Сүлүһүннээх таптал. Сардана Сивцева

Читать онлайн.
Название Сүлүһүннээх таптал
Автор произведения Сардана Сивцева
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-5514-2



Скачать книгу

быдан табыгастаах! Саамай мэччирэҥнээх сирбит дии! Хата борооскуларгыт сайын устата биллэ төлөһүйүөхтэрэ. Ону санааҥ! – диэтэ кини дьыалабыайдык.

      – Чэ, туох да диэҥ, мин биир бэйэм ол Өллөөххүтүгэр саараама барбаппын! – Өкүлүүнэ иннин биэрэн бэрт.

      – Һ-м, оччотугар атыттар санааларын истиэххэ! Холобура, Маайа, Өллөөххө барары туох дии саныыгыный? – Даарыйа Уйбаанабына бу олорор дьонтон ким ордук мөлтөҕүн, симигин, «бырааба кыратын» билэр. Ол иһин миигин эрэ тыыппаталлар ханнык диэбиттии, баара-суоҕа биллибэккэ олорор Маайаттан ыйытта. Анарааҥҥыта, киһи аһыныах, кутталыттан тута мух-мах барда. Сэбиэт Даайа дьүккүччү көрбүт хараҕын тулуйар кыаҕыттан ааһан, умса көрдө. Соппуоската бадараан буолан хаалбыт. Буолумуна, таһырдьа хаар ууллан, сир сиикэй сытар. Мунньахха хойутаамаары, бадарааны бадараан диэбэккэ, таах дайбаан кэлбиттэрэ ити баар. Маайа бара сатаан атыттар атахтарын таҥаһын көрөр: барыларын соппуоскалара бадараан буолбут. Бэл кини иннигэр суостаахтык туттан олорор сэбиэппит атаҕын таҥаһа эмиэ бадараан.

      – Хайа, Маайа, тоҕо саҥата суох бардыҥ? Санааҕын этэн иһиэххин?! – Даарыйа Уйбаанабына Маайаны ыкта-түүрдэ. Анарааҥҥыта өссө долгуйда, оскуолаҕа «иккини» ылбыт үөрэнээччи курдук сананна. Кэмниэ кэнэҕэс нэһиилэ: «Мин эмиэ…» – диэн хантан эрэ иһин түгэҕиттэн икки тылы ыган таһаарда.

      – «Мин эмиэ» диэн ол аата туох диэри гынаҕыный? Өйдөөбөтүм! – Сэбиэт Даайа чуолкайдаһыан баҕарда.

      – Һ-м, Маайа, оттон эйиэхэ синэ биир буолбатах дуо? – биригэдьиир Ыстапаан сэнээбиттии тыл бырахта.

      Маайа муҥнаах кыахтааҕа буоллар салгыҥҥа симэлийэн, көстүбэт буолан хаалыа эбит. Уҥуох-тирии бэйэтэ, куоптатыгар иһирдьэ киирэн саһан хаалыан баҕарбыттыы, хаҕа эрэ хаалан олордо. Умса көрдөҕүнэ эрэ быыһанарыныы, эмиэ соппуоскатын одуулаата. Атахтарын кумуччу туттубутугар хаппыт бадараан тоороттон түһэн, кырааската барбыт муостаҕа ыһылынна.

      – Оо дьэ, Маайа, киһи ыйыттаҕына, саатар, саҥаран быстыаххыный?! – биригэдьиир кыйыттан барда.

      – Оттон… Дулҕалаахпыт дэриэбинэттэн чугас буолан, сылдьарга үчүгэй этэ… – Маайа саҥата, төһө да бырдах сыыгынаабытын курдук кыра буоллар, уу чуумпуга иһилиннэ, бары өйдөөтүлэр.

      – Һ-м, оттон, биллэн турар, Өллөөхтөн санаатаҕыҥ аайы маҕаһыыҥҥа тиэстэриҥ тохтуур! – биригэдьиир Ыстапаан эҕэлээхтик эттэ.

      Баччааҥҥа диэри кулгаах-харах буолан олорбут Маайа оҕонньоро, Ньукулай, ити тыллары сөбүлүү истибэтэ.

      – Ыстапаан Ыстапаанабыс, чэ, төһө да биригэдьиир, тойон аатырдаргын, тылгын арыый да кыатана тутун! – диэтэ, ойоҕун көмүскэһэн. Үйэтин тухары суостаах эдьиийигэр баттатан, эмиэ «ким да миигин тыыппатар ханнык» диэбит курдук туттар-хаптар бэйэтэ, итиччэ эр ылан утарсыбытыттан бэйэтэ да соһуйда быһыылаах. Тута мух-мах бараахтаата. Биригэдьиир Ньукулайы сиэн да топпот.

      – Ньукулай, оччо айылаах туох диэтим? Баары этэр эмиэ буруй буоллаҕай? – Ыстапаан Ыстапаанабыс куолаһыгар дьахтардыҥы, чаҥкынас дорҕоон иһиллэн ылла. Даарыйа