Бессмертные имена. Иннокентий Сухомясов

Читать онлайн.
Название Бессмертные имена
Автор произведения Иннокентий Сухомясов
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6101-3



Скачать книгу

разведка этэрээтинэн хаалыы кыаллыбат суол этэ, онон кини Бүлүүгэ барбыт сүрүн этэрээти эккирэппитэ. Барарыгар сотору көрсүөхпүт диэбитэ… Контрреволюция күннэрэ саҕаламмыттара. Гордеев этэрээтэ кэлбитэ. Марха таһынааҕы кыргыһыыга биһиги этэрээппит хотторбута. Сорохтор өлбүттэрэ, сорохтор түрмэҕэ хаайыллыбыттара. Ол гынан баран, биһиги контрреволюцияны утары охсуһар санаабыт хаалбатаҕа. Кыргыһыыга өлбүттэри көмүүгэ демонстрация тэриллибитэ. Балаҕан ыйын 17 күнүгэр Вера Синеглазова дьиэтигэр кини аатын бэлиэтээри мустубуппут, онно Кыһыл Кириэс үлэтин чөлүгэр түһэрэр эрэ буолбакка, урукку биэстии киһилээх партийнай бөлөхтөрү түмэргэ быһаарбыппыт. Хаайыллыбыт табаарыстарбытыгар көмөлөһөр үбү хомуйбуппут. Баскыһыанньа ахсын кинилэргэ ас илдьэн биэрэрбит. Хаайыыга сытар доҕотторбут санаалара көтөҕүллэн биһиэхэ суруйаллара. «Таля Атласоваҕа уонна К. үчүгэйдик олоробут, бириэмэни көрдөөхтүк атаарабыт. Баскыһыанньаҕа аҕалбыт кэһиигит, ордук чүмэчигит иһин махтанабыт, уруккуну саныыбыт. Эҕэрдэлиибит уонна ууруубут: Надеин Янбирзугал, Лев Кучук, Ваня Родионов, Лантик, Мандерскай».

      …Биһиги табаарыстарбытын көскө атаарбыттара. Күһүҥҥү түүн бириистэҥҥэ хомо уҥуоргу өттүгэр мустубуппут. Барааччылары кытта бырастыыласпыппыт, кинилэри умнуохпут суоҕа уонна үлэбитин салгыы ыытыахпыт диэн эрэннэрбиппит. Ити да кэнниттэн түрмэҕэ сүүстэн тахса киһи хаалбыта. Биһиги кинилэри кытта сибээстэһэр уонна кинилэртэн сорудах ылар этибит. 1918—1919 сыллардааҕы кыһын устатыгар күүһү түмэр үлэ ити курдук ыытыллыбыта. Мин көскө ыытыллыбыттары уонна үөрэххэ барбыттары кытта, ордук Белла Альперовиһы (Ося Альперович балтын) уонна А. Атласованы кытта мэлдьи суруйсарым.

      Ол суруктар биһиги оччотооҕу санаабытын көрдөрөллөрө. Биир суругу толору аҕалабын: «Күндү үтүө дүөгэлэрим Белла уонна Таля! Дорооболоруҥ. Дьэ, билигин сиһилии суруйар түгэннэнним. Сорох табаарыстары атаарыы, кэлээччилэри көрсүһүү элбэх бириэмэни ылла. Бука барыларын кэриэтэ, Осяттан уонна Кугаевскайтан ураты бары үөрэнээччилэри, өрүс баһыгар көскө ыыттылар. Барааччылар туохтара да суох. Таҥастара-саптара тырыттыбыт. Атах сыгынньахтар. Ол үрдүнэн кинилэри көскө утаараллар! Киренскэйгэ тиэрдэн баран босхолообуттар. Уулуссаҕа туга да суох мээнэ быраҕыллыбыт биһиги күндү табаарыстарбыт тугу оҥоруохтара баарай? Бары бааһынайдарга наймылаһан үлэлээбиттэр. Аҕыйах харчыны булунаат, сатыы барбыттар. Кинилэр аччык, таҥаһа суох тоҥон-хатан айаннаабыттар, суолга сыыстаран ыалдьыбыттар. Биһиги хаста да ыыппыт харчыбыт кинилэри кыһалҕаттан таһаарбатах. Үөрэнээччилэр бастаан коммуна тэриммиттэр, ол гынан баран коммуналара үрэллибит. Ваня Буткевич, Пясецкэй ойоҕостоппут, оттон Эдя атаҕын үлүппүт (18 дьаамы сатыы ааспыттар). Кинилэртэн хаһан эмит открытка ылабыт. Суругу ыыталлара буолуо да, биэрбэттэр. Витя Вик Иркутскайга, Карпель Киренскэйгэ хаалан бараннар Якутскайга кэлэргэ көҥүл биэрэллэригэр көрдөспүттэр.