Название | Табыллыбат/табыллыбыт таптал. 2 ч. |
---|---|
Автор произведения | Татьяна Поскачина |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-6371-0 |
Такси кэлэрэ аҕыйах чаас хаалбыта. Сүнньүөх биһикки хаалбыт бириэмэбитин бэйэ-бэйэбититтэн харыс да халбарыйбакка бииргэ атаара сатаабыппыт. Күнүс идэбитинэн Соболоохпутугар бара сылдьыбыппыт. Күөлбүт барахсан хайдах эрэ тоҥуйдук көрсүбүтэ – тыбыс-тымныы, хабыс-хараҥа ууламмыт этэ. Киэһэ такси кэлбитигэр дьоммунуун дьиэ иһигэр бакаалаһан тахсыбытым. Сүнньүөхтээх Павлик сээкэйбин таһаарсыбыттара. Суоппар массыына үрдүгэр суумкабын ыга баайар кэмигэр Сэгэрим кууһан туран: «Мин Көмүһүм үчүгэйдик үөрэниэ дии? Чэ, этэҥҥэ айаннаар. Чайнойдарга эҥин тохтуургар соҥҥун кэтэн тахсаар, аны тымныйыаҥ», – дии-дии, өрүү буоларын курдук, үөрэтэ-такайа, сыллыы-ууруу турбута.
Уопсайга былырыын биир хоско олорбут дьүөгэлэрбиниин быйыл эмиэ тутуспутунан бары тэҥҥэ киирэммит, бэркэ табыллыбыппыт. Тоҕус мэндиэмэннээх алта уон ахсыс уопсай түүнүн «утуйбат» идэлээх. Ол курдук мин эмиэ түүн сатаан утуйбат буолан хаалбытым. Ол эрэн атыттар, эдэр дьон сиэринэн киэһэтин харахтанар эбит буоллахтарына, мин санаам-оноом бүтэйдии киниэхэ – тапталлаах доҕорбор иэҕиллэ турарыттан этэ. Ахтар саҕа куһаҕан суоҕун онно билбитим. Кэтэстэххэ эчи бириэмэ бытааныын. Күннэр-түүннэр сыыллар кэриэтэ бытааннык ааһалларыттан ыгылыйан ыларым.
Биир киэһэ эмиэ утуйар уум көтөн, ороммор араастаан эргичиҥнии сатаан баран, аралдьыйаарыбын хоһум отсегар тахсан кэниспиэк суруна олордум. Ол олордохпуна, көрүдүөр устун икки уол аастылар. Таҥастарыттан-саптарыттан, тутталларыттан-хапталларыттан көрдөххө, физкультурнай салааҕа үөрэнэр уолаттар быһыылаах. Өр буолбатылар, аны төттөрү төннөн кэллилэр.
– Привет! – икки илиитин кыпсыгыр спортивнай ыстаанын сиэбигэр уктубут уол мичээрдээбитинэн субу хааман кэллэ. Кэнниттэн үрдүк уҥуохтаах, киппэ көрүҥнээх, будьуруйбут кугас баттахтаах, ыраас хааннаах доҕоро кэлэн аттыбар турар олоппоско олорунан кэбистэ.
– Мэһэйдиибит даа? – диир.
– Мэһэйдиигит, – тэтэрээппин көҥөммүттүү бэйэбэр ыкса тардынабын. – СРС аахтарбар мэһэйдиигит.
– Мин мэһэйдиэм суоҕа. Хата, көмөлөһөбүн дуо? Бу уол утуйа баран эрэр ээ. Оннук дии, Һааска? Чэ, бар, – били сэргэстэһэ олорбут уол сиэбигэр уктан турар атаһын «үүрэн» барда.
– Һо-һоо! Ыарахан киһигин дии! – доҕоро атаһын тылларыттан бэркиһээбиттии баһын быһа илгистэн ылла уонна күллэ. – Чэ, буоллун эрэ.
Сиэбигэр уктубутун кубулуппакка көрүдүөр устун бара турда. Олорон хаалбыт уол кинигэлэрбин ыла-ыла көрүтэлээбитэ буола олордо.
– Эн эмиэ мэһэйдиигин ээ, – диибин.
– Эс, бачча үчүгэй кыыска көмөлөһүөм дии. Тугу билбэккин миигиттэн ыйыт, мин барытын билэбин. Бу Кулаковскай, Ойуунускай – мин табаарыстарым дии.
Хата, суруйааччылары син удумаҕалатар эбит. Арай айаҕа хам буолбат. Мин тулуйбатым, турдум да, саҥата-иҥэтэ суох малбын хомунан