Төрүт ньыманан ис кыаххын арый. Кулан хан

Читать онлайн.
Название Төрүт ньыманан ис кыаххын арый
Автор произведения Кулан хан
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6647-6



Скачать книгу

элбэх. Оннукка салгын кут киртийэр, атын дьон санаатынан, кыһалҕатынан туолар. Ол барыта быарга олорор, өрөһөнү күүрдэр, үөһү хойуннарар. Коронавирус пандемията аан дойду үрдүнэн дьон тыынар уорганнара олус мөлтөөбүтүн дьэҥкэтик көрдөрдө. Бу ыарыы бүттэ, аны маннык хатыланыа суоҕа диэн этэр кыахпыт букатын суох. Вирус хайа баҕарар кэмҥэ «тупсан-сайдан», саҥалыы күүһүрэн кэлиэн сөп.

      Биһиги курдук тыйыс айылҕалаах дойдуга бетон, таас дьиэҕэ олорор доруобуйаҕа охсуулааҕын өйдүөх тустаахпыт. Тас тэмпэрэтиирэ олус тымныйар буолан, дьиэни салгылатыы кыаллыбат, вентиляция бэйэтин оруолун ситэ толорбот. Онтон таас истиэнэ тыыммат, дьиэ салгылаабат. Итини эмиэ тус бэйэбит турукпут туһугар толкуйданарбыт уолдьаста.

      Билигин ордук күүскэ салгын куту бөҕөргөтөр кэм кэллэ. Онно дьэ Сахабыт сирин киэҥ нэлэмэн туоналара, ыраас салгына абырал буолуохтаахтар. Бэйэбит тыытыллыбатах, эйгэтэ алдьамматах кэрэ айылҕабытыгар сылдьан сынньанарбыт туохтааҕар да ордук, туһалаах. Төрөөбүт дойдубут барахсан тылынан сатаан этиллибэт сүдү күүһүн, киһиэхэ биэрэр ыраас, модун тыынын өйдүөхтээхпит. Кэм-кэрдии уларыйда, онон киһи доруобуйатыгар болҕомто уурбатаҕына, ким да көмөлөһүө суоҕа, олохпут – бэйэбит илиибитигэр. Билигин өбүгэлэрбит билиилэрин холбуу тутан, саҥалыы тыыннаан туһаныах тустаахпыт. Салгын суолтатын ырыҥалаан, сахалыы анааран дириҥник өйдүөххэ. Тыыммыт салгыныҥ сонно тута хааҥҥар тиийэр гына айылҕа киһи буор кутун олус мындырдык айбыт эбит. Хааныҥ хайдаҕый да, санааҥ-онооҥ эмиэ онтон саҕыллан тахсар буоллаҕа. Өбүгэлэрбит ону олус бэркэ билэллэрэ. Дьон тоҕуоруһар сиригэр салгыны кытта төһөлөөх элбэх араас бытархай эттиктэр, тыыннар, эҥин араас ыарыы, дьаҥ биһиги испитигэр киирсэрэ буолуой?! Дьэ ону сибиэһэй салгынынан тыынан, анаан дьарыктанан ыраастыахтаахпыт. Буор куту, хааны-сиини киртитэн, ыаратан, ыарытыннаран кэбиспэт туһугар. Салгын кут мөлтөөбөтүн туһугар.

      Итинтэн сиэттэрэн тыын диэн өйдөбүлү эмиэ ылан көрүөҕүҥ. Киһи орто дойдуга олорорун тухары тулалыыр эйгэтигэр тыынын тарҕатар, иҥэрэр. Бу – кини анала.

      Туох барыта тыыннаах. Ол аата бэйэтин иһигэр хамсыы-имсии турар эйгэлээх. Киһи эмиэ туһунан тыыннаах, аныгылыы эттэххэ, информационнай эйгэлээх – ону сахалыы быһаччы «тыын», «салгын кут» диэн ааттыыбыт. Тоҕо диэтэххэ, хас биирдии киһи олоҕу бэйэтин көрүүтүнэн ылынар буолан, эйгэтин онон толорон биэрэр. Эн эҕирийэн ылар салгыныҥ искэр киирэн ол эйгэҕин, салгын куккун кытта холбоһор уонна таска тахсан тарҕанар. Элбэх киһи биир санааҕа кэллэҕинэ – биир тыыннанар, олорор сирин-уотун ол тыынынан толорор. Ону аныгылыы «эгрегор» диэн ааттыыллар. Ол айылҕа ыраас тыына буолбатах, киһи айбыт тыына.

      Конец ознакомительного фрагмента.

      Текст предоставлен ООО «Литрес».

      Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на Литрес.

      Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного