Название | Иэйик хоһуйа |
---|---|
Автор произведения | Уххан |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-6642-1 |
сүөлүргээбэккэ санаа!
Айыы сиригэр
ахтылҕан буолан
айбыккар төннөргүн
ааспакка, арахпакка
аттара анаар!
Эн эмиэ эргиллиэҥ,
бу орто дойдуга
олох олоро!
Дьылҕа Хаан
ыйааҕын толоро!
АЛГЫС КЭРИЭТЭ…
Бу хатыламмат түгэни
хоһуйдарбыан,
Бу алыптаах үгэни
туттарбыан,
Уран тыл, уйан дорҕоон
күүһүнэн
Бу кэмҥэ, бу кэрдиигэ
иҥнэрбиэн!
Бу олох кырдьыгын,
тыйыс кыдьыгын,
Бу баар чахчыны,
диэлийэр дьиҥи,
Сурукпар тиһэн,
сурахха-садьыкка
Суураллыбакка
сырыттарбыан!
Бу кэхтэр кэрэни
кэлэр кэмҥэ
Кэһии кээһэн
хааллардарбыан!
Бу сүтэр көстүүнү
этигэн тылга
илэтитэ эллээн,
Бу эппэт сыһыаны
эйэҕэс ырыа
иһирэҕэр иилээн,
Уһун үйэҕэ
уран сахха
уурдарбыан!
Өбүгэ өйдөбүлүн,
уруу уһуйуутун,
Аймах айымньытын,
Айыы үөрэҕин,
Алгыс кэриэтэ
аман өспөр
тистэрбиэн!
КЫРДЬЫК УОННА СЫМЫЙА
Кырдьык —
күн утаҕын курдук —
сырдык!
Кини кыайдаҕына
үөрүүбүттэн ытыыбын.
Кырдьык —
харах уутун курдук —
аһыы…
Тулабар албын —
мин күнүм киириитэ
Туос сымыйа —
күнүһүн түүнүм кэлиитэ.
Онтон хомойон
ытыыбын,
Хараҕым уута эмиэ
аһыы…
Сымыйа —
күн сырдык сыралҕаныгар
умайбатын,
ууллубатын сөҕөбүн!
Күнүс уонна түүн,
кырдьык уонна сымыйа
Эмиэ да дьэҥкэ,
эмиэ да мунаах…
Биһиги күнү, түүнү
эндэппэккэ араарабыт,
Оттон кырдьыгы-сымыйаны
бутуйабыт.
Ол да иһин
бэйэлээх бэйэбит
олохпутугар мунабыт.
Дьэ уонна кимиэхэ
сирдьит буолуоҥуй,
суолдьут аатырыаҥый,
Бэйэҥ
харааччы мунан бараҥҥын,
Кырдьык диэн
туос сымыйаны
тутан тураҥҥын!
Эн түүнүҥ үөһүгэр,
сымыйа кыайар үгэнигэр,
Сүрэххин өҥөйөн
көрбүтүҥ дуо?
Тойон сүрэххэр
кырдьык тымтыга,
Сымыйа түүнүгэр
кыламныыра буолаарай?
Кыламныыр кыым
кырдьыгыҥ тымтыга
Хотуулаах айаныҥ
суолун ыйаарай?
САНАА