Итэҕэл уонна ыраастаныы. Кулан хан

Читать онлайн.
Название Итэҕэл уонна ыраастаныы
Автор произведения Кулан хан
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6672-8



Скачать книгу

сэрэхэдийбэт, кэтэх санаата суох, аһаҕас, олоҕу кэрэхсиир, тыыппалаах, көҥүл турук быһыытынан. Таптыыбын диэн баран уйадыйан мөлтөөн хаалбыт турук диэн өйдөөмөҥ.

      Бастатан туран, дьоҥҥо, олоххо таптал баар буолуохтаах. Тоҕо диэтэххэ эрэнэр, итэҕэйэр эрэ киһи таптыан сөп. Оттон дьоҥҥо эрэнии – бу бэйэ күүһүгэр, айылҕа тулхадыйбат кырдьыктаах тутулугар эрэнии. Эрэнии уонна эрэйии диэн букатын тус-туспа өйдөбүллээхтэрин араарыах тустаахпыт. Эрэнэр киһи эрэллээх буолар, оттон эрэйэр киһи эрэйгэ тиксэр. Хаһан да, туохха да ис буолбат, кимиэхэ да эрэммэт киһи эрэйэ элбэх буолар. Билигин аан дойду дьоно бары кэриэтэ өй суолун тутуһаллар. Ол үтүөҕэ тиэрдибэт. Тоҥ киһи киһитийэр кыаҕа суох. Сири-дойдуну иччилээн бүтэр, туһанарын эрэ билэр «потребитель» таһымыгар түһэр. Айылҕаҕа оннук киһи туһата суох. Ол иһин аҕыйах ахсааннаах да буоллар, улахан тыыннаах норуот айылҕаҕа ордук сыаналанар.

      Сотору кэминэн саамай улахан «валюта» махтал буолуоҕа. Киһи аймах балысханнык айаннаан иһэр суолун хайысхатын уларыппатаҕына, сылаас тыын дэҥҥэ көстүөҕэ. Дьиктитэ, тоҥ сайдыы туохха барытыгар өтөн киирдэ. Бэл диэтэр, хоту ыраах ыстаадаҕа, түҥ тайҕаҕа олохтоох булчуттарга тиийдэххэ кытта тыйыс тыын кыттыгаһа биллэр. Айылҕа талан ылаары, соруйан, киһи аймаҕы оннук турукка киллэрдэҕэ. Ол иһин даҕаны дьон ахсаана олус элбээтэҕэ. Кырдьык, саха итэҕэлин сурукка тиһэн киллэрэр олус уустук, ол суруллубуту өйдүүр өссө уустук. Ол да буоллар билигин киһи аймах айылҕа итэҕэлигэр – саха итэҕэлигэр төннөн эрэр. Дириҥник хорутан саныыр санаалаах дьон омук аайы үксээн эрэллэр. Ол аата айылҕа бэйэтин быыһанар суолун син биир эргитэн аҕалар эбит. Туох да буолбутун иннигэр сиргэ олох салҕаныаҕа, киһи обургу араас усулуобуйаҕа үөрэнэн өлбөт суолун булуоҕа.

      Дьиҥ итэҕэл уонна религия

      Бу орто туруу-бараан дойду олоҕор киһи араас турукка киирэн тахсар, үгүс быһыыны-майгыны көрсөр. Онуоха сахалыы мындыр көрүүлээх киһи сааһыран истэҕин ахсын тас эйгэни кытта ис туругун ситимнээн, бэйэтэ сылыктаан сөптөөх суолу тутуһар.

      Киһи туругун ыһар, баттыыр кэмэлдьилэр – хомолто, хом санаа, ордук санааһын, кырык, иҥсэ, о.д.а. Куттала диэн, бу кэмэлдьилэр өбүгэ саҕаттан саҕыллан, удьуор утумунан кэнчээри ыччакка эмиэ бэриллиэхтэрин сөп. Өскөтүн өбүгэлэриҥ баттаммыт-атаҕастаммыт буоллахтарына, хомолто бэйэтин оборчотугар хас эмэ көлүөнэни хам ылыан сөп. Итинтэн тахсарга араас ньыма баар. Хомолтоҕо ылларбыт киһи куруук кыыһыра, уордайа сылдьар, олохтон астыммат. Оттон айылҕа тутулун өйдүүр киһи «уордайдахпына, кыыһырдахпына, салгыны хамсаттахпына, бэйэбэр, оҕолорбор эргийэн кэлиэ» диэн туттунар, дьаарханар, көрүнэр-истинэр. Ол сиэринэн саха киһитэ бэйэтэ сылыктыыр, саҥата суох ис-иһигэр элбэҕи киллэрэн аһардар, айылҕа тутулун билэ сатыыр.

      Айылҕа олоҕо – эргиир. Барыта эргийэ турар тутуллаах. Ону билэр дьиҥ итэҕэллээх киһи куһаҕан, хараҥа тыыны айартан туттунар буолар. Ким билэ-билэ тус бэйэтигэр хараҥаны тарда сатыай?! Оттон дьиҥ итэҕэлэ