Название | Иэйик хоһуйа |
---|---|
Автор произведения | Уххан |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-6642-1 |
таптал төннүбэт аналлааҕын.
Билигин эн биһикки
бүтүн буолбат аҥаар-аҥаарбыт,
Бу күн эн биһиэхэ
биир буолбатах ахтар аналбыт.
НЬУРГУҺУН
Ньуур, кырдал сибэккитэ,
Сайын сэмэй сибикитэ,
Ньуолаҕайдаах сир симэҕэ
Нуктуу ньуккуйа нуурайан
Үөрүүнү кууһа үүммүтэ
Көрүөхтэн күндүтэй!
Ньуку-ньуку ньургуһун,
Ньургу-ньургун ньургуһун,
Сирим симэҕэ чэчиктэй,
Тоҕо бэрдэй, кэрэтэй!
Муус кунустан тирэнэн,
Тоҥ кырыһы тобулан,
Хаар быыһа харалдьыкка
Хайа анньан тахсыбыта.
Үөрүүнү кууһа үүммүтэ
Көрүөхтэн күндүтэй!
Ньуку-ньуку ньургуһун,
Ньургу-ньургун ньургуһун,
Сирим симэҕэ чэчиктэй,
Тоҕо бэрдэй, кэрэтэй!
Кэрэ кэхтибэт кэрэһитэ,
Тоҥтон толлубат туоһута,
Тыллар, үөскүүр күүһүн
Тыыннаах илэ көстүүтэ
Үөрүүнү кууһа үүммүтэ
Көрүөхтэн күндүтэй!
Ньуку-ньуку ньургуһун,
Ньургу-ньургун ньургуһун
Сирим симэҕэ чэчиктэй,
Тоҕо бэрдэй кэрэтэй!
СҮБЭ
Саарбаҕынан туоллаххына,
Сүбэлэһэр буоллаххына
Сөбүлэһии тийэн кэлэр,
Сөпсөһүү тула туругурар.
Сүбэттэн тахсыбыт сөбүҥ
Сыыһара аҕыйах буолар.
Сүбэлэһэҥҥин сөп диэбитиҥ
Сүнньүнэн кыайыыны аҕалар.
Сүбэ тыыппатах кыһалҕата
Үксүн кыаллыбат кыахтанар,
Сүгэ түспэтэх дүлүҥ маһа
Эркин буолбат аналланар.
Сүбэһиттээх эрэ киһи
Сүгэһэрэ лаппа чэпчиир,
Сүбэлэһэрэ, этэрэ суохха
Сөбүлэҥи биэрэрэ ыарыыр.
Үйэттэн үйэҕэ сүппэккэ
Сүбэ үгэскэ кубулуйар,
Кырдьаҕас мындыр сүбэтэ
Кыһарҕаны, өксүөнү тулутар.
ДОРҔООН
Дорҕоон – айар-таҥар илдьитэ,
Дорҕоон – добун үйэ сирдьитэ!
Дорҕоон – куйаар долоҕойун оҕото,
Дорҕоон – кэм-кэрдии сороҕо!
Дорҕоонтон төрөөбүтэ тыл,
Тылланан тыллыбыта киһи.
Тылтан таҥыллыбыта ырыа,
Ылыыр буолан киһи – киһилии!
Дорҕоон домун үөрэҕин
Долоҕой түгэҕиттэн булаҕын.
Долоҕой аһыллар үөрүйэҕэр
Домноох суолу батыһаҕын.
Тыыннаах дорҕоону туппуттар
Тырымныы сыдьаайа умайаллар,
Хоһоон ырыа, доҕуһуол буоланнар
Айар кут төрүүр дьолун билэллэр.
Уус куттаах урааҥхай уйулҕата
Уйар уран дорҕоон умайыгын.
Саталаах тыл сатарыыр сатабыла
Сах сахаҕа булар анабылын.
Дорҕоон – айар-таҥар илдьитэ,
Дорҕоон – добун үйэ сирдьитэ!
Дорҕоон – куйаар долоҕойун оҕото
Дорҕоон – кэм-кэрдии сороҕо!
ТЫЛЫМ – ТЫЫНЫМ
Ийэ тылым барахсан
иһиллэриҥ иһирэҕиэн,
Омугум