Название | Куорат булчуттара |
---|---|
Автор произведения | Иван Андросов-Айанньыт |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-4099-5 |
Оттон тепловизоры хара маҥнайгыттан олус сөхпүппүт. Ол маннык этэ. Ити тэрил кэлбитигэр куобахтыы таҕыстыбыт. Балачча сири айаннаан баран, көҕүрэттээри, табахтаары, салгын сиэри массыынаттан бары тоҕо сууллан таҕыстыбыт. Потап тепловизоры бэрэбиэркэлээри тутан таҕыста. Хоруопкатыттан хостоон, батарыайа уган, боруобалааһын буолла. Итии салгын кэлэринэн шкала сүүрэлээн биллэрэр эбит. Киһи диэки туһаайдахха, шкалата улаатан кэлэр, ыраатыннардахха, сүтэн барар. Ону таһынан кулгааххар наушник кэттэххэ, итии кэлэрин тырылаан биллэрэр.
Потап ойуур диэки туһаайан хамсата туран: «Уолаттар, бу диэки туох эрэ баар быһыылаах», – диэн ыйан көрдөрдө. Эмиэ итэҕэйбэтибит. Биир уолбут саатын хомуйан, ботуруон уктан, Потап ыйбыт сиринэн ойуурга иһирдьэ киирэн эрэрэ баара да, саа тыаһа өрө хабылла түстэ. Өр буолбата, киһибит биир куобаҕы туппутунан тахсан кэллэ. Сөҕүү-махтайыы бөҕө буоллубут. Тепловизоры эргитэ сылдьан көрдүбүт-иһиттибит.
Кэлин хаста даҕаны илдьэ сылдьыбыппыт, ол эрээри талкыта бэрт курдук. Ыксалга ону бостууктаһар бириэмэ суох. Хаамыы-сиимии бөҕө буоллахпыт. Ол эрээри биирдэ эмиэ сөхтөрбүтэ. Хаар балачча түспүтүн кэннэ, туртаска көҥүл ылан, ыраах сирдэринэн кэрийэ сырыттыбыт. Биир сиргэ тохтоон, кутаа оттон, чэйдиирдии тэриннибит. Тепловизорбыт туһунан таһы-быһа умнан сылдьарбыт. Потап үрүсээгиттэн хостообутугар, итинник тэрил баарын биирдэ өйдөөтүбүт.
– Уолаттар, бу арыы тыаҕа туох эрэ баар. Бу сэп тугу эрэ билгэлиир, – диэт, туоһапка сааны ылан, онно барда.
Бастаан тыаҕа киирбэккэ, таһынан эргийэн, суолу-ииһи үөрэттэ. Улахан булт суох быһыылаах, бэйэтэ киирдэ. Сотору буолаат, туоһапка тыаһа «пус» гынна. Өтөр буолбата, биир тииҥи туппутунан тахсан кэллэ.
– Сүрдээхтик булларда. Чуо тиийэн, ытан ыллым, – диэн Потап үөрбүт ахан.
Ити кэнниттэн өссө биир куобаҕы ыйан биэрэн бултаппыта. Ол эрээри, кэлин үөрэтэн көрдөххө, мөлтөх хаачыстыбата элбэх курдук. Саас, күһүн табыллыбыт куһу ити тэрилинэн буларыҥ уустук. Оттон-мастан тэйэр итиини барытын көрдөрөр. Бэл, күн киирбитин кэннэ сойо илик мастан кытта сылааһы билэн, долгутуута элбэх этэ. Хаардаахха табыллыбыты син булуох быһыылааҕа эрээри, ыраах барбаккын, батареята тоҥор. Дьиктитэ, тутта үөрэммэтэх буоламмыт, өрүү базаҕа умнан кэбиһэбит.
Капитан
Капитан диэн аат кэлин иҥмитэ. Кини бастаан тыыһыт бэрдэ этэ. Төһө да бөдөҥ-садаҥ буоллар, хайа да бэйэлээх кыра уйуктаах тыынан ханна баҕарар устар. Саас тоҥмут мууһу тоҕута сынньан, куһу ылааччыбыт, быыраһыппыт. Тыаһыт кэлэ илигинэ илим үтэн, балык амсатан, үөрдээччибит эмиэ Кини, Капитаммыт, этэ. Ыксаатаҕына, эрдинэрин көрүө этигит, эриэккэс. Кэлин кыра мотуорканы дэгиттэр баһылаан, биир бастакынан ыытар көҥүлү ылбыта. Онтон ыла, иллэҥ кэм көһүннэҕинэ, Өлүөнэ Эбэ арыыларыгар сүүрдэ сылдьан күөгүлүүр, спинниҥинэн, илиминэн