Сүрэх ыллыыр. Группа авторов

Читать онлайн.
Название Сүрэх ыллыыр
Автор произведения Группа авторов
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn



Скачать книгу

тэбэллэр.

      Хос ырыата:

      Сэгэрим, эйиэхэ тапталбын этиэхпин,

      Иһийбит чуумпуну уйгуурдуох курдукпун.

      Ый суолун батыһа сиэттиһэн хаамсыахха,

      Бу дьоллоох түгэҥҥэ уйдаран дайыахха.

      Нуоҕайбыт хатыҥмыт сипсиэрин истэбит,

      Налыйбыт чуумпуга эн биһи иккиэбит.

      Бу киэһэ сүрэҕим нүөлүйэ тэппитэ:

      «Эн биһи, сэгэриэм, бииргэбит», – диэбитэ.

      Хос ырыата (2 төгүл):

      Сэгэрим, эйиэхэ тапталбын этиэхпин,

      Иһийбит чуумпуну уйгуурдуох курдукпун.

      Ый суолун батыһа сиэттиһэн хаамсыахха,

      Бу дьоллоох түгэҥҥэ уйдаран дайыахха.

      Ийэ мичээрэ

      Ангелина, Ирена, Розалина Файрушиналар

      Аким Кондратьев тыллара,

      Ангелина Файрушина мелодията

      Ийэ мичээрэ өрүү истиҥ, кэрэ,

      Күн уотуттан мэлдьи күндү курдук,

      Көй ыраас салгынтан күүстээх курдук өрүү.

      Ийэ, ийэ мичээрэ күндү, кэрэ.

      Хос ырыата:

      Ийэ мичээрэ элбэххэ үөрэтэр —

      Эйэҕэс буоларга, эйэни буларга,

      Сырдыкка эрэ сыдьаайа сылдьарга.

      Ийэ, ийэ мичээрэ сырдык, кэрэ.

      Ийэ мичээрэ искэр иҥэрэр

      Олоххо тапталы, бар дьоҥҥо махталы,

      Эр хорсун санааны, эрэллэх буолууну.

      Ийэ, ийэ мичээрэ истиҥ, кэрэ.

      Хос ырыата (3 төгүл).

      Көҥүл

      Аскалон Павлов

      Аскалон Павлов тыллара, мелодията

      Сүүс киhиэхэ сүгүрүйэн тоҥхороҥнуох кэриэтэ,

      Бэргэн буулдьа аhылыга буолбут быдан, быдан ордук, быдан ордук.

      Сүүс омукка үтүрүллэн хам баттаныах кэриэтэ,

      Кырыктаахтык кыргыспыппыт быдан ордук, оннук ордук.

      Хос ырыата:

      Көҥүл, көҥүл, көҥүл биhиэхэ күндү,

      Көҥүл, көҥүл, көҥүл биhиэхэ үрдүк.

      Былаҕайга былдьаммакка, быстах суолу тутуспакка,

      Хааччах суолун тумна-куота сатаабыт быдан ордук, оннук ордук.

      Олохпутун сөхсүнэммит, омукпутун сөргүтэммит

      Очуос тааска бары бииргэ ыттыбыппыт быдан ордук, оннук, оннук.

      Хос ырыата (5 төгүл).

      Түүл

      Варя Maxima

      Михаил Семенов тыллара,

      Варя Maxima мелодията

      Мин бөлүүн элбэҕи түhээн көрдүм,

      Туох эрэ сүтүкпүн сырсан көрдүм,

      Түүннэри эрэй бөҕөтүн көрдүм,

      Тугу көрдүү сатаабыппын өйдөөбөтүм.

      Мин бөлүүн дьиктини түhээн көрдүм,

      Уhуктан түүлбүн ырытан көрдүм.

      Саҕахтан саҥа күнүм тахсарын көрдүм,

      Тугу түhээбиппин дьэ өйдөөммүн үөрдүм.

      Конец ознакомительного фрагмента.

      Текст предоставлен ООО «Литрес».

      Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на Литрес.

      Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.