Кэдээк ойуун уонна Оллой кулуба. Дмитрий Колесов

Читать онлайн.
Название Кэдээк ойуун уонна Оллой кулуба
Автор произведения Дмитрий Колесов
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-3902-9



Скачать книгу

күөл эрдэ тоҥон, мууһа лүҥкүнүү тыаһаабыта. Маҥнайгы хаар түһэн, сир-дойду маҥан суорҕанынан сабыллыбыта. Ол курдук айан суола эрдэ аһыллан, чугастан-ыраахтан айанньыт дьон барар-кэлэр буолбуттара. Алтынньы эргэтигэр хас да ыҥыыр аты көтөллөнөн, хамначчыт киһилээх Ымыыһыыр баай ыадастан айаннаан, Иитиэх алааска Күчүмэ баайга күтүөт буолаары күөрэс гына түспүтэ. Кини Мачыананы кэргэн кэпсэтэн ойох ылаары оҥостон кэлбитэ. Кэһиитин, бэлэҕин киһи сөҕөр элбэҕи аҕалбыта. Кини элбэх арыгылааҕа, ону иһэн көрүлээбиттэрэ, итирбиттэрэ. Онно Ымыыһыыр эппитэ: «Мин улууска биллэр улахан баай киһибин. Эһиги соҕотох кыыскытын ойох ылан баран, ону толуйар гына элбэх халыымы-сулууну биэриэм. Быһаас 30 сылгыны диэбит буоллахпына, билигин 40 лоҥкур бөдөҥ сылгыны, 30 улахан ынаҕы уонна түүлээҕи, харчыны да аҕалыам. Миэхэ бэйэбит үйэбитигэр тиийэр үп-харчы баар!» – дии-дии түөһүн охсуммута. Ол аайы кыыс төрөппүттэрэ уонна чугас дьоно ымсыыран харахтара уоттанан, холуочук бэйэлэрэ ходьоҥноһо түспүттэрэ. Оттон Мачыана Ымыыһыыр кэлэрин эрдэ истэн, ыалдьыбыта буолан кубулуммута.

      Аны сүүрбэ хонугунан ньиргиэрдээх улахан урууну тэрийиэхпит диэн сүбэлэспиттэрэ. Мачыана да ити болдьоххо сөбүлэспитэ. Дьиктитэ диэн, саас Ымыыһыыры абааһы көрөрө, киниэхэ кэргэн тахсан ойох буолан олоруом кэриэтэ өлөн хаалыам диирэ. Ол бэйэтэ билигин тугу да эттэхтэринэ утарбатаҕа, сөбүлэһэн испитэ. Итини ийэтэ ордук дьиктиргээбитэ, «кырдьык улаханнык ыалдьар буолан, санаата түһэн утарсыбат буоллаҕа» дии санаабыта. Оттон аҕата «кыыс оҕо эрэйдээх ханна бараахтыай? Утарылаһан да, кыаҕа суоҕун биллэҕэ. Хайа, уонна биһиги кинини модьуйуохпут турдаҕа дии!» дии саныыра. Оттон убайдара кини кэргэн тахсарыгар, эрин сөбүлүүрүгэр-сөбүлээбэтигэр кыһаллыбат этилэр. Бүгүн итириэхтэригэр диэри арыгы истилэр да – бүттэҕэ.

      Мачыана кимиэхэ да эппэккэ, Лойуту күүтэрэ. Күн аайы кэлээрэй диэн кэтэһэригэр иэдэйбитэ. «Аны Ымыыһыыр уруулуу кэлиэр диэри кэлбэтэҕинэ, дьэ, алдьархай. Өлбүтүм кэриэтэ! Ити сиэхсиккэ кэргэн биэрэн умса астахтарына, оччоҕо биир санаа, биир тыл – бэйэбин өлөрүнэбин» диэн быһаарыммыта.

      Күннэр ааһан испиттэрэ. Ньиргиэрдээх улахан уруу буолара чугаһаан барбыта: биэс хонук хаалбыта, кыыс аҥаардас ыарахан санаатыттан, кутталыттан, дьэ кырдьык, ыалдьыах курдук буолбута. Хата, ону быыһыах киһи, таптыыр уола Лойут Уйбаан, биир киэһэ, күн киэһэрэн эрдэҕинэ, илэ бэйэтинэн киирэн кэлбитэ. Мачыана үөрүүтүттэн туймааран ылбыта, туох барыта хараҕар туман курдук көстүбүтэ.

      Дьиэлээх оҕонньор Күчүмэ хаама сылдьар дьадаҥы киһини кытта кэпсэтиэ баара дуо? Үөс курдугунан көрөн кэбиһээт, ханна эрэ саҥата суох тахсан барбыта. Эмээхсин даҕаны хоноһотун диэки кынчарыйан көрөн ылаат:

      – Эмиэ бу хантан кэлбит дьаарбаҥ киһитэ буулаатыҥ? – диэбитэ.

      – Булду эккирэтэн кэлэн, бу дойдуну буллум.

      Кэмчи астаах чэйи бэлэмнээн баран, эмээхсин Лойуту ыҥыран чэйдэппитэ уонна бэйэтэ туохха эрэ наадыйан эмиэ таһырдьа тахсыбыта. Лойут