Название | Эн миэхэ соҕотоххун |
---|---|
Автор произведения | Галина Нельбисова |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-5023-9 |
– Аля-я, саныырыҥ курдук, эйигин куораттан холдьоҕон эппэппин. Элбэх кыһалҕаҕа түбэһиэҥ диэн сэрэтэ, өйдөтө сатыыбын. Кыра уолуҥ улаатар, майгыта-сигилитэ уларыйар, оскуоланы бүтэрэр сааһыгар манна, куорат оскуолатыгар сатаан үөрэниэ дуо? Клим манна кэлэн арыгытын быраҕыа диигин дуо, дьэ булкуллара буолуо. «Ойуурбуттан арахпаппын, Элгээммиттэн барбаппын» диир. Оннук киһини аҕалан манна муннаран кэбиһиэҥ. Киһиҥ үлэтэ-хамнаһа, аны олорор дьиэҕит-уоккут, – бииргэ төрөөбүт эдьиийдии-балыстыылартан улаханнара Таисия, балта санныгар сүгүөхтээх түбүгүн санаан, үөһэ тыынан ылла.
– Клим дьиэтигэр хааллын, айыкка. Эбэтэр үүрэн кэбис. Таах сибиэ доруобуйаҕын да сүтэрдиҥ буолбат дуо?! Аликка кэллин-кэллин, эдьиий. Сынньана түһүө этэ, – кыра балтылара Ася эдьиийин Альбинаны аһыммыт хараҕынан одуулаһа олордо.
– Үүрэн кэбис буолан, сордооҕу. Дьоно киниттэн аккаастаннаҕына киһи буолуо дуо? Улахан эдьиий быһыытынан, өссө төгүл ыйааһын хараҕар ууран, толкуйдуургар сүбэлиибин. Билигин куоракка дьиэни куортамнаһар олус ыарахан. Аны тугу үлэлиигит? Дьиэ-уот булуоххар диэри Клим Элгээҥҥэ хааллын. Андрианыҥ оскуолата быһаарыллыан наада. Олорор сиргититтэн чугас оскуола көстөрө буоллар. Кыһын ыраахтан сылдьара бары өттүнэн кутталлаах. Ньургуйаана уопсайыгар олордун, – Таисия, иһигэр балтын быһаарыныытын сөпсөөбөтөр даҕаны, санаатын эттэ.
– Оҕолорбун кытта биир дьиэҕэ олороору куоракка кэлэ сатыыбын. Көһөн кэлэн баран, хайдах барыларын онно-манна ыһыталаан кэбиһиэмий? Улахан уол олорор сиригэр табыллыбакка эрэйдэннэ ахан. Күнүстэри-түүннэри таксилыыр аатыран, аанньа ас да тэринэн аһаабат. Били моторуйбут бэйэтиттэн туох да хаалбатах. Ньургуйаана эмиэ уопсайын сөбүлээбэт. Кыргыттарын кытта тапсыбат. Оҕобун атаҕастыыллар быһыылаах. Араас майгылаах атын оройуон кыргыттарын кытта олорор, – Альбина, эдьиийэ син сөбүлэһиэх курдугуттан, сэргэхсийдэ.
– Хайдах буолбут кыыһый, уопсайга сатаан олорбото бэйэтин буруйа. Олус атаахтаппыккын, онтуҥ оҕоҥ дьону кытта сатаан сылдьыбат. Ыһыллаҕаһа, болҕомтото суоҕа, ону сэмэлээтэххэ, бу өсөһөрүн, кыыһырарын көрүөҥ этэ. Федя улахан киһи, ойохтонор кэмэ кэллэ. Ону эмиэ ыҥыран ылан биэбэйдээри тэринэҕин дуо? Арай туох эмэ үөрэҕи булан, идэ ылар туһунан толкуйдуура буоллар, бэйэҕитин кытта илдьэ олоруоххутун сөп этэ, – Таисия, Альбина оҕолорун олус атаахтатарын сэмэлээн, балтын эмиэ хомотто.
– Чэ, эдьиий, оҕолорбун хайдах иитэрбин бэйэм билэбин. Сыыспытым да ханна барыай, саатар эһиги курдук көмө, тирэх буолар аҕалаах ыал буоллахпыт дуу, – Альбина, сатаан кэпсэтии тахсыа суоҕун өйдөөн, барардыы хомунна.
