Название | Ньоҕой эрэл |
---|---|
Автор произведения | Татьяна Находкина |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-6348-2 |
Бүөтүр хараҕар араас санаалар ситимнэрэ киинэ каадырын курдук элэҥнээн ааһан истилэр. Данил маладьыас. Санаатын түһэрбэт. Үлэлиир баҕалаах. Оттон Байбал Никииппэрэбис ньиэрбэтэ барыта бүтэн, кыыһыран аҕай барда. Кинини, кыайардыы, сылы быһа хомпуустаан, тутуһан аҕай биэрэрэ буолуо. Сураҕа: «Эһиил кыттыбаппын, сылдьыаххыт эбээт», – диэбит үһү. Аата, кыра оҕоҕо дылы буолан. Биһигини ааттаһа оонньооботторо буолуо ээ. Оттон кини хайдах эмэ гынан граҥҥа тиксэрэ буоллар, үлэлээн көрүө этэ. Киһини билэр буолуоҕуттан үлэҕэ эриллибитэ, төрөппүттэригэр көмөлөһөн сүүрэн-көтөн аҕай биэрэрэ. Дьоно уонтан тахса сүөһүлээхтэрэ. Сайын ахсын сарсыарда эрдэттэн ынахтарын көрдөөн, чугас эргин алаастары, тыа саҕаларын элбэхтик кэрийэ сүүрбүтэ. Атах сыгынньах сылдьар идэлээҕэ. Атаҕа хатырыктыйарын ааһан, муостуйан хаалара. Бэл, атаҕа тоҥноҕуна, ынахтар сибилигин саахтаан бэллэппит сылаас саахтарыгар үктэнэн турбут эмиэ түгэннэрдээх. Кыахтаах ыаллар оҕолоро бэлисипиэтинэн хомуйаллара. Онно, биллэн турар, ымсыырыллара.
Биир сарсыарда ийэтэ кинини эрдэ туруорбута: «Ынахтарбыт бэҕэһээ киэһэ кэлбэтилэр. Сайылык алааска сыталлара буолуо. Туран, ыраата иликтэринэ, хомуйан аҕал», – диэбитэ. Кини күн ахсын тиэстэр суолунан сүүрэ турбута. Ийэтэ эппитин курдук, Сайылык алааска кэбинэ сыталларын туруортаан, саҥа алааһы туоратан истэҕинэ, ынахтара туох буолбуттара эбитэ буолла, тыаҕа түһэн куотар аакка барбыттара. Уолчаан улахан ынаҕын – хотуннарын Мааны Кыыһы ыҥыра-ыҥыра, кэннилэриттэн саппай уопсубута. Сүөһүлэрин эккирэтэр кэмигэр хара бэйбириэт кууркатын тыаҕа ханна бырахпытын өйдөөбөт. «Кууркабын сүтэрбиппин, ийэм мөҕөрө буолуо», – дии санаан ылбыта. Күнү быһа сүөһүлэрин батыһа сылдьыбыта. Сүөһүлэрэ олох билбэт сиригэр тиийэннэр, аһыыр, сытар кэмнэригэр төҥүргэскэ кэтэһэн олорбута. Иннин хоту мээнэ ытыы-ытыы сүүрбүтэ буоллар, бука, мунан хайдах-туох буолуо эбитэ буолла? Ийэлээх аҕата: «Тыаҕа, эбэтэр ханна эмэ күүлэйдии сылдьан дьонтон хааллаххытына, мээнэ сүүрэкэлээбэт буолуҥ, сүтүктээн төннөн кэлэллэрин күүтэр баҕайыта», – дииллэрин өйдөөн, син биир дьиэлэригэр тиийиэхтэрэ диэн, сүөһүлэрин быраҕан барбатаҕа. Киэһэ Мааны Кыыс доҕотторун ыҥыран бэрт бүтэҥитик маҥыраат, тыа суолун тутуһан, хааман маталдьыйбыта. Уол сүөһүлэр бары субуспуттарын көрөн, атын сиргэ баран хаалыахтара диэн үүрбэккэ, батыһан испитэ. Арай икки хас алааһы ааһан, билэр алааһыгар Сайылыкка киирэн кэлбиттэрэ. Сыырга ийэтэ быраатынаан тураллара. Бааска кууркатын туппут. Куттаммыттар аҕай. Ийэтэ барахсан олус куттаммыт көрүҥнээҕэ, сарсыҥҥы күнүгэр «оҕобор, ынах хомуйарыгар» диэн ааттаан, «Урал» бэлисипиэт атыылаһан биэрбитэ. Ол саҕана бэлисипиэт тыа