Название | Куорат булчуттара |
---|---|
Автор произведения | Иван Андросов-Айанньыт |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-4099-5 |
Саас буолуута мин өссө «өлөн» бардым. «Бастакы кус кэлэн эрдэҕэ» диэн санааттан утуйар да уум уу буолбат. Өрүү халлааны хантайа сылдьар буоллум. Онно эбии дэҥ-дуҥ кустуу сылдьарбын түһээммин, өссө алдьанан турабын.
Биирдэ оҕо сааһым доҕоро төлөпүөннээн, ууга-уокка түһэрдэ. «Бииргэ үлэлиир уолаттарбын кытта куорат таһыгар кустуу бараары тэринэбит. Барсаҕын дуо, сааҥ баар ини?» – диэн буолла. Мин үөрүүнү кытта сөбүлэстим. Чурапчыттан көһөн киирэрбэр көҥүллээх, үөһэ-аллара уостаах Тоз-34 Е саабын илдьэ кэлбитим. Тыаҕа үксүн сүгэ сылдьар буоламмын, хаһан даҕаны саа хаата диэни билбэтэҕим. Бу даҕаны сырыыга куулга суулаан, аҕыйах ботуруоннаахпын сиэппэр уктан, кустуу барарга бэлэм буолбутум.
Ити сыл олус хаардаах кыһын ааһан эрэрэ. Төһө даҕаны ыам ыйын 9 күнэ буоллар, ойуур иһигэр киһи кыайан хаампат халыҥ хаара сытара. Икки массыынанан Нам диэки куугунатан иһэн, хаҥас диэки эрийэ тутан, алаастарынан сыыйылыннардыбыт. Сирдьиппит Куобахчыт диэн таптал ааттаах. Аммаҕа куобах мэнээгэр ытарынан, элбэх куобаҕы сүгэринэн ити ааты ылбыт. Саҥа билсибит доҕотторум бары даҕаны «булт диэн баран муннукка ытаабыт» уолаттар.
Суол баар эрээри, кыһыны быһа мас соспуттар, хаспах да хаспах. Массыынабыт хаста даҕаны ыйана сырытта. Биир алааска эрилиҥнэтэн, ойутан киирбиппит, алаас ортотугар үүнэн турар хатыҥҥа атыыр куртуйах олорор эбит. Бары да, куорат чугаһыгар булт баарыгар эрэммэккэ испит дьон, соһуйан, омун-төлөн бөҕө буоллубут. Бэрт ыксалынан саабытын хомуйан адаарыҥнастыбыт. Куртуйахпыт саа ылбат сиригэр олорор. Саамылаһан, сааларбытын бэлэм тутан, суолунан айанната түһэн баран, туораан тахсан чугаһаары гыммыппыт, ханна баарый? Массыына барбат халыҥ хаара. Эрийтэрэн барылатан, суолтан уонча миэтэрэни бардыбыт эрэ, суох эрэ. Олорон хааллыбыт. Куртуйахпыт 80-ча миэтэрэ бадахтаах. Тоҕо эбитэ буолла, ытар чиэс миэхэ тигистэ. Ойон тахсаат, ырааҕырҕатан, үрдүн көрөн баран, ытан бытарыттым. Куртуйаҕым умса баран иһэн, арыый кыанан, ойуур саҕатыгар тиийэн түстэ. Тута охтубатаҕыттан табыллыбатаҕынан аахтылар. Эккирэтэн тиийэн көрүөҕү, массыына сыҕарыйан абырыа суох, эгэ, сатыылыыр кэлиэ дуо? Итинник хааллаҕа.
Кустуохтаах сирбитигэр тиийбиппит, олох даҕаны хаарынан көрө сытар. Манна саас кэлбит сибикитэ диэн – сырдыкпыт эрэ уһаабыт. Сылгыһыттар үүтээннэригэр бэрт үчүгэйдик хоноот, төттөрү айаннаатыбыт. Кус көрөр, ытар баҕа баһыйан, айан суолугар тахсаат, өрүс диэки тутан кэбистибит. Үөрүөхпүт иһин, манна уу-хаар баһаам буолан биэрдэ. Күөрэгэй ырыата, чиибистэр тэлиэс-былаас көтүүлэрэ чахчы да саас барахсан кэлбитин туоһулуура.
