Название | Төрүт ньыманан ис кыаххын арый |
---|---|
Автор произведения | Кулан хан |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-6647-6 |
Күндү ааҕааччы! Бу кинигэни илиигэр ылаҥҥын кыаххын арынаргар, буола турар быһыыга-майгыга бэриммэккэ, өбүгэлэргин утумнаан чөл олохтоох буоларгар ыҥырабыт. Аах, туһан, сыта-тура сыымайдаа.
Билиибин-көрүүбүн бар дьоммор аныыбын
Билиҥҥи үйэҕэ доруобуйа, ис турук саамай улахан суолталаах. Чэгиэн, чиҥ-чиргэл туруктаах эрэ киһи олоҕун астына, дуоһуйа олорор.
Олохпутугар цифровизация балысханнык киирэн, аныгы тиэхиньикэни туһаммат киһи суоҕун кэриэтэ. Биһиги биир күҥҥэ көрөр-истэр информациябыт өбүгэбит олоҕун устата да кыайан ситэн билбэт билиитэ буолуон сөп. Өй-мэйии улаханнык ноҕуруускаланан, туох баар эт-сиин кыаҕын бэйэтигэр иҥэринэр. Онтон сылтаан ис кыах уонна эт-сиин амньырыыр, мөлтүүр.
Сорох киһи улахан үөрэҕэ суох буолан баран, бэйэтин сатабылынан, бигэ туругун кыаҕынан олоҕун оҥостор, уйгутун-быйаҥын уһансар. Тас билиигэ эрэ буолбакка, сатабылга эмиэ болҕомто уурар кэм кэллэ. Ол аата билиҥҥи киһи, бастатан туран, бигэ туруктаах (стрессоустойчивый) уонна сатабыллаах (практичный) буолара ирдэнэр. Куруук илии иһигэр баар Интернет бэлэм билиитигэр-көрүүтүгэр найыланар киһи толкуйдуур дьоҕура мөлтүүр, өйүгэр эргитэн-урбатан сатаан сылыктаабат, анаарбат буолар. Наар дьону үтүктэн эбэтэр быраабыланан, ыйыынан-кэрдиинэн эрэ сирдэтэн оҥоро үөрэммит сатабыла суох буолар, толкуйа сыппыыр.
Киһи бэлэмҥэ, сылааска олус түргэнник үөрэнэр уонна сыыйа дьиҥнээх олохтон, айылҕаттан тэйэн санаа хаата буолар. Онтон куота сатаан, виртуальнай эйгэҕэ түргэнник ылларар, араас социальнай ситимнэргэ уһуннук олорор идэлэнэр.
Билиҥҥи киһи үгүс кыһалҕата уонна ыарыылара санаатын, майгытын-сигилитин кытта быһаччы сибээстээхтэр. Ол курдук, санааҕа ылларбыт, ол аата наар биир кыһалҕаны эргитэн аҕалан толкуйдуу сылдьар киһи иһигэр бүгэн хаалар, олохтон тэйэр, айар-тутар күүһэ сарбыллар. Оннук түгэҥҥэ хайаан да бэйэни бэйэ илиитигэр ылан, дьарыктанан арыллыахха наада.
Наһаа бэлэмҥэ сылдьан, айылҕаны кытта алтыспат буоллубут. Айылҕа күүһэ киһини күннээҕи түбүгүттэн босхолуур. Бэйэбит төрөөбүт дойдубут сирэ-уота ураты салгыннаах, ыраас тыыннаах, сүрэҕи-быары арыйар айылҕалаах, бөҕө туруктуур сүдү күүстээх. Сахабыт сирэ тыйыс буолан, тыыннаах буолар туһугар куруук өрө мөхсөн кэлбит норуоппут. Онон сылааска, бэлэмҥэ саха этэ-сиинэ улугуран хаалар. Өскөтүн мас мастаабат, муус таспат, оһох оттубат, сүөһү-сылгы көрбөт үксүн олорор үлэлээх дьон кэккэтигэр киирсэр буоллаххына, чөл буолар туһугар күннэтэ дьарыктаныахтааххын. Ону таһынан, саха дьоно бука бары сиэри-туому, итэҕэли тутуһуохтаахпыт. Ол аата эти-сиини эрэ буолбакка, куту-сүрү эмиэ бөҕөргөтөргө дьаныардаах буолуохтаахпыт.
