Название | Саха сирин историятын сорох мөккүөрдээх боппуруостара |
---|---|
Автор произведения | Николай Николаев |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-6880-7 |
Бу уураах кэнниттэн З.В. Гоголев сиргэ-буорга тэпсиллибэтэҕэ: 1952–1963 сс. ТЛИНЧИ дириэктэринэн, 1963–1974 сс. Новосибирскайга институт секторын сэбиэдиссэйинэн, «История Сибири» диэн 5 туомнаах академическай үлэ кылаабынай эрэдээктэрин солбуйааччынан үлэлээбитэ. Бу үрдүк дуоһунастарга үлэлээһини хайдах «сиргэ-буорга тэпсиллии» диэххэ сөбүй? Бу уураахха З.В. Гоголев мөҕүллүбэтэҕэ, буруйдаах Моттойо буолбатаҕа. Уураахха националист суруйааччылары көмүскээбит Г.П. Башарин уонна кини буортулаах үлэтин кыайан саралаабатах дьоннор буруйдаммыттара. Бу уураах кэнниттэн партийнай сэмэлэри ылан туран, үлэлэриттэн маннык дьоннор үүрүллүбүттэрэ: Илья Егорович Винокуров, Иван Михайлович Романов, Петр Матвеевич Корнилов, Семен Петрович Данилов (суруйааччы), Степан Федотович Попов, Иван Иннокентьевич Михайлов, Павел Иванович Корякин. Кинигэ эрэдээктэрдэрэ Авксентий Егорович Мординов уонна Иннокентий Васильевич Пухов улаханнык сэмэлэммиттэрэ. Рожин өттүттэн дьэ кытаанах бассыыбайдааһын буолбатах дуо?!
1917 сыл иннинэ Саха сирин социальнай-экономическай сайдыытын сыаналааһын туһунан мөккүөр
1970 с. Новосибирскайга З.В. Гоголев «Якутия на рубеже XIX–ХX вв. (Социально-экономический очерк)» диэн кинигэтэ тахсыбыта. Захар Васильевич бу кинигэтигэр Саха сиригэр XIX үйэ бүтүүтүттэн 1917 с. диэри буржуазнай, о.а. капиталистическай сыһыаннаһыылар олохсуйбуттара, бөҕөргөөбүттэрэ уонна баһылыыр-көһүлүүр оруоллаахтара диэн дакаастыы сатаабыта, бигэргэппитэ.
Эмиэ бу тиэмэнэн үйэ чиэппэрин кэриҥэ дьарыктаммыт Г.П. Башарин 1974 с. Дьокуускайга «Социально-экономические отношения в Якутии второй половины XIX – начала ХХ века (по поводу книги З.В. Гоголева «Якутия на рубеже XIX–ХX вв.)» диэн үлэни таһаарбыта. Георгий Прокопьевич бигэргэтэринэн, бу кэмҥэ Саха сиригэр феодальнай-патриархальнай сыһыаннаһыылар бааллара, ону тэҥэ буржуазнай сайдыы биирдиилээн, быстах көстүүлэрэ (элеменнэрэ) бааллара, капитализм уопсастыба быһыытынан сайдыбатаҕа диир.
Г.П. Башарин бу кинигэтигэр научнай полемика уонна научнай чинчийии дьиҥнээх марксисткай-ленинскэй миэтэттэрин кыахтаахтык туһаммыта. Ол аата К. Маркс, Ф. Энгельс уонна В. Ленин курдук, инники ааптардар үлэлэрин сыыһаларын, итэҕэстэрин, сыыһа түмүктэрин ыйан туран, саҥа араас чахчылары, дааннайдары, араас элбэх источниктары уонна литератураны аҕалан туран, тута саҥа түмүктэри оҥорон саҥа арыйыылары оҥоруу буолар. Чинчийээччи эрэ барыта кыайан туттубат ньымата (үгүс чинчийээччилэр халыып курдук араас фактары, дааннайдары, чахчылары хаарты курдук наардаан,