Халлаан лаппа хараҥарыыта чалбах ууларга олоро сатаан, биир тылбыйар кынаттааҕы көрбөккө, отуубутугар таҕыстыбыт. Куорат таһыгар маннык буолуохтааҕын бары даҕаны билэр буоламмыт, кыһаллыбатыбыт. Чэбдик салгыны толору сиэн, дурдаҕа тоҥон-хатан, сыал ытан, бастакы уохпут хараатаҕа. Айылҕаҕа тахсан сынньаннахпыт.
Арай халлаан сырдыыта тоҥон уһуктубутум, ханна эрэ чугас соҕус кус чурустуур. Ойон туран, саабын хаба тардаат, ол диэки хаамтым. Күнүс кэрийэн, ханан уу тахсыбытын, ханан үөмүүлээҕин билэбин. Атыыр чөккөй биир кэм айманар. Саабын бэлэм тутан, талахтарынан хаххаланан иһэн көрбүтүм, кырыыбалыы соҕус кыттыгаһым үөмэн иһэр эбит. Куспут уу уҥуор, дулҕа үөһэ олорон чурустуур. Дьиҥэр, кус элбэҕэ буоллар, киһи ырааҕырҕатан ытыа суох эбит. Эргийэ барыаҕы, талаҕа хаамтарыа суох. Куһу ыппыт ааттыын үчүгэй. Бэлиэ бэрсэн баран, ытан саай! Куспут өрө көтөн таҕыста. Тутуу былдьаһан, иккис уоспунан батыһыннаран ытан хабылыннарбытым, куһум, өс киирбэх, умса баран түстэ.
Бачча сааспар диэри син араас куһу-хааһы бултаан кэллэҕим. Ол эрээри ити бултаабыт атыыр чөккөйүм тус бэйэбэр олус күндү буолбута. Булка умсулҕаным, бэйэбэр эрэмньим саҥалыы күөдьүйбүтэ. Хайа, уонна куорат даҕаны таһыгар бултуохха, санааны сайгыахха сөп эбит диэн өйдөбүлгэ кэлбитим.
Куорат таһыгар бу бастакы бултааһыммыт кэнниттэн үһүө буолан хаалбыппыт. Атыттарбыт хамаанда тэринэн, туспа «буруо» таһаарыммыттара. Ол оннугар биһиэхэ, булт дьиҥнээх фанаттара диэххэ дуу, баар буолбуттара. Ырааҕынан-чугаһынан араас сирдэргэ араас булду бултаан, бэйэ-бэйэбитин үчүгэйдик билсибиппит. Ханнык баҕарар түгэҥҥэ биир тыла суох өйдөһөр, кэлиигэ-барыыга, булка-алка буспут-хаппыт, уопуттаах, күүстээх хамаанда үөскээбитэ. Биһиги хамаандаҕа сыстыах баҕалаах хара баһаам этэ. Сорохтор сырыыны-айаны кыайбакка, бэйэлэрэ тохтууллара. Оттон сорохторун биир-икки сырыыга көрүүгэ илдьэ сылдьан баран, тэйитэр түгэннэрбит эмиэ бааллара.
Булт – улахан үлэ. Биир киһи курдук олорон-туран истэххэ, сырыы-айан кыайтарар, булт бултанар. Аһыы утаҕы ас, эмп курдук көрбөт буоллаххына, эмиэ кыайан сылдьыспаккын. Кус, балык, куобах, мас көтөрө, бэл диэтэххэ, тайах көҥүлэ буолла да, өрүү тахса турааччыбыт. Кыһын өрөбүл аайы трасса таһынан туһахтыыр, мас көтөрдүүр идэлэммиппит. Оччолорго куорат таһыгар куобах үчүгэйдик үөскээбит кэмэ этэ. Күһүн аҕыйах буолан өрөбүллэргэ хааман, үүрэн, 80-чаҕа тиийэ куобаҕы бултуурбут. Хаар түһүөр диэри итинник сылдьан, биирдии бэйэбит 40-чаҕа тиийэ куобахтанарбыт. Итиннэ өссө мас көтөрүн эбэн кэбис. Онон куоракка да олорон, ырыаҕа ылланарыныы, «…Уонна