Название | Муора арыытыгар олох |
---|---|
Автор произведения | Сэмэн Тумат |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-7080-0 |
Хаар күүлэ иһигэр киирдибит. Ийэм үөрүйэх илиитэ аан тутааҕын таба харбаан аспытыгар сылаас салгын «ил» гына саба биэрдэ, «чэ, чэ киирэ oxcyҥ» диэбиттии ыһыырынньык уота эйэҥэлии түстэ.
– Хайа, доҕоор, чүмэчиҥ бүппүтэ быданнаабыт дуу?
– Бүтэн. Ыһыырынньык уотунан туһаммыппыт бүгүн үhүc күнэ. Хайа, хайдах-туох олордугут? Туох сонун-нуомас баар буолла? – ийэм үрүт үөһэ ыйыта турда.
Ыһыырынньык уота сүрэҕэлдьээбиттии эйэҥэлиир сырдыгыттан дьиэ иһэ өссө кыараабыкка дылы буолла, ийэм биһиги аҕалбыт кыраһыыммытын таас олохтоох лаампатыгар кута охсон, киһи хараҕа чаҕылыйар сырдыгын уматан сандаарта. Ол кэннэ тимир буочука аҥаардаммытынан оҥоһуллубут ohoxxo быраҕыллыбыт уккунньаҕа аатыгар эрэ сыыгыныы умайарын күөдьүттэ, эбии мас укта, кур морж сыатын лаҕыран хаалбыт биэдэрэттэн хомуоһунан сомсон ылан, уокка кутан биэрбитигэр ohoҕo барахсан, ону эрэ кэтэһэн турбут курдук, өрө тигинии түстэ.
Бу кэмҥэ айан дьоно кэлбитин билэн, уйгууран орто быраатым Өндөрүүскэ-Тоотук туох да бокуойа суох ытаан тоҕо барда. Быраатым барахсан күкээрбит төбөтүн кэтэҕиттэн сыллаан ыллым, уоскутаары хомуһуолум тас сиэбигэр укта сылдьыбыт кэмпиэппин туттара охсон кэбистим. Арай бу долгутуулаах түгэн тиийбэт киһитэ – быйыл кыһын төрөөбүт Өлөксөөндүр диэн кыракый быраатчааным, саха тэҥэ суох, утуйан буккуруу сытар. Бэйэм буоллаҕына алаһа дьиэ ахтылҕана таайан буоллаҕа буолуо, ытыах санаам ыган кэллэ. Ону аралдьыта сатаан, дьиэ иһин эргиччи көрөбүн. Ohox xaҥac өттүгэр чэҥ буолбут муннукка сүгэнэн мастаммыт хардаҕастар кыстаммыттар. Үөһэ аналлаах кэрээдэҕэ икки тоҥ кырса анньыллан тураллар. Ohox холумтанын уҥа өртүгэр эриэн түөс хаас ириэриллэ ууруллубут. Мин бу хаас тумустаах сылдьарыттан, хайдах урут быспатах бэйэбиний диэн, муодаргыы санаатым. Үгэс курдук, кыһыҥҥы хаһааска ууруллубут хаастары өрүү тумустарын быһан ылан, бөһүөлэккэ барарбар илдьэ барааччы этим. Күһүн эрэ буоллар бөһүөлэк оҕолоро ким элбэх тумуһу муспутунан, киммит аҕата элбэх куһу-хааһы сууһарбытынан куоталаһыы буолааччы. Apaaha, ийэм, хаһаасчыт муҥутаан, оҕом саас кэлиитигэр диэн кистиэҕинэн кистээн саһыарбыт xaaha сыттаҕа дуу, тугуй?
«Уо, ийэм барахсан! Кини сүрэҕин сылааha бу кыракый үүтээн дьиэ кутун-сүрүн тутар, тыынныыр. Сылы быһа кэриэтэ бу киэҥ куйаар хаҕыс буурҕатын кытта туруулаһан мас мастанан (биһиги диэки уу аҕалбыт сылбах маһын быанан сүгэн, кыһынын ыт сыарҕатынан тиэнэбит) алаһа дьиэ үөрэ-көтө күүдэпчилэнэр кыымнаах үөлэһин тутан олордоҕо эбээт», – диэн ийэм туһунан аттара саныах курдук буолан эрдэхпинэ, аһылыкка ыҥырдылар.
Үгэс быһыытынан эмис чыыр балык чап-чараастык кырылаччы кыһыллыбыта икки тэриэлкэҕэ өрөһөлүү ууруллубут. Биһиги дойдуга ыраах айантан кэлбит киһиэхэ маҥнай тоҥ балыгы кыһан сиэтиллэр, ол эрэ кэннэ итии чэйи биэриллэр. Аҕам этэҥҥэ айаннаан кэлбитин, оҕолор соччо тоҥмотохторун кэпсии-ипсии олордо. Гриша аччыктаабыт киһи быһыытынан