Название | Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара |
---|---|
Автор произведения | Николай Николаев |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-6880-7 |
– Пролетарий хайаан да бэрээдэктээх, дьиссипилиинэлээх буолар. Кини улахан кэлэктиипкэ үлэлиир. Үлэтигэр хойутаатаҕына, суох буоллаҕына производственнай тиһилик үлэтэ барыта тохтуон сөп. Үлэтигэр кыһамньылаах буолуохтаах. Кини дьалаҕайыттан үлэлии турар массыына алдьаныан, үлэ барыта тохтуон сөп. Онон массыынаны, тиэхиньикэни кытта үлэ пролетарий хайаан даҕаны бэрээдэктээх, дьиссипилиинэлээх буоларын ирдиир, модьуйар.
– Улахан тэрилтэлэргэ сүүһүнэн-тыһыынчанан киһи үлэлиир. Бары биир, тустаах үлэни толороллор. Араас омук оробуочайа бары бииргэ үлэлиир, аһыыр, сынньанар, үгүстэрэ биир дьиэҕэ олорор, биир сиртэн хамнас ылар. Ол иһин пролетарийдар ортолоругар омугунан атааннаһыы, арахсыы суох буолар. Пролетарскай интернационализм (сомоҕолоһуу) хаачыстыбаларын оробуочайдарга баабырыка (собуот) бэйэтэ үөрэтэр. Кинилэр бары биир өлүүгэ сылдьар дьон.
– Тэрилтэҕэ саахал, алдьаныы-кээһэнии таҕыстаҕына оробуочай барыта үлэтэ уонна хамнаһа суох хаалар. Ол иһин хас биирдии оробуочай, кэлэктиип (тэрилтэ) үчүгэйдик үлэлииргэ кыһаллар, биир эмэ сыахха саахал буоллаҕына бары көмөлөһөллөр. Олохторо социальнай хааччыллыылаах буоларын иһин бары бииргэ туруулаһаллар. Ол иһин оробуочайдарга өйдөһүү, бииргэ буолуу – коллективизм санаата үөскүүр. Оробуочайдар атын тэрилтэ (паабырыка, собуот) үлэһиттэрин, кинилэр туруорсууларын хаһан баҕарар өйдөөччүлэр уонна өйөөччүлэр, кинилэри кытта биир санаалаах (пролетарская солидарность) буолааччылар.
– Оробуочай кылаас производствоҕа улахан миэстэни ылар, сүдү кыахтаах. Ол иһин кинини кытта тэрилтэ салайааччылара, хаһаайыннар биир тылы буларга кыһаналлар. Хаһаайыннар кыһарыйар, тапсыбат, үүрэр-түрүйэр түбэлтэлэригэр оробуочайдар собостуопка (стачка) биллэрэн баран, холобура, электростанция үлэһиттэрэ кыһын эбэтэр сайын уоту быһа баттыахтарын сөп, оччоҕуна кыһын тоҥобут, сайын үлэбит барыта тохтор. Онон оробуочай кылаас производствоҕа уонна олоххо быһаарар оруолун уонна миэстэтин суударыстыбаннай былаас уруккуттан билиҥҥэ диэри өйдүүр.
Онон, оробуочай кылаас капиталистическай уопсастыбаҕа оруола улахан этэ, улахан быһаарыылаах күүс буолбута, ханнык баҕарар экономическай, социальнай, общественнай уонна политическай боппуруостары, проблемалары быһаарарга сүрүн күүс, тирэх уонна база буолара. Ол иһин ХХ үйэ саҥатыгар Арассыыйаҕа араас политическай күүстэр уонна түмсүүлэр оробуочай кылааһы кытта куодарыһа сылдьыбыттара.
1917 с. диэри Саха сиригэр капиталистическай сыһыаннаһыылар сайдыбыттара дуо?
Сүрүннээн бу ыйытыыга эппиэттээри биһиги инники бэлиэтээһиннэрбитигэр капиталистическай кооперация (ремесло), мануфактура, промышленнай производство (фабрично-заводская промышленность), буржуазия