– Аликка, бүгүн дьиэлиигин дуо? Миэхэ хоно хаалбаккын дуо? Кыра балыстыылар бэйэбит сэкириэттэһиэ этибит, – Ася сайыспыттыы көрөн турда.
– Асикуо, өтөхпүн бүгүн буллахпына сатанар. Куорат түөтэлэрэ тыйыскыт, кытаанаххыт да бэрт. Киһим бэҕэһээҥҥиттэн аһыы сылдьар сураҕа иһиллэр. Оҕолор «кэлэ тарт» диэн эрийэллэр, сүгүн да хаамтарбаттар, – Альбина ааҥҥа атаараары турар эдьиийдээх балтын иэдэстэриттэн сыллаталаан ылла.
Альбина тахсыбытын кэнниттэн Таисиялаах Ася балачча өр саҥата суох олордулар.
– Эдьиийим наһаа да сылаарҕаабыт көрүҥнэммит. Таах да манна кэлэн сынньанара биллибэт. Санаан көрдөххө, кыһалҕата өссө элбиэх курдук, – Ася эдьиийин диэки ыйытардыы көрдө.
– Кыыһа биир да күн дьиэни-уоту көрө түспэт. Ийэтин сынньата түһэр туһунан санаабат. Ол иһин этэбин дии, ойон тураат көһүмэҥ диэн. Дьиэни атыылыы сатыыр ээ. Үлэлиэхтэригэр-хамсыахтарыгар диэри, оччоҕо эрэ куортам харчыта булунар буоллаҕа.
– Оо дьэ, дьиэбитин атыылыыллара куһаҕан да эбит. Хаарыан тэлгэһэбит, бэйэбит улааппыт, оҕолорбут сүүрбүт-көппүт сирдэрэ! Тася, ийэлээх аҕабыт тэлгэһэлэрэ суох буоларын кытта хайдах сөбүлэһиэххэ сөбүй, – Ася улаханнык санаарҕаан саҥата суох олордо.
– Мин эмиэ дьиҥинэн атыыланыан баҕарбаппын. Ийэлээх аҕабыт барахсаттар кэриэстэрин кэһии, дойдубутуттан-сирбититтэн букатыннаахтык арахсыы курдук тахсар. Күтүөппүт үчүгэйэ буоллар, итиннэ саҥа дьиэ турбута ырааппыт буолуо этэ.
– Этимэ даҕаны…
Таисия Терентьевна сынньана түспүт киһи диэн сытта да, утуйар санаата суох эбит. Балтылара Алялаах Ася олохторугар соччо табыллыбатылар. Дьахтар быһыытынан толору дьолу билбэтилэр…
Кыргыттар үрдүкү кылааска үөрэнэ сырыттахтарына, ийэлээх аҕалара, эбэлэрэ ыалдьыбытыгар, бэйэлэрин массыыналарынан оройуон киинигэр балыыһаҕа айаннаан иһэн суорума суолламмыттара… Суолга сааскы халтараан кэмэ этэ. «Клавдия Ефимовналаах, Терентий Ильичтээх дуо?» дэппит Элгээн дьоһун мааны ыала этилэр. Клавдия Ефимовна ийэтэ Сүөкүлэ, кыыстаах күтүөтэ суох буолбуттарын кэнниттэн, уһаабатаҕа. «Син тыыннаах хаалыах эрээри, оҕолорум олохторун быспыт мин баарбын» диэн дьүөгэлэригэр ытыырын-соҥуурун Таисия түбэһэн истэн, дьонун, эбэтин аһыйан сыттыгар умса түһэн ытаан-соҥоон айманааччы. Кыра сиэнэ Ася оскуолатын бүтэрэн, куоракка үөрэнэ барбыт күһүнүгэр эбэлэрэ сүрэҕинэн ыалдьан өлөөхтөөбүтэ.
Кыргыттар күн бүгүнүгэр диэри төрөөбүт, улааппыт тэлгэһэлэриттэн тэйбэккэ сылдьыбыттара. Кырдьык,