Сүлүһүннээх таптал. Сардана Сивцева

Читать онлайн.
Название Сүлүһүннээх таптал
Автор произведения Сардана Сивцева
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-5514-2



Скачать книгу

батах, бастатан туран, кини дьон сыһыанын, таптал сырдык уонна хараҥа өрүттэрин, олох драматын ойуулуур. Айымньыны киэҥник, этэргэ дылы, тиэргэн таһыттан, киһи майгытын, олоххо көрүүтүн сыаннастарыгар олоҕуран ырытыллыахтаах. Биир соҥнонор идеяттан кыратык туора барда да киһи өстөөх аатырар кэмнэрэ баар буола сылдьыбыттара. Оттон билигин тиэргэн эрэ иһин эйгэтинэн сирдэтинии, кыра да тэппини атаҕастаныы, үөҕүллүү курдук ылыныы сүтэ илик, өссө сытыырхайбыт курдук. Оччоҕо да, баччаҕа да биир күрүөттэн тахсар куттала кытаанах эбит.

      Бу айымньы сүрүн темата – киһи ыраас санаата уонна хара дьай охсуһуулара. Норуот үгэһин көрдөрүү, айылҕа, саха сайылыгын кэрэтин хоһуйуу диэн ылынар сыыһа. Арай сайылык тэттик эйгэтэ айымньы сүрүн тематын дириҥник арыйарга күүс-көмө буолар.

      Ааптар Көмньө сайылык быһылаанын суруйбатах, оттон сюжет быһыытынан майгыннатыы литератураҕа баар суол. Хайа да омук литературатыгар, ол иһигэр сахаларга эмиэ араас трагедия, драма сурулуннаҕа аҕай. Холобур, Эрилик Эристиин Хачыгыра, Суорун Омоллоон Охонооно тэпсиллэн-охсуллан, кырбанан, кэйгэллэн өлөллөр. Хайдах өлөртөн тутулуга суох, уопсайынан, киһи олоҕор суудайыы – хара дьай. Онон ити ыар дьайыылары барытын биирдик, хара дьай диэн, өйдүүр наада. Ааптар тириэрдэр санаата диэн куруук сырдык, киэҥ, үтүө санаа баһыйыахтаах. Ханнык омук буоларгыттан дуу, ханна олороргуттан дуу тутулуга суох.

      Биһиги «Сүлүһүннээх тапталы» киһиэхэ сырдык Итэҕэл, үтүө санаа баар буолуохтааҕын этэр, тириэрдэр айымньы диэн сыаналыыбыт. Даана Сардка айымньылаах үлэни баҕарабыт, мэлдьи сырдык санаа арыаллыы сырыттын!

      Иван Мигалкин, СӨ Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ норуодунай поэта

      Галина Фролова, СӨ Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, СӨ култууратын туйгуна, поэт

      1

      1977 сыл. Оройуон түгэҕэр сытар чуумпу олохтоох, кыракый дэриэбинэ. Хаптаһын, туоль сиипэр кырыыһалаах дьиэлэр кэчигирэспиттэр. Сорохтор кырыыһалара да суохтар, ол оннугар ампаар дуу, балаҕан дуу курдук дьиэлэрин үрдүлэригэр сайынын күөх от чэлгийэ үүнэр, кыһынын бэргэһэ курдук хаар үллүктүүр.

      Хонтуора дьиэтин мунньахтыыр хоһугар кэргэннии Мотуруона, Уйбаан Силэпсиэптэр уонна Маайа, Ньукулай Алаастыыраптар кэлэн олороллор. Алаастыыраптар өттүлэриттэн өссө Ньукулай бииргэ төрөөбүт эдьиийэ – Өкүлүүнэ диэн алта уон сааһын лаппа ааспыт, кырдьа барбыт дьахтар – баар. Бу кэм сиэринэн эмээхсин да диэххэ сөп. Мустубут дьон утары икки остуолга биригэдьиир Ыстапаан Ыстапаанабыс уонна сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Даарыйа Уйбаанабына олороллор. Дуоһунастаах үлэһит буоларын быһыытынан, Даарыйа Уйбаанабына бороҥ өҥнөөх көстүүмнээх, түөһүгэр «Ударник коммунистического труда» диэн значоктаах. Кэлбит дьон, «туохха эмиэ ыҥырдахтарай?» диэбиттии, сирэйдэригэр кыракый тыҥааһын баарга дылы.

