Название | Ийээ, бырастыы гын.. |
---|---|
Автор произведения | Степан Марков |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-3898-5 |
Ити курдук ас кэмчитигэр кыра да көстүбүт ас эбиискэ буолар, аччыктаабыт киһи тыынын уһатар, хараҔын сырдатар…
Саас биирдэ күнүскү чэй иннинэ, дьукаахтар үлэлэригэр сырыттахтарына, ыт бэргэһэлээх, ыт саҕынньахтаах Сааба оҕонньор Миичэкэлээх балаҕаннарыгар баар буола түстэ. Сааба түргэн туттунуулаах уонна онно эмиэ дьүөрэ түргэн саҥалаах-иҥэлээх, Миичэкэ бараата саастаах ыаллыы нэһилиэк киһитэ.
– Хайа, ыаллар, үөлээннээҕим, сонунуҥ? Туох кэпсээннээх кырдьаҕастаргытый, хайдах олороҕут? – күө-дьаа, доргуччу саҥалаах оҕонньор ыйытан субурутар.
– Тыый, бу Сааба оҕонньор эбиккин дуу?! Чэ, оттон сыгынньахтан хайаа… Эмээхсиэн, чэйгин сылыта уур, – диэт, Миичэкэ ыалдьытыгар олох мас биэрдэ.
Оҕолор ыалдьыт оҕонньор кэлбитин уонна улахан саҥалааҕын да иһин буолуо, сонургуу көрдүлэр.
– Хайа бу дьукаахтааххыт дуу, ким оҕолорой? – Сааба одуулаһан, чуумпуран олорор оҕолору көрөн ыйытар.
– Ээ, ити дьукаахтарым оҕолоро. Икки дьахтар оҕолорунуун бааллар, кэргэттэрэ сэриигэ сылдьаллар. Уонна ити аймаҕым Нээттэй уоллаах бааллар. Онон бу кыра балаҕан түөрт ыалы суулаан олорор.
– Сөп-сөп. Истибитим. Чугас олорор буоламмыт киһи син истэ-билэ олорор буоллаҕа эбээт.
– Оннук ээ.
– Бээрэ, оттон уолаттаргыттан, дьукаахтарыҥ дьонноруттан туох сурах иһиллэрий? Сурук кэлэр дуо? – ыалдьыт сэрэхэдийэ соҕус ыйытар.
– Кэлин сурук кэлбэтэҕэ ыраатта. Ол уоттаах сэриигэ хайдах-туох сылдьалларын ким-туох билэн эрдэҕэй?
Балааҕыйа эмээхсин күнүскү чэйин тардан, кырдьаҔастар, итии үүттээх чэйи сыпсырыйа иһэ-иһэ, хардарыта сонуннарын атастастылар.
– Быйыл сыл түмүгэр курааннаан, от, бурдук аанньа үүммэккэ, дохуоппут олох дуона суох биһиэхэ. Оттон эһиги кэм дохуоттаммыт сураххытын истэммит, кыратык ордук саныах да курдукпут ээ. От-мас, бурдук-ас суоҕа биһиги диэки дьону, сорох ыалы ыалынан амньыратта. Аччыктааһын, хоргуйуу ордук саас диэкинэн тахсыталаата, өлүү-сүтүү да баар. Эһиги диэки хайдаҕый?
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «Литрес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на Литрес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.