Айылҕабыт тэрийэр тоҕоостоох усулуобуйатын мүччү туппакка, көрөн-истэн кэмигэр сөпкө туһаныахтаахпыт. Олохпут-дьаһахпыт урут айылҕаттан улахан тутулуктаах эбит буоллаҕына, билиҥҥи киһи тэйэн, аны тутулуга суох курдук сананар. Дьиҥэ, ити сыыһа, тутах толкуй. Айылҕа айбыт оҕолорун син биир бэйэтин илиитин иһиттэн таһаарбат. Ону кэмиттэн кэмигэр син биир көрдөрөр…
Аны туран, оҕолорбут төлөпүөҥҥэ, тэлэбиисэргэ, көмпүүтэргэ олус убаннылар. Бу төрөппүт инникини ырыҥалаабатыттан, уһуну-киэҥи толкуйдаабатыттан эбэтэр көннөрү сүрэҕэ суоҕуттан тахсар көстүү. Оҕо сөбүлүүр мультиктарын эбэтэр көмпүүтэр оонньууларын кытта бүгэн баран сылдьар, ол оннугар төрөппүтүн аралдьыппат. Билигин урукку курдук буолбатах, оҕону иитэргэ, хамсатарга кинини кытта бодьуустаһар ирдэнэр буолла. Үгүс төрөппүт онно бэлэмэ суоҕа көһүннэ.
Өссө биир куһаҕана баар, ити эйгэбит барыта атын омук тылынан буолан, оҕолорбут көрдөрөн туран бэйэлэрин тылларын сүтэрэн эрэллэр. Оннооҕор биир даҕаны нуучча тыллаах атаҕа үктэммэтэх тэйиччи сытар кыракый нэһилиэктэр оҕолоро ийэ тылларын умналлара баар суол. Ол иһин суһаллык мультфильмнары тылбаастаан, сахалыы тыыннаан-эйгэлээн оҥорор билиҥҥи кэм уталыппат ирдэбилэ буолла.
Оҕону саха төрүт дьарыгар сыһыарыы: ынах, сылгы көрдөрүү, оттотуу – аа-дьуо сүтэн, аччаан эрэр. Бу айылҕабыт урукку тутулун сүтэриититтэн тахсар. Мин санаабар, туризм ити хайысхаҕа күүскэ үлэлиэх кэриҥнээх. Хамсаныыны-имсэниини таһынан сиэрбитин, тылбытын-өспүтүн умнумуоҕуҥ.
Урут олох дьаалытынан бэйэтэ устан иһэрэ, ону кытта оҕону иитии эмиэ улахан болҕомтону эрэйбэт этэ. Оттон билигин киһи ис-иһиттэн ылсан ыччаттарын хамсаныыга, эти-сиини эрчийиигэ, көрүнүүгэ, бэйэтин тыыныгар иитиигэ болҕомто уурдаҕына эрэ сатанар кэмнэрэ кэллилэр.
Бу суруйуу төрдүн-төрүөтүн өйдөөн, төрөөбүт төрүт сирбит сөҕүмэр күүһүн туһанан бэйэ ис кыаҕын арыныы, таска таһаарыы – бу кинигэм сүрүн сыала-соруга.
Ис турук мөлтүүр, күүһүрэр төрүөтэ
Ис турук – киһи барҕа баайа.
Ис турук бөҕө буолара, бастатан туран, киһи мындыр өйүттэн, айылҕа сокуоннарын сөпкө өйдүүрүттэн улахан тутулуктаах; иккиһинэн