      – Чэ, табаарыстар, кыракый биллэрии баар… Һ-м, һ-м… Быйыл эһиги икки ыал, Силэпсиэптэр уонна Алаастыыраптар, Өллөөххө сайылыы тахсар буоллугут! Ньирэйдэргитин онно көрөҕүт. Онон, бу аҕыйах хаалбыт хонукка, күнү-дьылы баттаһа, хомуна охсуҥ! – диэн биригэдьиир биллэрэр.

      Арааһа, итини эрэ көһүппэтэх буоланнар, бука бары чочумча тылларыттан матан олордулар. Кэмниэ кэнэҕэһин саамай аҕалара киһи, Өкүлүүнэ, сөбүлээбэтэҕин биллэрэн, «буолар да эбит!» диэбиттии, тыйаатыр артыыһын курдук төбөтүн быһа илгиһиннэ. Кини сопхуос бастыҥ үлэһитэ буолан, уордьана-мэтээлэ баһаам, хайҕал кумааҕыны этэ да барыллыбат. Олох кыһалҕатын, ыарахан үлэни оҕо сааһыттан билбит буолан эбитэ дуу, тутта-хапта сылдьара эр киһилии судургу, дьүһүнэ-бодото томороон, саҥата-иҥэтэ быһа-бааччы, сороҕор баламат да диэххэ сөп. Барыта кини эппитинэн буолуохтааҕын курдук туттар-хаптар. Үгүстэр Өкүлүүнэҕэ сүр баттатар буолан, ким да утарсыбат. Бу да сырыыга матан олоруо диэтэххит дуу, биригэдьиири биригэдьиир диэбэккэ, баран этэн-тыынан барда:

      – Ыстапаан Ыстапаанабыс, саҥам диэн аата саҥардаххыный! Оннук диэн хайдах да табыллыбат! Бэйэҥ билэҕин, биһиги урут уруккуттан сайылыыр сирбит – Дулҕалаах! Оҕолуун-уруулуун, ыттыын-кустуун, онно тиэллэн тиийэрбит. Онон, билбэт сирбитигэр туох иһин барбаппыт! Эрэйэ-муҥа суох урукку сайылыкпытыгар ыытыҥ!

      – Мин эмиэ Өллөөххө барары кыккыраччы утарабын! Биһиги эмиэ куруук сайылыыр сирдээхпит. Уонна, аһаҕастык эттэххэ, бу Алаастыыраптары кытары эн-мин дэсиһэн хаһан да бииргэ үлэлээбэтэхпит! Манна диэн эттэххэ, тапсан олорорбут да саарбах! – Уйбаан Силэпсиэп эмиэ утарсааччы буолла.

      – Айабыын! Ыарахан да дьоҥҥут! Биир сайын бииргэ үлэлээтэххитинэ, туоххут да туллан түһүө суоҕа! – биригэдьиир кэлэйбиттии саҥа аллайда.

      – Һы, Ыстапаан Ыстапаанабыс, куолугунан, киһиттэн ыйыппакка даҕаны, барытын аҥаардастыы бэйэҥ эрэ быһаара охсоҕун дуу?

      – Һ-м, онтон быһаардын диэн биригэдьииринэн таллыгыт ини!

      – Чэ, туох да диэҥ, мин биир бэйэм онно олох таласпаппын! – Өкүлүүнэ муос-таас курдук этэн кэбистэ.

      Биригэдьиир бу курдук утарсыы буолуоҕун, биллэн турар, эрдэттэн сэрэйбитэ. Биир дойдулаахтара хадаар майгылаахтарын кини бэркэ билэрэ. Бэйэтэ да оннук киһи буоллаҕа! Онон тута оргуйан турбата. Ханныгын