Эн миэхэ соҕотоххун. Галина Нельбисова

Читать онлайн.
Название Эн миэхэ соҕотоххун
Автор произведения Галина Нельбисова
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-5023-9



Скачать книгу

Иннокентьевич «туруорсуутунан» дьиэ хаһаайката буолан олорорго сөбүлэспитэ. «Учуутал үлэтин түбүгүн сааһыҥ тухары сүктүҥ. Сынньанар, холку олоҕунан олорор кэм кэллэ» диэбитэ. Бу курдук күнү быһа дьиэтин түбүктэрин үмүрүтэринэн, дьонугар ас астыырынан күнэ-дьыла бүтэр. Кыыһа Диана да үлэтиттэн кэлэрэ чугаһаабыт, ол кырасаабысса аччыктаан ахан кэлиэ. Диана дьүөгэтин кытта муодунай бутикка атыыһыттыыр. Артур бүгүн хойутуур, мунньахтаах.

      Таисия дьоллоох! Саха дьахтарын сиэринэн ол туһунан улаханнык саҥарыан туттунар эрээри, иһигэр дьылҕатыгар олус махтана саныыр. Таптыыр, таптатар дьолун билэр, олоххо дьоһуннаахтык сыһыаннаһар, эрэллээх кэргэннээх! Күҥҥэ көрдөрбүт көмүс чыычаахтара этэҥҥэлэр: Артем үөрэҕин бүтэрэн Москваҕа олохсуйда, Диана омук тылын факультетыгар 5-с кууруска таҕыста. Сааһыран эрэр, олох күһүнүн көрсөр дьахтарга уонна туох нааданый?! Таисия туалетнай остуолун иннигэр сирэйигэр түспүт мырчыстаҕастарын аргыый тарбахтарынан батыһыннаран имэрийэ олордо. Төбөтүгэр «Уп уһун суһуоҕум кылгаабыт, хоп-хойуу бэйэтэ убаабыт…» диэн ырыа тыллара көтөн түстүлэр. «Ничего-о, мои года мое богатство буоллаҕа эбээт» диэн бэйэтигэр иһиллэр гына саҥараат, куукунатын диэки хаамта.

* * *

      Альбина, хотуна киирэн иһэрин көрөөт, хайдах настарыанньалааҕын сэрэйдэ. Альбина куорат диэки көһүөн баҕарарын истибитэ, тута ончу сөбүлээбэтин эппитэ. Манна дойдутугар ааттыылларынан Борускуой, кийиит киһиэхэ Альбинаҕа – Прасковья Ивановна, киирээт дьиэ иһин эргим-ургум көрөн баран, уолун Клим баарын-суоҕун ыйытта.

      – Ол иһин даҕаны, арҕаа хочуолунай диэки баран эрэрэ. Ити киһиҥ куоракка көһөр сураҕын истиэҕиттэн кута көттө. Бэйэҥ да билэ-көрө сылдьар инигин. Билигин бу көһөр айдааҥҥыт суоҕа буоллар, кэм дьону кытта ойуурга булт көрө барбыт буолуо этэ. Быйыл кыһын мас кэрдээччилэри кытта барсар санаалаах сылдьыбыта, – Прасковья Ивановна уолун көмүскэһэрдии саҥаран-иҥэрэн барда.

      – Прасковья Ивановна-а, ханна баарый манна олорон бачча сааспытыгар диэри өрүттүбүппүт. Хата, ити тыраахтара алдьанан абыраата. Билигин дьэ, дьоҥҥо окко-маска үлэлээн, арыгылаан иэдэйбит буолуо этэ. Ити сылдьан тиэхиникэҕэ да дэҥнэнэн хаалар кутталлааҕын бэйэҥ билэ-көрө сылдьаҕын. Саатар үлэлээбитигэр хамнас аҕалан абырыыра буоллар. Иһэрин бэркэ билэр элгээннэр атаҕар уйуттубат буолуор диэри аһатан ыыталлар. Оҕолорум «куоракка көһөн кэлиҥ» диэн ыҥыраллар. Киэҥ сиргэ туох эмэ үлэ көстөр ини.

      – Ол таксистаан бэйэтин нэһиилэ ииттинэр уолуҥ, саҥа устудьуоннаан эрэр кыыһыҥ дьиэ-уот бэлэмнээн олороллоругар бараҕын дуо? – Прасковья Ивановна, баччааҥҥа диэри кийиитин кытта хаһан да кытаанах тылларынан бырахсыбатах бэйэтэ, бэркэ аймаммыт, кыыһырбыт-тымтыбыт.

      – Аан дойду киһитэ барыта куоракка көһөн син оннун-туойун булунар. Биһиги даҕаны куортамнаһан, үлэ-хамнас булунан олоруохпут. Оҕолорбун хараҕым далыгар илдьэ сылдьыам буоллаҕа. Бука бары айманан хааллаххытый, – Альбина эдьиийдээх балта