Название | Аанньаллар |
---|---|
Автор произведения | Айсана |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-4178-7 |
Айабыан, дьоппуоннарга да улахан дьон бааллар эбит! Киhибит икки миэтэрэлээх быhыылаах. Өрө түөhүллэн киирбитигэр адьас дьиэм кытта намтаабыкка дылы буолла.
Дьонум үhүөлэр: Сардаана, дьоппуон, тылбаасчыт. Английскайдыы быhаарсаллар эбит.
– Хелло, май нейм ис Айыына, – диибин, английскайдыы тылым саппааhа бүтэн, саалаҕа ыҥыртыыбын.
– Акакамура-сан, – дьоппуон тоҥхоҥнуур.
Саҥа дьиэлээх киhи быhыытынан дьоһумсуйа соҕус туттан дьиэбин кэрийтэрэбин. Киирии хоско улар быhыылаах мас тоhоҕоҕо ыйанан турар дэйбиири ылан, дьоммун сапсыйабын. Тылбаасчыт Дина үөрэр. Тугу эрэ саха үгэhин туhунан кэпсиир быhыылаах. Мин биир-биир хосторбун кэрийтэрэн, хайдах былааннаан, хас сыл туттан дьиэбитигэр киирбиппитин кэпсиибин. (Тустаахха ыарахан этэ дьэ, дьиэ туттуох диэтэххэ…) Дьоппуон тугу эрэ өйдөөбөт. Хат-хат ыйытар.
Дина быhаара сатаан баран, миэхэ эргиллэр:
– Бу киhи бэйэбит туппуппут дииргитин өйдөөбөт, итэҕэйбэт… Архитектордар, тутааччылар дуо диир. Учуутал уонна инженер диирбин итэҕэйбэт.
Сайдыылаах дойду киhитэ хамнаhа үрдүгэ бөҕө буоллаҕа, ханнык эрэ сулууспаны төлөпүөннээн ыҥыра-ыҥыра олордоҕо дии. Дьиэлэниэн баҕардын, массыыната алдьаннын – аналлаах сулууспалар, били остуоруйаҕа кэпсэнэр джиннар курдук, биирдэ баар буола түhэллэрэ буолуо. Уонна кинилэр дьиэлэрэ диэхтээн, хордуоҥка быыстар буоллаҕа. Дьоппуоннар дьиэлэригэр олоппосторо да, оронноро да суох буолар буолбат дуо?! Биhиги дойдуга оннук буолбатах. Ким эрэ дьиэ туттараары биригээдэ ыҥырдаҕына, «ээ, бу киhи туора топпут, харчыта батарбат буолбут» эбэтэр «бу аймах тоҕо сүрдэрэй, уолларыгар көмөлөспөттөр», өссө аhара баран «эhэтэ улуу сүрэҕэ суоҕа, бэйэтэ эмиэ, сүрэҕэлдьээн холтуурсуктарга туттарар» диэн буолуо. Биhиги уоппуска харчытын кэтэhэн, омуна суох дьиэбитин уонча сыл туттан киирбиппит. Онон бу дьиэ маhа ханан хайдыбытын, ханан салҕаммытын ааҕа билэбит. Уонна оттон бэйэҥ тутан-хабан оҥорбутуҥ санааҕа да астык.
Мин дьоhумсуйа-дьоhумсуйа:
– Саха – сүрдээх мындыр омук, саха сатаабатаҕа диэн суох, ол иhин дьиэбитин бэйэбит илиибитинэн эрэ туттар үгэстээхпит, – диибин. – Бэйэҥ көлөhүҥҥүн тохпут, илииҥ сылааhын биэрбит, баҕа санааҥ оҥкулун уурбут буоллаххына, иэримэ дьиэҥ иччилэнэр, элбэх оҕо-уруу, баай-дуол, эйэ-ил кэлэр, – диибин. – Бу тула көр, атын-атын ыал дьиэлэрэ хайалара да майгыннаспаттар, бары тус-туhунан тыыннаахтар, тус-туhунан быhыылаахтар-таhаалаахтар, – диибин.
Ыалдьытым баhын быhа илгистэр, блокнотугар тугу эрэ сурунар.
Гаас хочуолун аттыгар кэлэн, тобуктаан олорон өр да өр одуулаhар, онтон олох да сытынан кэбиhэр. Биhиги күлсэбит.
Киhибит:
– Хаhан араараҕыт? – диир.
– Араарбаппыт, араардахпытына бу сэтинньи уорааныгар тоҥон өлөр буоллахпыт дии, – дэhэбит.
Эмиэ баhын быhа илгистэр:
– Олус