы бастаан тахсар харалдьыкка оонньуур үс чаллах тииттэрин төргүү мутугар умайар уот кыһыл таҥастаах үс киһи тахсан олорон, соргу көтөҕөн, суордуу кыланаллара. Тииттэр тастарыгар кутаалар оттуллубуттар, тула дьоннор үөмэхтэһэллэрэ. Кураахтаах сааны сүкпүт кыһыл таҥастаах дьон уһун уктаах үҥүүнү өрүтэ уунаҕалыы-уунаҕалыы үҥкүүлээн, ыллаан айааран эрэллэрэ. Ньырбачаан көрдөҕүнэ кини дьонун – оҕолору, дьахталлары ньылбы үүрэн киллэрэн төгүрүктээн тураллара. Кыыс өстөөхтөр саҥаларыттан арай сотору-сотору:

      – Алакыы! Алакыы! Алакыы! – диэн хаһыылара, суор кыланыытыныы, тыа баһынан иҥсэлээхтик дуораһыйарын өйдөөн хаалбыта. Ол тоҥ биистэр үҥкүүлүү сылдьан сөп буола-буола кыырт мохсоҕоллуу кыыбырҕаһалларыттан букатын атын, олуона, ордук иччилээххэ, киһи куйахата ытырбахтыыр суостаахха дылыта. Ньырбачаан куйахата күүрбэхтээбитэ, иэнэ кэдэҥнээбитэ.

      Ньырбачаан ол идэмэрдээх хаһыыттан толлон, балачча уһуннук хамсаабакка, омуктар тугу гыналларын одуулаан турбута.

      Эмискэ бөлөх дьон быыһыттан эриэн таба таҥастаах киһи мүччү ойон тахсыбыта да, тумултан аллараа өрүс диэки ыстаммыта. Ньырбачаан кинини эндэппэккэ билбитэ: ол Богдуу этэ. Уон үстээх-түөртээх Чымпа уола оҕолор ортолоругар кытыгыраһынан, булчутунан саҥа аатыран эрэрэ. Куоппут уолу кэнниттэн кыһыл таҥастаах өстөөхтөр эккирэппитинэн барбыттара. Ол эрээри уол атаҕынан барыларын быдан баһыйбыта, атан, уһулу түспүтэ. Онуоха омуктар, ох сааларын сулбурута тардан ылан, ытыалаан субуйбуттара. Ньырбачаан доҕорун аһынан хараҕын саба туттубута, кини дапсылар лабырҕаһар эрэ тыастарын истибитэ. Эмиэ «Алакыы!» сатараабыта. «Таптахтара» дии санаат, Ньырбачаан хараҕын аспыта, Богдуу туруйалыы-туруйалыы өрүс кытыытыгар сүүрэн киирэн ууга түспүтэ. Бадаҕа, таптарбыт этэ. Өстөөхтөр сорохторо, охторун бэлэмнии туппутунан, уу кытыытыгар саба сырсан киирбиттэрэ. Атыттара буоллаҕына доҕотторун, суордуу хаһыытаан, киксэрэн биэрэ тураллара.

      Куотуу

      Куотарга саамай тоҕоостоох кэм кэлбитин Ньырбачаан этинэн-хаанынан билбитэ. Кини тыаһа-ууһа суох, аргыый аҕай сууллубут тордох ураатын быыһынан, сытар умуһаҕыттан сыыллан тахсыбыта уонна тумулга мустубут өстөөхтөргө көстүбэт гына, тордох нөҥүө өттүн диэки сыылбыта. Тордоҕун күлүгэр киирээт,